Казахтар олоҥхону сэҥээрдилэр
Казахстаҥҥа Саха Сирин күннэрин чэрчитинэн Астанаҕа К.Куанышбаев аатынан музыкальнай-драматическай тыйаатырга Олоҥхо тыйаатыра Н.П. Бурнашев-Боодьоҕос «Кыыс Дэбилийэ» олоҥхотун көрдөрдө.
«Бүгүн Казахстан национальнай түмэлигэр норуот прикладной ускуустубатын быыстапкатын аһыллыыта буолбута. Саала иһэ тобус-толору, ол аата биһиги өрөспүүбүлүкэбит култууратын, саха норуотун туһунан интэриэс баарын туоһулуур. Өссө сэбиэскэй кэм саҕаттан биһиги култуурабыт диэйэтэллэрэ, ааттаах-суоллаах артыыстар кэлэн, Саха сирин ускуустубатын, култууратын көрдөрө кэлэллэрэ. Биһиги ол үгэһи бүгүн салгыыбыт», — диэн көрөөччүлэргэ анаан СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирэ Афанасий Ноев санаатын үллэһиннэ.
Көрөөччүлэр Арассыыйа уонна Саха сирэ норуодунай артыыскатын, режиссер Степанида Борисованы сылаастык көрүстүлэр уонна Олоҥхо тыйаатырын артыыстарын оруолларын үрдүктүк сыаналаатылар.
«Саха сирин тыйаатырын эйгэтин тус бэйэм үчүгэйдик билэбин. Былырыын биһиэхэ бэстибээлгэ Ньурба улууһун тыйаатыра ыалдьыттаабыта. Бүгүн биһиги Степанида Борисова туруоруутунан ааттаах үчүгэй испэктээги көрдүбүт. Биһиги кинини олус ытыктыыбыт. Саха национальнай мифологията олус интэриэһинэй. Төһө даҕаны тылбааһа суох буоллар, сыанаҕа туох буола турарын киһи тута өйдүүр. Онон олус астынан тыйаатыр саалатыттан таҕыстым», — Акмолинскай уобалаһынааҕы нуучча драматическай тыйаатырын дириэктэрэ Бейбит Бахтыгереев санаатын үллэһиннэ.
«Муусукаҕа тыл даҕаны наадата суох. Муусуканы киһи көрөр уонна сүрэҕинэн истэр. Испэктээги олус астынным. Көрөөччү быһыытынан аан бастакыбын ураты, саха норуотун эпоһын киэҥ далайыгар умустум», — диэн Астана олохтооҕо Салтанат Миннебаева санаатын үллэһиннэ.
Ульяна Захарова.