Астанаҕа идэтийбит артыыстар, оттон Дьокуускайга норуот талааннара «Ньургун Боотур» операны көрдөрдүлэр
Бу күннэргэ Дьокуускай куоракка бүлүүлэр норуот күүһүнэн турбут «Ньургун Боотур» операны Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырын үрдүк сыанатыгар көрдөрбүт эбит буоллахтарына, ыраах Казахстан Астана куоратын 700-тэн тахса миэстэлээх «Астана Балет» тыйаатырыгар Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырын 200-чэкэ артыыһа кыттыылаах “Ньургун Боотур” операны нууччалыы тылбааһынан көрдүлэр.
1940, 1947, 1957 «Ньургун Боотур» ( реж. В. Местников), 1977 ( реж. Ф. Потапов), 1993 (реж. А. Борисов), 2007 (реж. П.Неустроев) сылларга тура сылдьыбыт «Ньургун Боотур» операны 2002 сыллаахха Саха АССР 100 сылынан Андрей Борисов саҥардан туруорбута. Санкт-Петербург Мариинскай уонна Москва Большой тыйаатырдарыгар көрдөрбүттэрэ. Ол операны аан бастаан тас дойду көрөөччүтүгэр билиһиннэрдилэр.
— Бу көннөрү опера буолбатах. Биһиги планетабыт айыллыытын, үтүө уонна кырыктаах санаа күөн көрсүһүүтүн туһунан норуот уус-уран тылынан хоһуйуутун эпоһа. Хотугу түүр норуотун символа биһиги бырааттыы норуоттарбыт доҕордоһууларын бөҕөргөтүөҕэ, — диэн казах норуотугар санаатын тиэртэ Ил Дархан Айсен Николаев.
Сантан эттэххэ, Казахстаҥҥа Саха Сирин күннэрэ буолан аастылар. «Ньургун Боотур» операны Кыргызстаҥҥа эмиэ көрдөрүөхтэрэ.