Олоҥхобут инникилээх - Сайт Олонхо
Главная / События / Олоҥхобут инникилээх

Олоҥхобут инникилээх

Итинник диэн илдьит социальнай ситиминэн тарҕанна. Видеотун арыйан көрбүтүм — улахан киһи сахалыы хомуһуолун кэтэн олорон олоҥхолуур оҕо эбит.

Аата Сайдам Алексеев диэн. Үс саастаах. Уус Алдан улууһун Тумулугар олорор эбит.

Кинини ким да анаан үөрэппэтэх. Бэйэтэ ютубу көрөн үтүктэр эбит. Аны оонньууругар ойуун уонна алгысчыт буолар үһү. Чороону кытыйаны сэҥээрэр, онон балаҕан туттарар эбит.

Сахалыы куттаах оҕо норуотун ааттатар киһи буолуо дии саныыбыт.

Поделитесь этой страницей