Олоҥхо дьиэтин үлэһиттэрэ - Казахстаҥҥа - Сайт Олонхо
Главная / События / Олоҥхо дьиэтин үлэһиттэрэ - Казахстаҥҥа

Олоҥхо дьиэтин үлэһиттэрэ — Казахстаҥҥа

Казахстаҥҥа Саха Өрөспүүбүлүкэтин күннэрэ муус устар 18-24 күннэригэр буола турар.

Бү күннэргэ дэлэгээссийэ Астана, Алматы, Петропавловскай куораттарынан саха култууратын үгэстэрин көрдөрөллөр. Бэлиэтээн эттэххэ, биир ситимҥэ киирбит өрөспүүбүлүкэ Олоҥхотун дьиэлэрин үлэһиттэрэ тас дойдуга аан маҥнайгытларын айаннаатылар.

Сунтаартан С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан Норуот айымньытын кииниттэн дириэктэр Алексей Дмитрьевич Седалищев, фольклорга исписэлииһэ Туяра Аркадьевна Алексеева, В.С. Николаев аатынан Норуодунай тыйаатыр салайааччыта Екатерина Афанасьевна Григорьева көхтөөхтүк кытта сылдьаллар.

Казах омук мусукаалынай үстүрүмүөннэрин 1980 сыллаахха тэриллибит Ылхас аатынан түмэлигэр ыалдьыттаатылар. Олоҥхо дьиэтин исписэлиистэрэ ырыаны-тойугу, улуу олоҥхону, төрүт дорҕоону кырыымпаны, хомуһу, оһуокай түһүлгэтин үрдүк таһымнаахтык көрдөрөн, элбэх көрөөччү биһирэбилин ыллылар.


Саха төрүт култууратын, өбүгэ төрүт үгэстэрин илдьэ сылдьарбытын көрөн сөхтүлэр, сэргээтилэр, махталларын биллэрдилэр.
Сунтаар Олоҥхо дойдутун аатыттан Сэргэй Сибиэрэп киинин салайааччыта Седалищев Алексей Дмитрьевич аан дойду таһымнаах маастар, хомус ууһа Василий Александрович Уаров хомуһун үөрүүлээх быһыыга-майгыга түмэлгэ бэлэх уунна.

Туяра Алексеева,

Кыыл Уолун киинин фольклорга исписэлииһэ, СӨ култууратын туйгуна

Поделитесь этой страницей