Олоҥхо дьиэлэрин үлэһиттэрэ саха фольклорун билиһиннэрдилэр
Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин Алматы куоратыгар ыытыллыбыт Саха сирин күннэрин бырагырааматыгар Амма, Уус Алдан, Нам, Мэҥэ Хаҥалас, Үөһээ Бүлүү, Сунтаар улуустарыттан Олоҥхо дьиэлэрин үлэһиттэрэ, олоҥхону толорооччулар, оһуокайдьыттар, алгысчыттар, норуот маастардара кыттыыны ыллылар.
Муус устар 21 күнүгэр Алматы куоракка Ыхлас аатынан муусука үстүрүмүөннэрин түмэлигэр «Аан дойду эпостара ‒ Казахстаҥҥа» көрсүһүүлэрэ ыытылынна. Тэрээһини биир дойдулаахпыт Спиридон Григорьев-Илгэлээх Испиридиэн сахалыы алгыһынан арыйда. Саха норуотун тылынан баайын олоҥхону олоҕурбут ньыманан Мэҥэ Хаҥаластан Аксиния Степанова, Станислав Иванов, Сунтаартан Туяра Алексеева, Амматтан Анна Кириллина, Игорь Болтунов, Намтан Владимир Сыромятников толордулар. Көрсүһүүгэ Казахстан манасчылара кытыннылар.
Мустубут дьон сэҥээриитин ылбыт тэрээһини Айта Васильева, Спиридон Григорьев иилээн-саҕалаан ыыттылар. Бэйэлэрин эҕэрдэ тылларын СӨ Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын вице-спикерэ, Олоҥхо национальнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Афанасий Ноев, Ыхлас аатынан норуоттар муусука үнүстүрүмүөннэрин түмэлин салайааччыта Джанибек Баурджан Узбекалиевич эҕэрдэлээтилэр.
Гавриил Колесов аатынан Олонхо дьиэтин салайааччыта Евдокия Иванова бииргэ алтыһан үлэлиир, эпостары дириҥник үөрэтэр, ырытар ытыктыыр учуонайбытыгар, Аль Фараби аатынан Казахскай национальнай университет профессорыгар, Чынгыс Айтматов аатынан дойдулар икки ардыларынааҕы академия академигар, филологическай наука докторыгар Анарбай Саиуглы Булдыбайга өйдөбүнньүк суруктаах чороону туттарда.
Анарбай Саиуглы 1982 с. биһиги биир дойдулаахпыт, РФ үтүөлээх, Саха АССР норуодунай артыыһа Гавриил Колесов бэлэхтээбит «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олонхо пластинкатын уонна хаартыскалары Афанасий Ноевка, Евдокия Ивановаҕа туттарда.
Истиҥ көрсүһүү, үтүө доҕордоһуу киэһэтэ оһуокайынан түмүктэннэ.
«Эркээйи» хаһыат