Олоҥхо ыһыаҕын тутууларын бэс ыйыгар түмүктүүр былааннаахтар
Амма култууратын эйгэтигэр кэнники уонча сылга саамай күүтүүлээх, кэтэһиилээх, долгутуулаах тэрээһининэн бэс ыйын 19-21 күннэригэр ыһыллар Олоҥхо ыһыаҕа буолар. Онно бэлэмнэнии үлэ бары хайысхаларынан олус тэтимнээхтик, күннэтэ барар.
Биир сүрүн болҕомто тутууга ууруллар. И.А. Швердин аатынан Амматааҕы култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар уопсайа 19 саҥа эбийиэк үлэҕэ киириэхтээх. Уопсайа 123 мөл. солк. тахса суумалаах тутуу хаамыытын улуус баһылыга Степан Кузьмин тус хонтуруолугар тутар.
Сынньалаҥ паркатыгар билигин 40-тан тахса киһилээх 6 биригээдэ тэҥинэн үлэлиир. Графиктан хаалыы суох. Вячеслав Яроев салайааччылаах “Уран” дизайн-устуудьуйа биригэдьиирэ Василий Яроев сабаҕалааһынынан, тутуулар бэс ыйын 15 күнүгэр толору түмүктэниэхтэрэ.
—Сир куурдаҕына, сотору кэминэн тэрилтэлэр, олохтоохтор күүстэринэн күүстээх субуотунньуктар саҕаланыахтара. Күрүө-хаһаа уларыйыа, регламеҥҥа киирбэтэх күрэх ыытыллар өссө биэс түһүлгэтэ тутуллуохтаах. Ону таһынан тупсарыы, уу сүүрэр ханаабата, “Олоҥхо ыллыга” аллея оҥоһуллуохтара. Онон үлэбит өссө да элбэх. Маннык улахан, киэҥ Олоҥхо ыһыаҕын тэрийии улууска дэҥ кэриэтэ бэриллэр эппиэтинэстээх үлэ. Онно Аммабыт дьоно-сэргэтэ бүттүүн кыттыһаннар ыһыаҕы олус үрдүк таһымҥа ыытарга көмө буолуохтара диэн эрэнэбит, — диэн баһылыгы тутууга, инфраструктура сайдыытыгар солбуйааччы Виктор Смирников билиһиннэрдэ.