Олоҥхо ыһыаҕын түһүлгэтин тутан-оҥорон бүтэрэн эрэллэр
Ыам ыйын 17 күнүгэр Амма улууһугар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр кэмитиэт мунньахтаата. СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников ыһыах ыһыллар сирин, тутууну кэрийэ сылдьан көрдө-иһиттэ, бырагырааманы сиһилии билистэ.
Сергей Местников: «Бүгүн биһиги Амма улууһугар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр кэмитиэтин мунньаҕын ыыттыбыт. Манна күн бастакы аҥаарыгар ыһыах түһүлгэтигэр тутулла турар үлэ хаамыытын билистибит. Маны ортотунан сыаналаатахха, 70 бырыһыан туолбут. Билигин бу хаалбыт кэмҥэ ситэриллэн, Олоҥхо ыһыаҕа бэс ыйын 20-21 күннэригэр ыытыллыаҕа. Улахан мэһэйдэр, ыарахаттар суохтар. Бэс ыйын 10-с чыыһылаларыгар улахан үлэ-хамнас бүтүөҕэ.
Итиэннэ култуурунай чаас тула, суол-иис, дьону түһэрэр, аһатар боппуруостары дьүүллэстибит. Аммаҕа ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕа биир үрдүк таһымнаах уонна элбэх кыттааччылаах ыһыах буолуоҕа диэн сабаҕалыыбыт. Амма улууһа кэрэ айылҕалаах, ытык сирдэрдээх, өрүстээх, онон дьон сэргэ үөрэ-көтө ыалдьыттыа дии саныыбыт. Бары өттүгэр бэлэм булуохтаахпыт. Улуус дьаһалтата уонна олохтоох нэһилиэнньэ күүскэ бэлэмнэнэр», — диэн этэр.