Сэбиэскэй кэмҥэ саха олоҥхотун чыпчаалга таһаарбыта - Сайт Олонхо
Главная / Журнал / Сэбиэскэй кэмҥэ саха олоҥхотун чыпчаалга таһаарбыта

Сэбиэскэй кэмҥэ саха олоҥхотун чыпчаалга таһаарбыта

Албан аатырбыт олоҥхоһут, норуот ырыаһыта, саха ырыатын-тойугун киэҥ араҥаҕа таһаарбыт Устин Гаврильевич Нохсоороп 117 сааһын томточчу туолла.


Устин Гаврильевич Нохсоороп 1907 сыл ыам ыйын 27 (эргэ истиилинэн ыам ыйын 4) күнүгэр Абаҕа нэһилиэгэр Гаврил Данилович уонна Варвара Кузьминична Нохсоровтар дьиэ кэргэннэригэр бастакы оҕонон төрөөбүт.  Табалаах алааска көҥүл көччүйэн, ыллаан-туойан, Кыыс Амма ыраас уутугар сөтүөлээн, эт-хаан өттүнэн ситэн-хотон тахсыбыта.

Үстүүн Нохсоороп оҕо эрдэҕиттэн олоҥхо эйгэтигэр биһиктэнэн улааппыта. Эһэтэ Тырык Кууһума чугас эргин ыалларыгар олоҥхоһут быһыытынан биллэрэ. Үстүүн оҕо эрдэҕиттэн эһэтин олоҥхотун олус умсугуйа, сэҥээрэ, сэргии улааппыта. Ону таһынан эһэтиттэн тугу истибитин сонно тута ыалларын оҕолоругар сүрдээх хомоҕойдук ыллаан-туойан, хоһуйан иһитиннэрэрэ. Ол курдук кини, атын ырыаһыттар, тойуксуттар, олоҥхоһуттар эппиттэрин-тыыммыттарын истэн, бэйэтин истээччилэригэр уустаан-ураннаан тиэрдэр улахан дьоҕурдааҕа.  Үстүүн Нохсоороп олоҥхолуур дьарыгын Амма аатырбыт олоҥхоһута Тимофей Васильевич  Захаров – Чээбийдиин көрсүөҕүттэн ордук күүскэ сайыннарбыта. Оччотооҕу кэмҥэ ойуун, удаҕан, араас мэнэрик элбэҕэ. Аатырбыт – сураҕырбыт улахан ойуун Николай Николаевич Протасов-  Быратааһап ойуун Абаҕаҕа кэлэн уонча хонук устата ыараһахтаах ыалларга сылдьан кыырбыт. Быратааһап ойуун, Үстүүнү ыҥыран ылан, истиҥник кэпсэппит, инники дьылҕатын, улахан моһоллорго түбэһэ сылдьыаҕын, ол эрээри, кэнэҕэс Москубаҕа тиийэ биллэр улуу ырыаһыт, тойуксут буолуоҕун уот харахха эппит. Ойуун итинник төлкөлөөһүнэ Устин уолга сирдиир сулус буолбут.

Устин 1927 сылтан саҕалаан, Абаҕа нэһилиэгэр сэкирэтээринэн, Табалаах тыа хаһаайыстыбатын артыалыгар суруксут, барабылынньа чилиэнин быһыытынан үлэлээбитэ. Салайар үлэҕэ көхтөөх, эдэр киһини партия чилиэнинэн ылаллар. Ол кэннэ, 1934 – 1937 сылларга, Аммаҕа хомсомуол сэкирэтээринэн талыллан, үлэ – хамнас үөһүгэр сылдьыбыта, оройуон кэмитиэтигэр партия кабинетын сэбиэдиссэйинэн өрө таһаарыллыбыта. Устин Нохсоороп партия обкомун сынньанар дьиэтигэр Былатыан Ойуунускайы кытары бииргэ сынньаммытын туохтааҕар да күндүтүк саныыра. Онно Ойуунускай Нохсооробу кытары олоҥхону суруйууга дуогабар түһэрсибитэ. Бу Устин Гаврильевич тылын-өһүн, ууһун-уранын эгэлгэтин үрдүктүк сыаналааһынын туоһута.  Устин Гаврильевич ити олугун толорон биир сыл иһигэр “Сылгы уола Дыырай Бэргэн” олоҥхону суруйбута.

1946 сыллаахха Москваҕа Улуу Кыайыы өрөгөйдөөх бырааһынньыгар аналлаах улахан концертка Саха сириттэн кыттыыны ылбыта. Устин Гаврильевич Москваҕа тиийбитэ ССРС араас норуоттарыттан 78 талааннаах киһи мустубуттар. Кинилэртэн хамыыһыйа кэнсиэргэ 13 киһини сүүмэрдээбитэ. Ол иһигэр  Нохсооробу маҥнайгынан киллэрбиттэрэ. Кини “Улуу Кыайыы” диэн тойугун сэҥээрэ, сэргии истибиттэрэ — көрбүттэрэ. Ыллаан-туойан бүтүүтүгэр Сталин бэйэтинэн сценаҕа тахсан, Устин Нохсоороп талааныгар сүгүрүйэн, илии тутуһан махталын биллэрбитэ.

1948  сыллаахха “Үөрүү ырыата” диэн хомуурунньуга, ситэтэ да суох буоллар, тахсыбыта. Оһуокайа уонна олоҥхоттон быһа тардыы ырыалара грампластинкаҕа суруллубуттара. Амма улууһугар Олоҥхо сылын чэрчитинэн, Устин Гаврильевич Нохсоров төрөөбүтэ 117 сылын көрсө Абаҕатааҕы норуот тыйаатыра “Сылгы уола Дыырай Бэргэн” олоҥхо-дьүһүйүүнү Амма улууһун дьонугар-сэргэтигэр бэлэх буолан үрдүк сыанаҕа турда. Олоҥхону Абаҕатааҕы норуот тыйаатырын режиссера Евгения Попова бэйэтин көрүүтүнэн ситэрэн-хоторон туруоран, үгүс киһи сэҥээриитин, махталын ылла.

Ити курдук Устин Гаврильевич бэйэтин олус кылгас үйэтигэр дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө, элэккэй сыһыанынан, ыраас суобаһынан, саха тыллаах ырыатын-тойугун, олоҥхотун арааһын, эриэккэс кэрэ сүмэтин чыпчаалга тириэрпитэ. Бу орто туруу дойдуга чаҕылхай сулус курдук күлүм-тырым гынан ааспыта.

Юлия ЯКОВЛЕВА.

Поделитесь этой страницей