“Нуоҕалдьын кугас аттаах Тойон Дьаҕарыма” олоҥхонон ыһыах ыстылар
Алгыстаах Аммабытыгар Олоҥхо ыһыаҕа буолара чугаһаатар чугаһаан иһэр. Сардааналаах кырдалбытыгар, дьэдьэннээх халдьаайыбытыгар, самаан сайын сатыылаан турдаҕына, бу үөрүүлээх күммүтүтүгэр үөрүүбүтүн үллэстэ, ыалдьыттары көрсүөхпүт. Билигин бэлэмнэнии үгэнэ буола турар.
Амма улууһугар Олоҥхо сылын чэрчитинэн, Эмис орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, учууталлара, үлэһиттэрэ туора турбакка, биир санаанан үлэлээн-үөрэнэн кэллибит: ол курдук үөрэх дьылын түмүктүүр күммүтүгэр, саха норуодунай суруйааччыта Владимир Михайлович Новиков — Күннүк Уурастыырап оҕо сааһа көрүлээн ааспыт көмүс Саппыйатыгар кини суруйбут “Нуоҕалдьын кугас аттаах Тойон Дьаҕарыма” олоҥхотунан испэктээги оскуола кэлэктиибэ уонна оҕолор туруоран, нэһилиэкпит дьонугар, меценаттарга көрдөрөн сөхтөрдүбүт, буолаары турар олоҥхо ыһыаҕар бэлэх оҥордубут.
Бу олоҥхо испэктээк биир уратытынан бухатыырдар атынан киириилэрэ, аттары сүүрдүү буолла. Мин билэрбинэн, бухатыыр аттара сүүрүүлээх олоҥхо Күннүк Уурастыырап “Тойон Дьаҕарыматыгар” баар.
Аттары Николай Васильевич уонна Маргарита Гаврильевна Уваровтар уларсыбыттара. Олус сымнаҕас, ыҥыырга, көлүллэ үөрүйэх сылгылар. Кыыстара Лариса ыһыах буолар кэмигэр акка хатааһылатан, оҕо-аймах да, улахан да дьон астыннылар.
Ыһыахпыт биир түгэнэ — сыллата ыытыллар, сыл устата үөрэххэ, араас таһымнаах олимпиадаларга, научнай-практическай конференцияларга, спортивнай күрэхтэһиилэргэ үрдүк таһымнаах, ситиһиилээх үөрэнээччилэрбитин чиэстиир “Өрөһөй түгэнэнигэр” анаммыта.
Оҕолорбут ситиһиилэрэ, үөрэтэр-такайар учууталларын сыралаах үлэлэрин түмүгэ буолар. Маны таба көрөн, өйүүр, көх-нэм буолар, ыччаттар инникилэрин төлкөлүүр истиҥ, үтүө санаалаах меценаттарбытыгар махтал бастыҥын этэбит. Онтон өрөгөйдөммүт оҕолор, оскуолаҕыт, нэһилиэккит аатын ааттата, чиэһин көмүскүү туруҥ! Бу күн Саппыйа алааска оһуохай, тойук дьиэрэйдэ, күүстээхтэр, сымсалар, хапсаҕайдьыттар илин-кэлин түһүстүлэр, атынан сүүрдэн иһэн ох саанан ытыы күрэҕэ олус умсугутуулаах этэ.
Оскуолабыбыт уолаттара күүстээх дьарыктаахтарын, кыайыыга дьулуурдарын көрдөрдүлэр. Ыһыахтан бары астынан, дуоһуйан, сайыҥҥы сынньалаҥҥа тарҕастыбыт.
Сайыҥҥы күн барахсан сүрэх нарын иэйиитин, өй-санаа сааһыланыытын, дууһа уоскулаҥын аҕаллын айанньыт былыттар уйгуну түстээтиннэр, аргысбылыттар быйаҥы билгэлээтиннэр, Алгыстаах Аммабытыгар буолар Олоҥхо ыһыаҕа дьон-аймах уйан кутун өй дуораана буолан аймаатын, кырыымпаны кытта ылластын, хомус тыаһын кытта холбостун.
Алёна Гаврильева, Эмис орто оскуолатын VII кылааһын үөрэнээччитэ.