Мэҥэ Хаҥаласка «Үйэлээҕи үксэтэр, кэскиллээҕи кэҥэтэр” улуустааҕы Олоҥхо ыһыаҕа - Сайт Олонхо
Главная / События / Мэҥэ Хаҥаласка «Үйэлээҕи үксэтэр, кэскиллээҕи кэҥэтэр” улуустааҕы Олоҥхо ыһыаҕа

Мэҥэ Хаҥаласка «Үйэлээҕи үксэтэр, кэскиллээҕи кэҥэтэр” улуустааҕы Олоҥхо ыһыаҕа

Бэс ыйын 11-12 күннэригэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун  Хара нэһилиэгэр XII төгүлүн ыытыллар  «Үйэлээҕи үксэтэр, кэскиллээҕи кэҥэтэр” Олоҥхо ыһыаҕар  үгэс буолбут  “Ойор күннээх орто дойдуну хоһуйдахпыт буоллун” олоҥхо күрэһэ ыытылынна. Олоҥхо күрэһэр улахан дьоҥҥо биирдиилээн олоҥхону толорооччуларга Дьокуускайтан, Тааттаттан, Мэҥэ Хаҥаластан 13 олоҥхону толорооччу, Дьокуускайтан 7 бөлөх, Дьаҥхаадыттан, Аллараа Бэстээхтэн, Майаттан, оҕолорго 7 кырачаан олоҥхону толорооччу, икки дьиэ кэргэн уонна түөрт  бөлөх кытынна.

Дьүүллүүр сүбэҕэ СӨ Олоҥхо киинин научнай үлэһитэ, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, СӨ Олоҥхо Ассоциациятын вице бэрэсидьиэнэ Елена Протодьяконова, СӨ Олоҥхо киинин научнай үлэһитэ Ульяна Флегонтова, Аграфена Макарова аатынан Култуура уонна ускуустуба коллеһын преподавателэ Александра Васильева, «Кэрэли» оҕону эбии үөрэхтээһин киинин олоҥхоҕо уһуйааччы Анастасия Слепцова үлэлэстилэр.

Оҕолорго дьүүллүүр сүбэҕэ СӨ Олоҥхо киинин сүрүн үлэһитэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Муҥха олоҥхото» бырайыак ааптара Зоя Сысолятина, Аллараа Бэстээх “Сказка” оҕо уһуйаанын  фольклорга уһуйааччы, олоҥхону чинчийээччи, үөрэтээччи Мария Герасимова, Майа сэлиэнньэтин “Мичил” оҕо уһуйаанын олоҥхоҕо уһуйааччыта Евдокия Иванова үлэлэстэ.

Икки күн  устата Хара нэһилиэгэр олоҥхо дуорайда. Улахан дьон күрэстэригэр “Түөлбэ олоҥхотун толорооччу” анал ааты Дьаҥхаады нэһилиэгиттэн Марфа Аммосова, “Төрүт үгэһи тутааччы” анал ааты Томтор нэһилиэгиттэн Петр Тихонов ыллылар.

Олоҥхону биирдиилээн толорууга бастакы үрдэли Аксинья Степанова Аллараа Бэстээхтэн ылла. Иккис үрдэлгэ Таатта улууһуттан Людмила Цой таҕыста. Үһүс үрдэлгэ Хаатылыматтан Гаврил Спиридонов таҕыста.

Бөлөхтөргө “Истээччи биһирэбилэ” анал ааты Дьокуускайтан  “Алаһа дьоҕура” бөлөх (салайааччы Л.И.Платонова), Майаттан “Айыллыат” бөлөх (салайааччы Е.П.Семенова) ыллылар. Бастакы үрдэли “Дьаҥхаады олоҥхоһуттара” (салайааччы А.Н.Верховцева), иккиһи Аллараа Бэстээхтэн “Айыллыы” (А.Н. Степанова), үсүһү Дьаҥхаады нэһилиэгиттэн «Оллоон» бөлөх (салайааччы А.Н.Верховцева) ыллылар.

Дьиэ кэргэнинэн олоҥхону толорууга бастакы үрдэли Майаттан Кривошапкиннар дьиэ кэргэн, иккиһи Дьаҥхаады нэһилиэгиттэн Верховцевтар дьиэ кэргэн бөлөҕө ылары ситистэ.

Оҕолорго биирдиилээн толорууга бастакы үрдэлгэ Аллараа Бэстээхтэн 6 кылаас үөрэнээччитэ Күннэй Дмитриева (салайааччы А.Н.Степанова),  иккискэ Төхтүртэн 7 саастаах Мичийэ Пономарева (салайааччы А.Н.Верховцева), үһүскэ Майаттан 4 кылаас үөрэнээччитэ Айдын Жирков аатаннылар. Бөлөҕүнэн толорууга бастакы үрдэл Майаттан 7 саастаах “Мичил” уһуйаан оҕолоро (салайааччы Е.П.Иванова), иккискэ Бөкөттөн Саина Избекова, Айыллаан Пивоваров, үһүскэ Лоомтукаттан “Сарыал” бөлөх (салайааччы В.В. Никифоров, М.П.Аргунова) таҕыстылар.  Кыайыылаахтарга улууспут биллиилээх олоҥхоһуттарын сыдьааннара, Ытык олоҥхону толорооччулар туруорбут анал бириистэрэ туттарылынна.

Олоҥхоһут Кынат аатынан анал бирииһи Тараҕай нэһилиэгин кэскиллээх олоҥхону толорооччута Галина Зыкова тутта. ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Николай Абрамов‒Кынат аатынан анал бирииһи Кынат сыдьааннара, аймахтара туруордулар.

Тоҥ Суорун анал  бирииһэ Майа сэлиэнньэтиттэн олоҥхону толорооччу Заредина Сосинаҕа туттарылынна. ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Иннокентий Бурнашев‒Тоҥ Суорун аатынан анал бирииһи Г.А.Сосина дьиэ кэргэнэ туруорда.

Ноорой  аатынан анал бириис Аллараа Бэстээх бөһүөлэгин олоҥхону толорооччута Александра Поповаҕа ананна. ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Николай Степанов‒Ноорой  аатынан анал бирииһи Ноорой  сыдьааннара, аймахтара туруордулар.

Мыланыыскай аатынан анал бириис Дьаҥхаады нэһилиэгиттэн Айталина Верховцеваҕа туттарылынна. Биллиилээх олоҥхоһут П.Г.Романов‒Мыланыыскай аатынан анал бирииһи Мыланыыскай сыдьааннара, аймахтара анаатылар.

Ытык олоҥхоһут, РФ үтүөлээх мэхэньисээтэрэ Аркадий Михайлович Захаров анал бирииһин Майа сэлиэнньэтиттэн Анна Ильина тутта.

Ытык олоҥхоһут Петр Максимович Тихонов анал бирииһин Дьокуускайтан Александра Романова тутта.

“Сахатранснефтегаз” Мэҥэ Хаҥаластааҕы учаастак  салайааччыта Анастасия Федорова туруорбут анал бирииһэ Дьокуускайтан ыалдьыкка Валентина Соколоваҕа ананна.

“Магистраль” тэрилтэ туруорбут бирииһэ Тиэлиги нэһилиэгиттэн  Анастасия Потаповаҕа бэрилиннэ.

Олоҥхону толоруу муҥутуур “Кылаан чыпчаал” үрдүк аата  1-кы Тыыллыма нэһилиэгиттэн олоҥхону толорооччу Виталий Никифоров ананна. Киниэхэ 50 000 суумалаах сэртипикээт туттарылынна.

«Саргылаах сахам мааны таҥаһа» саха таҥаһын көрүү күөн күрэскэ бастакы үрдэли Хаптаҕайтан Ефремовтар дьиэ кэргэн, Дьокуускайтан Романовтар дьиэ кэргэн ыллылар. Иккис үрдэли Майа сэлиэнньэтиттэн Александра Павлова уонна Оконешниковтар дьиэ кэргэн буоллулар. Үһүс үрдэлгэ Хара нэһилиэгиттэн Павловтар дьиэ кэргэн уонна Айталина Николаева  ааттаннылар. «Удьуор утум» анал ааты Хараттан Ларионовтар, “Хотугу норуоттар таҥастара” ‒ Майаттан Светлана Охлопкова, “Кыракый кыттааччылар” ‒ Хаҥалас улууһун Булгунньахтаах нэһилиэгиттэн кэлбит ыалдьыттар Юля, Артем Анастасовтар ыллылар.

«Үрүҥ тунах үөрүүтүгэр ыллыаҕыҥ-туойуоҕуҥ, чабырҕахтаан чаҕаарыаҕыҥ» саха норуотун уус-уран айымньыларыгар куонкуруска “Айар Кут” анал аат Догдоҥо нэһилиэгиттэн Николай Новгородовка иҥэрилиннэ. «Удьуор утумун тутааччы» Бүтэйдээхтэн Прокопьевтар дьиэ кэргэҥҥэ, “Ылбаҕай ырыаһыттар” Аллараа Бэстээхтэн “Айыллыы” бөлөх, “Үгэһи салҕааччы” ‒ Дьокуускайтан  Александра Романова, Марфа Шишигина, Валентина Соколова, “Көхтөөх кыттааччылар” ‒ Дьокуускай куораттан “Алаһа Дьоҕура” бөлөх ыллылар.

Чабырҕахха бастакы үрдэли Бүтэйдээх нэһилиэгиттэн “Дьүөгэлиилэр” бөлөх (салайааччы Анастасия Матвеева), иккиһи Майа сэлиэнньэтиттэн “Чугдаар” бөлөх (салайааччы Ульяна Ефремова, Валентина Кривошапкина), үсүһү  Төхтүрэн “Тэтим” бөлөх (салайааччы Айталина Верховцева) ыллылар.

Тойукка бастакы үрдэл Дьокуускайтан Людмила Семеноваҕа, иккис Төхтүртэн Марфа Аммосоваҕа, үһүс Амма улууһуттан Надежда Дьяконоваҕа туттарылынна.

Норуот ырыатын толорууга бастакы үрдэли Тараҕай нэһилиэгиттэн «Кылыһах» фольклор бөлөҕө (салайааччы Галина Зыкова), иккиһи Майаттан Ульяна Ефремова, үсүһү Тараҕай нэһилиэгиттэн Нарыйаана Николаева ылары ситистилэр.

Улуу олоҥхоһуттар ааттара ааттанна, анал бириистэр туттарылыннылар, сылы быһа бэлэмнэммит олоҥхону толорооччуларбыт, бары кыттаачылар олоҥхо күрэһэр кыттан, илии тутуурдаах бардылар.

Поделитесь этой страницей