Аммалар эһиилги Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэллэр
Олоҥхо ыһыаҕа 2024 сылга Амма улууһугар буолара былааннанар.
Бэлэмнэнии үлэтэ номнуо саҕаламмытын СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан Амма оройуонугар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр кэмитиэт састааба бигэргэтиллибитэ.
Сүбэ мунньаҕы СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников салайан ыытта.
Оробуочай бөлөх тэрээһиннэр ыытыллыахтаах эбийиэктэрин миэстэтигэр тиийэн көрдө-иһиттэ. Ыһыаҕы ыытарга сүрүн былаһаакканан Култуура уонна сынньалаҥ паарката буолар.
Күүтүүлээх ыһыах хайдах ыытыллара, өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустар бырайыактара торумнаммыттар. Сүрүн режиссерунан СӨ судаарыстыбаннай циркэтин дириэктэрэ Сергей Расторгуев бигэргэтиллибит. Улуус нэһилиэктэригэр эспэдииссийэ чинчийэр үлэлэрэ ыытыллыбыттар. Ол түмүгүнэн «Фольклор Амгинского улуса: традиции и современность» диэн кинигэ бэлэмнэниллэр. Амма олоҥхоһуттарын кинигэтин таһаарар соруктаахтар. Онтон да атын былаан элбэҕэ этилиннэ.
Быйыл Амма уонна Мэҥэ Хаҥалас, ону сэргэ Амма уонна Чурапчы сирдэрин-уоттарын икки ардыларыгар баар стелалары өрөмүөннүөхтэрэ. «Кыыс Амма» искибиэргэ хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыа. Олоҥхо ыһыаҕар анаммыт арт-эбийиэк тутуутун саҕалыахтара.
Сүбэ мунньахха Олоҥхо ыһыаҕар сиэр-туом ыытыллар сирдэрин тутуу, тэрээһин кыттыылаахтарын түһэрэр уонна аһатар сирдэр, тэрээһин ыытыллар кэмигэр эбийиэктэри уотунан-күөһүнэн хааччыйыы боппуруостарыгар, о.д.а. тохтоотулар.
Манна даҕатан эттэххэ, Олоҥхо ыһыаҕа быйыл Өймөкөөн улууһугар от ыйын саҥатыгар ыытыллар.
“Амма олоҕо” хаһыат хаартыскалара