Чурапчыттан олоҥхону 53 толорооччу кыттар - Сайт Олонхо
Главная / События / Чурапчыттан олоҥхону 53 толорооччу кыттар

Чурапчыттан олоҥхону 53 толорооччу кыттар

Быйылгы өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа бэс ыйын 20-21 күннэригэр Амма улууһугар “Саҥарар саҥам сататын сабаҕалаан, этэр тылым эгэлгэтин эридьиэстээн” диэн ааттанан ыытыллыаҕа.

Чурапчы улууһуттан ыһыахха кыттааччылардыын, тэрийээччилэрдиин барыта 240-ча кэриҥэ киһи бараары тэринэ сылдьар.

“Айылгы” НАДь улахан саалатыгар кыттааччылар, тэрийээччилэр сүбэ мунньахтаатылар. Мунньаҕы улуустааҕы култуура салалтатын начаалынньыга Петр Гуляев сүрүннээтэ.

Тырааныспар, аһылык, хонор сир боппуруостара көрүлүннүлэр уонна бэлэмнэнии  хайдах баран иһэрин кэпсэтистилэр.

“53 олоҥхону толорооччу, 16 оһуохайдьыт, 23 чабырҕахсыт, 12 хомусчут, 15 кырыымпаһыт, 11 тимир ууһа, 5 мас ууһа, 1 ох саанан ытааччы, 35 таҥас-сап уонна кыл уустара, 26 спортсмен кытта бараары бэлэмнэнэллэр.

Олоҥхоҕо бэлэмнэнии үчүгэй, ситиһиилэр бааллар. Улахан дьоҥҥо Анатолий Христофоров, саҥа олоҥхоһут Юрий Толстоухов, ыччаттарга Анатолий Захаров о.д.а араас таһымнаах күрэххэ кыттан ситиһиилэннилэр.  Оҕолорго улуус, өрөспүүбүлүкэ күөн күрэстэригэр ситиһиилэммит Хайахсыттан Айыына Евграфова, Хатылыттан Кристина Максимова, Чурапчыттан Туйгууна Павлова, Болтоҥоттон Сайаан Максимов, Чакыртан ини-бии Роберт, Тима Макаровтар кыттыахтара. “Айылгы” норуот айымньытын дьиэтиттэн Марианна Диодорова салайааччылаах саҥа бөлөх баар. Одьулуунтан 9 эр киһи олоҥхону толорор ураты нүөмэри бэлэмнии сылдьаллар. Дьиэ кэргэнинэн кыттыыга  Евдокия уонна Петр Калачевтар сиэннэрин, уолаттарын илдьэ барыахтара. Бэйэлэрин кэмнэригэр Калачевтар дьиэ кэргэннэрэ диэн Арассыыйаҕа тиийэ биллибит ансаамбыл, онон билигин хат сөргүтүллэн кыттыахтара. Дмитрий Попов салайааччылаах “Кыл кырыымпа” ансаамбыл тэрилиннэ,  бары да талааннаах дьон түмүстүлэр. Саамай элбэх кыттааччы Чакыр нэһилиэгиттэн барар, бэлэмнэммиттэрэ ыраатта. Оһуохайдьыт Семен Морфунов, уустартан Ольга Седалищева, олоҥхону толорооччу Николай Григорьев курдук үс стипендиаппытын илдьэ барабыт. Кыттааччылар хас да көрүҥҥэ кытталлар. Холобур Валерий Корякин дэгэрэҥ ырыаҕа уонна кырыымпаҕа кыттыаҕа. Ити курдук бэлэмнэнии бара турар”, — диэн Олоҥхо киинин исписэлииһэ Валерий Герасимов сырдатар.

«Бу бөлөх анаан-минээн Олоҥхо ыһыаҕар диэн сыалланан үөскээбитэ.Бастакы холонуубутун Оһуохай күнүгэр тахсан боруобалаабыппыт. Уус-уран салайааччыбыт Чакыртан Сардана Макарова буолар. Бастакы холонуу кэнниттэн кырыымпаҕа дьоҕурдаах дьону эбии хомуйарга диэн кэпсэттибит. Бэлэмнэнии үчүгэй”, — диэн “Кыл кырыымпа” салайааччыта Дмитрий Попов билиһиннэрэр.

Елена Макаринская

Поделитесь этой страницей