Норуот күүһэ олоҥхо бухатыырын күүһүн тэҥэ
Амма улууһун нэһилиэктэрэ баһылыга Степан Кузьмин:
— Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии икки сыл инниттэн күүскэ барбыта. Нэһилиэктэр бары көхтөөхтүк кыттан, ким да туора турбакка, үлэлээтилэр. Ыһыахха диэн 3 тыһыынча олбоҕу тигэн, 6 килэмиэтир ситиини хатан киллэрдилэр.
Маны тэҥэ саҥа тутууларга, субуотунньуктарга, көҕөрдүүгэ, култуура тэрээһиннэригэр, ыалдьыттары көрсүүгэ, аһатыыга, түһэриигэ бары ылсан үлэлии сылдьаллар. Онон дьоммор-сэргэбэр махтанабын, ыһыах этэҥҥэ ааһыа диэн эрэнэбин, — диэн эттэ.
Поделитесь этой страницей