Олоҥхоһуттар ырыаларын кыҥкыната кырыымпалаатылар
Олоҥхо быйылгы ыһыаҕын уратыта — 111 киһи тэҥинэн кыл кырыымпаҕа оонньообута буолар.
Саха кырыымпатын киэҥ эйгэҕэ таһаарбыт «Кыл Саха» этно-бөлөх салайааччыта Анна Томская Амма Бөтүҥүттэн төрүттээх. Кини көҕүлээһининэн, Муона Чараҥа диэн сиргэ 111 киһи кырыымпаҕа оонньоото. Бу үстүрүмүөннэрин икки сыл устата Амма уустара оҥорбуттара.
Кырыымпаһыттар Амма аатырбыт олоҥхоһуттара Чээбий уонна Үстүүн Нохсоороп ырыаларын матыыптарын тыаһаттылар.
Поделитесь этой страницей