Куукуланан олоҥхо-испэктээк - Сайт Олонхо
Главная / События / Куукуланан олоҥхо-испэктээк

Куукуланан олоҥхо-испэктээк

Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы үнүстүүтүн устудьуоннара Күннүк Уурастыырап  «Нуоралдьын кугас аттаах Тойон Дьаҕарыма Бухатыыр» олоҥхотун куукулаларынан көрдөрдүлэр.

Кинилэр бу туруорууларын туһунан сырдатан турабыт. Дипломнай үлэ быһыытынан, куукулаларын барытын бэйэлэрэ оҥорон бэлэмнээбиттэрэ. Бэркэ саҥардаллар уонна туойаллар. Тыыннаах доҕуһуолунан киэргэтэн, сонун испэктээги бэлэхтээтилэр.

Дьон-сэргэ олус сэҥээрдэ. Чуолаан оҕо аймах кэрэхсээтэ.

Поделитесь этой страницей