Ытык дуоҕа анньылынна — Олоҥхо ыһыаҕын түһүлгэтэ аһылынна
Амма улууһугар «Саҥарар саҥам сататын сабаҕалааҥ, этэр тылым эгэлгэтин эридьиэстээҥ» Олоҥхо ыһыаҕа ыһыллар күүтүүлээх кэмэ тиийэн кэллэ.
Бу иннинэ былытынан бүрүллэн соҥуоран турбут мэҥэ халлаан кытта үөрбүттүү сырдык саһарҕанан, үтүөкэннээх күлүм күнүнэн ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттары хатаҕалыы көрүстэ.
Айгыр-силик айылҕабыт саамай тупсан турар кэмигэр, бэс ыйын 20 күнүгэр, Алгыстаах Амма Муона Чараҥар күөххэ үктэнэр, үрүҥ күннүүн алтыһар Олоҥхо Үрүҥ тунах ыһыаҕа ыһылынна.
Чэчиринэн симэммит, ситии саламанан ситэриллибит, симэхтээх аттарынан төгүрүтүллүбүт Тойон түһүлгэ иннэ да түһэр сирэ суох гына Амма ыһыаҕын сэҥээрээччилэринэн туолла. Үтүмэн үйэлэртэн үһүйүллэн, үөскээн, үүнэн кэлбит үтүө үгэспит — Айыылары айхаллыыр Улуу Тунахха, уйгулаах сайыҥҥа Улуу Олоҥхобу уруйдаах ыһыаҕын ыһар, сиэри ситэрэр, туому тутуһар ытык күҥҥэ ойуу-дьарҕаа оһуорун аспыт кэрэ-манны Амма төбүрүөннээх түһүлгэтигэр төлкөнү түстэһэ мааны майгылаах дьон-сэргэ үтүөтэ мустубутун көрөр эриэккэһиэн, астыгыан.
Кыл тыаһыгар көтөхсөн, ат иҥэрсийэр долгунугар олорсон, аммалыы тойук дуорааныгар уйдаран 27 арчыһыт кэрэлэрэ боҕуруоскай оту, тоҕус толуу эр дьон түптэни унаарданнар төбүрүөнү түстүүргэ, түһүлгэни төрүттүүргэ Айыылартан ааттаһар, иччилэртэн көрдөһөр аартык суолун арыйдылар
.
Ону кытта хомоҕой хомус, кылыһах кырыымпа «Дьээ-буо» матыыбынаан сиэттиһэн Ил Дархан Айсен Николаев, Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин 13 олоҥхоһуттарга арыаллатан Тойон түһүлгэҕэ киирэр Дархан Олоххо аастылар.
Аммаҕа ыһыллар Олоҥхо ыһыаҕын ытык-мааны ыҥырыылаах ыалдьыттарынан бүгүн СӨ Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньаҕын бэрэссэдээтэлин маҥнайгы солбуйааччы, Олоҥхо икки уон сылын бэлиэтээһини тэрийэр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков,СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Аммаҕа ыытыллар олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Сергей Местников, өрөспүүбүлүкэ улуустарын баһылыктара, Амма улууһун нэһилиэктэрин баһылыктара буоллулар.
Үрүҥ күн оройго тыгыыта, Муона чараҥар 111 кырыымпаһыт аммалыы матыыптарыгар дугунан Күн Дьөһөгөй Айыы оҕотугар сүгүрүйүү, алгыс сиэрэ-туома тутуһулунна. Дьон сүһүөхтэригэр туран илиилэрин өрө уунан нөрүөн нөргүйэн алгыс ыллылар. Түөрэхпит олордо, төлкөбүт түстэннэ, Айыы аймаҕа алгыһынан айхалланна, тоҕус сиринэн томторҕо ойуулаах чороон, сэттэ сиринэн кэрдиис ойуулаах кэриэн ымыйа кэккэлэстилэр. Ол кэннэ Айыы ойууна көмөлөһөөччүлэринэн арыаллатан ыһыах Ытык дуоҕатын Ил Дархан Айсен Николаевка туттара. Аҕыс хаттыгастаах аламай маҥан халлаан алын өттүгэр анаанайыллан үөскээбит Амма Эбэ алгыстаах алааһыгар Муона чараҥар Улуу Олоҥхобут уйгулаах ыһыаҕын Ытык Дуоҕатын туруорар ымыылаах түгэнэ, кэмэ-кэрдииһэ кэллэ! Олоҥхо ыһыаҕын ытык түһүлгэтэ аһылынна!
Аммаҕа ыһыллар Олоҥхо ыһыаҕын аһыллыытын сиэрэ-туома ураты, кэрэхсэбиллээх буолла. Сергей Расторгуев салайааччылаах Саха цииркэтин артыыстара, акробаттара, жонглердара клоуннара, гимнастара кыттыылаах Үстүүн Нохсоороп «Сыанаканан сыһыылаах, холуопканан хонуулаах, сылгы-сүөһү оҕото Дыырай Бэргэн» олоҥхотунан театрализованнай көстүүнү олус киэргэттилэр.
«Амма олоҕо» хаһыат.