«Амма фольклора» кинигэ таҕыста
«Амма фольклора» кинигэҕэ урукку сылларга хомуллан араас источниктарга бэчээттэммит норуот тылынан уус-уран айымньылара уонна Амма улууһугар ыытыллыбыт ХИФУ Олоҥхо научнай-чинчийэр институтун фольклорнай экспедициятын матырыйааллара – үһүйээннэр, номохтор, уос номоҕо буолбут кэпсээннэр, Амма оһуохайын уратытын туһунан ахтыылар, Амма улууһугар үөскүү сылдьыбыт олоҥхоһуттар тустарынан сибидиэнньэлэр хомуллан киирдилэр.
Кинигэ фольклору чинчийээччилэргэ, уһуйааччыларга, устудьуоннарга уонна ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.
Поделитесь этой страницей