Олоҥхону тиһэх күнүгэр диэри туруулаһан…
Арассыыйа үтүөлээх механизатора, Мэҥэ Хаҥалас улууһун ытык олохтооҕо, саха биллиилээх тойуксута, саха олоҥхотун, оһуохайын, түҥ былыргы төрүт үгэстэрин утумнаабыт, омук тыыннаах буолар үгэстэрин олоҕун тиһэх күннэригэр диэри харыстыы, бүөбэйдэһэ, тарҕата-тэнитэ сатыы сылдьыбыт киһинэн Аркадий Михайлович Захаров этэ.
Чэпчэкитэ суох дьылҕалаах саха омуга өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит ытык үгэстэрэ, Аркадий Михайлович курдук дьон баар буолан, үгүс ыар үйэлэргэ сүтэн-симэлийэн, умнуллан хаалбакка, күн бүгүнүгэр диэри тиийэн кэлбитэ. Сүүһүнэн, тыһыынчанан ааттара биллэр уонна биллибэт улуу дьоҕурдаах сөргүтээччилэр, утумнааччылар, салҕааччылар баар буолан, саха омук төрүт үгэстэрин тыыннаах илдьэ хаалбыта уонна бүгүҥҥү күҥҥэ аар-саарга ааттатта, бүтүн Аан дойду норуоттарын биһирэбилигэр, билиниитигэр таһаарда.
Саха төрүт үгэһэ, олоҥхото, оһуохайа, тойуга, саха хомуһа, саха ыһыаҕа бииртэн биир туохтан да тутулуга, иҥнигэһэ суох, көҥүл ыралаах, көҥүл дьоҕурдаах дьонноох буоламмыт, киһи аймах бүттүүнүн билиниитигэр тиийдэ, өтөр-наар өлбөт-сүппэт, умнуллубат үйэлэннэ.
Аркадий Михайлович — саха омугун ытык дьоҕурдаах дьонун чээрэтэ, кинилэр уһун тыыннарын утума, улуу дьоҕурдарын илдьитэ. Оннук буола да туруоҕа. Саха омугар улуу Кээмпэс, Табаахырап, Куохайаан, Чээбий, Олоҥхоһут Миитэрэй, Бөҕө Уола, Тоҥ Суорун, Ноорой, Боодьоҕос, Кынат, Килээпир, Дьаралыктаах, Бэдьээлэ, Нам Күөлэһэбэ, Куутук, Уот Хойостоон, Наара Суох, Кыыл Уола курдуктар үөскүү туралларын тухары, кинилэр утумнарын салҕааччылар баар буола туралларын тухары саха төрүт үгэһэ, саха тыына, саха олоҕо, саха кэскилэ кэхтиэ, симэлийиэ суоҕа, ордук сайдан, кыаҕыран, кэҥээн, тэнийэн иһиэҕэ.
Аркадий Михайлович саха олоҕун утумнуур Олоҥхо ыһыаҕар бэйэтэ баҕатыйан, эрдэттэн бэлэмнэнэн, өбүгэлэрбит этэллэринии, ох курдук оҥостон, тэринэн, бастыҥ баҕа санаатын, бар дьонугар, кэнэҕэски кэнчээри ыччатыгар алгыстаах ыра тойугун илдьэ ытык Амма сиригэр тиийбитэ. Олоҥхо ыһыаҕын маанылаах ыалдьыта буолбута. Ил Дархан, Олоҥхо ыһыаҕын бастыҥ түһүлгэлэригэр күүтүүлээх, ыҥырыылаах ытык сандалыга олорбута, тапталлаах Сахатын сиригэр, төрөөбүт сахатын норуотугар, бар дьонугар-сэргэтигэр бастыҥ алгыһын анаабыта.
Саха омук ытык үгэстэрин үрдүккэ туппут, кэнэҕэски ыччат дьоҥҥо чөл тириэрдэргэ үйэтин тухары дьулуспут ытык киһибит, тус бэйэм хаарыан аҕа доҕорум, сүбэһитим, үтүөкэн үлэһит, улахан дьиэ кэргэн тапталлаах аҕа баһылыга, саха маанылаах киһитэ Захаров Аркадий Михайлович үтүө аата, дьоһун сураҕа биир дойдулаахтарын, саха тыыннаах бар дьон өйүгэр-санаатыгар махталлаах, хайҕаллаах тылларынан өрүү ааттана, ахтылла туруохтун.
Александр Жирков, норуот дьокутаата,
Ил Дархан иһинэн Олоҥхо тэрийэр кэмитиэтин салайааччыта.