Чээбий олоҥхотун 100-тэн тахса киһи ааҕан турар - Сайт Олонхо
Главная / События / Чээбий олоҥхотун 100-тэн тахса киһи ааҕан турар

Чээбий олоҥхотун 100-тэн тахса киһи ааҕан турар

Олоҥхо ыһыаҕар Тимофей Захаров-Чээбий «Ала Булкун Бухатыыр» олоҥхотун уһун тыыннаах ааҕыы марафонугар 100-тэн тахса киһи аахпыта.

Бу үгэс иллэрээ сыл, Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо ыһыаҕар үөскээбитэ. Саха АССР 100 сылыгар 100 киһи аахпыта.

Быйыл бу тэрээһин үһүс сылын ыытыллар. Амма биллэр олоҥхоһуттара Тимофей Захаров-Чээбий, Екатерина Захарова, Күннүк Уурастыырап, Мэлэк Мэхээлэ, Устин Нохсоров сыдьааннара анаан кэлэн аахпыттара кэрэхсэбиллээх.

Бастакы күн күнүс 2 чаастан киэһэ 7 чааска диэри, иккис күн сарсыарда 10-тан күнүс 2 чааска диэри аахтылар. Эрдэ улуустарга биллэрии ыытан, сайаапка хомуйбуттара, онон кимнээх ааҕаллара биллэр этэ. Ол үрдүнэн, ааҕыан баҕалаах дьон эбии кэлэн, суруйтаран аахтылар, онон кыттааччы ахсаана 100-тэн лаппа таҕыста.

Бу тэрээһини Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллар улууһун киин бибилэтиэкэтэ тэрийэн ыытар. Марафон бүппүтүн кэннэ, Күннүк Уурастыырап аатынан Амматааҕы киин бибилэ­тиэкэ дириэктэрэ Прокопий Прокопьев эһиил Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллыахтаах Нерюнгри оройуонун киин бибилэтиэкэтин үлэһитигэр анал бэлиэни туттарда. Онон эһиил нерюнгрилэр тэрийэн ыыталлар.

— Дьон наһаа сэҥээрэр, баҕалаах эбит. Биир киһи 5-тии мүнүүтэ аахта. Тута хаартыскаҕа түһэрэн, үйэтитэн истибит, сэртипикээт биэрэбит. Онон Олоҥхо ыһыаҕын кыттааччыта буола түһэллэр. Инникитин кинигэ таһаарар былааннаахпыт, — диэн Амматааҕы киин бибилэтиэкэ ааҕааччыны кытта үлэлиир салаатын сэбиэдиссэйэ Елизавета Сидорова кэпсээтэ.

Ангелина Васильева

Поделитесь этой страницей