Муона чараҥар Олоҥхо ыһыаҕын түмүктэрин таһаардылар - Сайт Олонхо
Главная / События / Муона чараҥар Олоҥхо ыһыаҕын түмүктэрин таһаардылар

Муона чараҥар Олоҥхо ыһыаҕын түмүктэрин таһаардылар

Муона чараҥар В.И.  Швердин аатынан пааркаҕа аны улуус дьаһалтата ыһыах тэрээһиннээхтик барыытыгар күүс-көмө буолбут дьоҥҥо бэйэтин махталын тириэрдэр бэлиэ түгэнэ буолан ааста.


Бэлиэ түгэҥҥэ мустубут дьон соторутааҕыта эрэ ыһыах ыһыллыбыт сиригэр бэртээхэй тутуулары көрө-астына, хайдах-туох ыһыах ааспытын ырытыһан, чахчы да, ыытыллыбыт үлэттэн астынан, бэйэ-бэйэлэригэр махталларын тириэртилэр.

“Кэлбит ыалдьыт эрэ барыта ыһыахтан үөрэн-көтөн, баһыыбалаан барбыта – бу барыта аммалар түмсүүлээх үлэбит түмүгэ” диэн улуус баһылыга Степан Кузьмин бэлиэтээтэ уонна: «Тэрээһиннээх ыһыах дьиҥнээх геройдара бу – эһиги буолаҕыт», — диэн туран, сүүрбүт-көппүт дьоҥҥо наҕараадалары туттарда.

Баһылык нэһилиэк баһылыктара бары миэстэтигэр сөптөөх үлэни ыытан, ким да туора турбакка, бары биир сомоҕо буолбуттара, улахан тэрээһини үрдүк таһымҥа ыыттыбыт,  түмсүүлээх буолуу, чахчы да, кыайыылаах буоларын көрдөрдө диэн туран, баһылыктарга барыларыгар Махтал суруктары, сэмэй бэлэхтэри туттарда.

Эҕэрдэ тылларын нэһилиэк баһылыктара эттилэр. Кинилэр эмиэ бэйэлэрин нэһилиэктэрин дьонугар махтанан, бастаан ыарахан курдук этэ эрээри, кэнники күүстээх санааттан барыта табыллан,  наһаа үчүгэй, дьон өйүгэр-санаатыгар хаалар ыһыаҕы ыыппыттарынан астыналларын эттилэр уонна инникитин да бу курдук биир санаанан үлэлиэҕиҥ диэн ыҥырдылар.

Ити курдук эмиэ эҕэрдэ тылларын этэн туран, туһааннаах хайысхаларынан наҕараадалары баһылыгы социальнай боппуруостарга солбуйааччы, улуустааҕы Олоҥхо Ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Ньургуйаана Илларионова, тутууга солбуйааччы Виктор Смирников,  дьаһалта персоналы кытта үлэ сулууспатын салайааччыта  Аграфена Матвеева туттардылар.

Кинилэр бары хас биирдии хайысханан эппиэтинэстээх дьон бэйэлэрин үлэлэрин үчүгэйдик толорон, Аммабытыгар ыһыах тэрээһиннээхтик, умнуллубаттык ааһарыгар бары санааларын ууран туран үлэлээбиттэрин, ол түмүгэр быйылгы  ыһыах сылдьыбыт да, истибит да дьоҥҥо уһун сылларга уос номоҕо буола туруо диэн эттилэр.

“Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт түмүктүүр мунньахха, Ил Түмэн спикерин солбуйааччы, Ил Дархан иһинэн үлэлиир Олоҥхо национальнай киинин дириэктэрэ, 17-с ыһыаҕын ыытар Александр Николаевич Жирков биир тылынан “аммалар маладьыастар” диэн эппитэ биһиэхэ, тэрийээччилэргэ, олус суолталаах. Тоҕо диэтэр кини наһаа ирдэбиллээх. Онон инники бары Олоҥхо ыһыахтарыгар сылдьыбыт, көрбүт киһи, биир да сэмэлиир тыллары эппэтэҕэ — бу ураты.

Уопсайынан да, бу ааспыт түмүктүүр өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйа чилиэннэрэ бары астынан,  олохтоохторго дириҥ махталларын тириэрдибиттэрэ. Бу буоллаҕа эбээт,биир сомоҕо буолан үлэни-хамнаһы ыытар. Онон өссө төгүл, бу сылларга ыһыахха бэлэмнэнэн араас тэрээһиннэри ыыппыт, күүс-көмө буолбут дьоҥҥо, тэрилтэлэргэ дириҥ махталбын тириэрдэбин”, — этэр Ньургуйаана Ивановна.

Бу бэлиэ күҥҥэ ууну, уоту хааччыйбыт, пааркаҕа кэлэр-барар суоллары барытын өрөмүөннээбит тэрилтэлэр үлэһиттэригэр хайҕал тыллара үгүстүк этилиннэ, сүрүн сүүрбүт-көппүт дьон махтал суруктары, наҕараадалары туттулар. Дьэ чахчы да Аммаҕа ыытыллыбыт ыһыах барыларыгар холобур буолан,  үгүс сылларга уостан түспэккэ, “аммалар ыыппыт ыһыахтара” диэн кэпсэлгэ сылдьыа турдаҕа.

“Амма олоҕо” хаһыат

Поделитесь этой страницей