Ил Дархан Олоҥхо ыһыаҕын үрдүктүк сыаналаата
Бүгүн киэһэ Дарханныын” кэпсэтии биэрии буолла. Кэпсэтиигэ Ил Дархан Айсен Николаев Амма улууһугар ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын тэрээһинин үрдүктүк сыаналаата, бэртээхэй үчүгэй ыһыах ааста диэн санаатын тириэртэ.
“Мин ыытыллар Олоҥхо ыһыахтарыгар барытыгар сылдьан кэллим. Ыһыах сылтан сыл тупсан иһэр, таһыма үрдүүр. Аммаҕа ыытыллыбыт ыһыах олус үчүгэй буолла. Аммалар түмсэннэр, сомоҕолоһоннор, сүрдээх үчүгэй ыһыаҕы ыыттылар. Сүрдээх ыраас, сүрдээх тэрээһиннээх буолла, үчүгэй тутуулар оҥоһуллуннулар. Хаһааҥҥытааҕар да тупсаҕай көстүүлээх түһүлгэлэр баар буоллулар. Ол курдук, Уустар түһүлгэлэрэ олус бэрт буолбут. Кыра ахсааннаах норуоттар, нэһилиэктэр түһүлгэлэрэ да буоллун, олоҥхоһуттар түһүлгэлэрин киһи этэ да барбат. Наһаа үчүгэй оҥоһуулаах. Үөрэрим диэн, үгэс буолбут оһуохайбытыгар, хомусчуттарга, олоҥхоһуттарга бэрт элбэх кыттааччы баар буолбут. Икки күн устата толору күрэхтэр бардылар. Бу барыта биһиги Олоҥхо ыһыахтарын ыытыыга ылынар сорукпут туолан иһэрин көрдөрөр. Саамай кылаабынайа, кыттааччыларга эдэр ыччаттарбыт, оҕолорбут элбээбиттэр. Олоҥхоһуттарга да, оһуохайдьыттарга да, тимир да уустарыгар да барытыгар ыччат дьон элбээбитэ киһини үөрдэр. Ол аата биһиги былыргыттан илдьэ кэлбит үгэстэрбитин тилиннэрэммит, киэҥ суолга киллэрэн эрэбит. Ону кытта таһымнара үрдээбитин бэлиэтиибин. Маастардарга сылдьан, быыстапкаларын көрдүм, бэйэлэрин кытта кэпсэттим. Оҥоһуктар хаачыстыбалара олох үчүгэй. Аны биир үөрэ көрбүтүм диэн, маастардар музейдарга баар оҥоһуктары оруобуна оннук түһэрэн оҥорор буолбуттар. Холобура, саптара аныгы сап буолбакка, кылтан, тайах иҥиириттэн, аны матырыйааллара ол бириэмэҕэ туттуллубут матырыйааллартан туттуллубуттар. Ол барыта маастарыстыбаны көрдөрөр. Элбэх хаһан да көрбөтөх интэриэһинэй оҥоһуктарбын көрдүм.
Мин Олоҥхо ыһыахтарыгар сылдьан куруутун тимири уһаарыыга кыттааччыбын, уустарга сылдьан. Бу да сырыыга эмиэ оннук уһаарыстым. Онно дьэ 11 киилэттэн тахса болгуону таһааран, бары да үөрдүбүт. Бу Амма нэһилиэгэр сүүһүнэн сыллар кэннилэриттэн бастакы тимир уһаарыыта.
Аны ыһыах аһыллыыта олох ураты буолла. Маны Сергей Расторгуев режиссердаан, циркэни олоҥхону кытта холбоон, туох да бэртээхэй, интэриэһинэй көстүүнү көрдүбүт. Ыһыахха Москваттан, Кытайтан кэлбит ыалдьыттар наһаа сэргээтилэр. Соһуйдулар. Тыа сиригэр маннык таһымнаах тэрээһиннэри ыытар эбиккит диэн сөҕөн бардылар”, — диэн Айсен Сергеевич Олоҥхо ыһыаҕын туһунан ыйытыыга хоруйдаата.
“Амма олоҕо” хаһыат