Амматтан Абыйга айаннаан
Кэрэ айылҕалаах кыыс Амма сиригэр-уотугар, Муона Чараҥар XVII төгүлүн өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа бэрт сэргэхтик, тэрээһиннээхтик, өрө күүрүүлээхтик буолан ааста.
Улууспут 25 киһилээх дэлэгээссийэтин Аҕа баһылык Владимир Новиков салайан илдьэ сырытта. Дьокускай-Амма-Дьокуускай айанын, Аммаҕа түһэр сири, аһылык ороскуоттарын улуус дьаһалтата үбүлээн сырытыннарбытын кыттааччылар махтана бэлиэтииллэр.
«Саҥарар саҥам сататын сабаҕалааҥ, этэр тылым эгэлгэтин эридьиэстээҥ» XVII өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын түмүгүнэн, Абый улууһун кыттыылаахтара ситиһии үктэллэннилэр.
«Уран иэйии, ойуу-дьарҕаа, талба талаан түһүлгэтэ» туос оҥоһуктар күрэхтэригэр I үрдэли Николай Ефимов ылла уонна 30 000 солкуобай сууммалаах сертификатынан наҕараадаланна. Норуот уус-уран оҥоһуктарын күөн-күрэһин (өбүгэ үгэстэринэн иистэнии) күрэҕэр II үрдэлгэ «Айылгы» түмсүү тигистэ, (салайааччы Галина Габышева) 30 000 солкуобай сууммалаах сертификаты тутта. Норуот уус-уран оҥоһуктарын күөн-күрэһин кылтан-сиэлтэн оҥоһуктарга «Бастыҥ уран оһуор» анал ааты Татьяна Макарова ылары ситистэ уонна 5000 солкуобай сууммалаах сертификат ылла. Норуот уус-уран оҥоһуктарын күөн-күрэһин мастан кыһан оҥорууга «Абылаҥнаах дьүһүйүү» анал ааты Василий Спиридонов ылла, 5000 солкуобайдаах сертификатынан наҕараадаланна. Маны таһынан «За оригинальную композицию» анал аат «Чороон XII век» тэрилтэ (директор С.Т.Попова) Василий Спиридонов–Барҕа Баһылайга туттарда.
«Саҥарар саҥам сататын сабаҕалааҥ, этэр тылым эгэлгэтин эридьиэстээҥ» XVII өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын кыттыылаахтара Татьяна Иванова – тойукка, Аркадий Егоров – оһуохайга, Нюргуяна Унарова, Иннокентий Черемкин – дэгэрэҥ ырыаҕа, Нил-Виктор Дохунаев – хомуска, «Кыраһа» вокальнай ансаамбыл – хотугу норуоттар ырыаларыгар, Евдокия Черемкина – һээдьэҕэ, быыстапкаҕа, дефилеҕа, Альбина Шкулева, Клара Черемкина, Мария Никулина, Снежана Тимофеева уонна Аина Скрябина – норуот уус-уран оҥоһуктарыгар анал дипломнарынан, туоһу суруктарынан наҕараадаланнылар.
Үс күннээх тэрээһин биир тыынынан барда. Маннык улахан тэрээһини ымпыгар-чымпыгар тиийэ барытын учуоттаан, элбэх үлэ барбыта харахха быраҕыллар. Сылдьыбыт киһини, оҕолуун-улаханныын, кыттааччылыын-көрөөччүлүүн, барыларын үөртэ-көтүттэ, дууһаны долгутан манньытта.
Биһиги делегациябытын «Кэнчээри» оҕо уһуйааныгар түһэрэн, онно тото-хана минньигэс аһынан күндүлээн сырытыннарбыттарыгар, дьаһалтабыт баһылыгар Владимир Вадимовичка махталбыт муҥура суох. Итини сэргэ, ыһыах түһүлгэтигэр, Муона Чараҥар, биһиэхэ сыһыарыллыбыт Амма улууһун Амма-Наахара нэһилиэгин салалтатыгар, дьонугар-сэргэтигэр буор-босхо аһатан күндүлээбиттэригэр, ис сүрэхтэн тахсар махтал-баһыыба тылларын этэбит.
Ити курдук, сүрдээх тэрээһиннээхтик, биир сомоҕо буолан кыттан, кыыс Амма кэрэ айылҕатын көрөн, дуоһуйан, астынан дьиэбитигэр төнүннүбүт.
Түгэнинэн туһанан, улууспут аатын чиэстээхтик көмүскээбит бары кыттааччыларга (сорохтор кэтэхтэн) махтал-баһыыба тылларын тиэрдэбит. Төрөөбүт улууспут чэчирии сайдарын туһугар инникитин да, айа-тута, уһанса сылдьалларыгар баҕарабыт!
Абый улууһун култуураҕа салалтата.