Нам улууһугар Мэҥэ Хаҥалас Олоҥхотун дьиэтэ ыалдьыттаата
Арассыыйаҕа фольклор күнүн чэрчитинэн, Мэҥэ Хаҥаластан Гаврил Колесов аатынан Олоҥхо дьиэтэ Нам улууһугар ыалдьыттаата.
Бүгүн П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан Намнааҕы Олоҥхо дьиэтигэр Николай Иванович Степанов-Ноорой сиэнэ Аксиния Степанова, хомус ууһа Роман Иванов-Далан Уус дьиэ кэргэнинээн кэлэн бардылар.
Фольклор күнэ үүммүтүнэн, Далан Уус хомус бэлэх ууммутун Олоҥхо дьиэтин дириэктэрэ Вера Колпашникова кэпсиир. Күндү ыалдьыттарга Туой тойугун маастара, өрөспүүбүлүкэтээҕи кырыымпа күрэҕэр кыайыылааҕа Руслан Захаров Роман Иванов-Далан Ууска кырыымпа бэлэх ууммут уонна Аксиния Степановаҕа, Далан Ууска кырыымпаҕа маастар-кылаас көрдөрбүт.
Харысхан Попов
Поделитесь этой страницей