Ыҥаалар олоҥхонон музыкальнай дьүһүйүүлэрэ
Томпо улууһун Ыҥаа нэһилиэгэр Олоҥхо күнүгэр Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотунан оскуола үөрэнээччилэрэ, төрөппүттэр, учууталлар кыттыылаах музыкальнай дьүһүйүү киэһэтэ буолан ааспыта.
Киэҥ саалаҕа мустубут нэһилиэк олохтоохторо оҕолорун, сиэннэрин толорууларын көрөн астынан, дуоһуйан тарҕаспыттара. Олоҥхо толорооччутунан оскуола 9 кылааһын үөрэнээччитэ Эркин Борисов буолбута. Маҥнайгы кылаастан алтыс кылааска диэри үөрэнээччилэр үрдүк таһымнаахтык оонньообуттара. Сүрүн оруолу толорооччулар Мия Кынтоярова, Алеша Гаврильев, Семен Захаров, Слава Захаров бэйэлэрин оруолларын кыайа-хото толорбуттара.
Светлана Попова, «Томпонский вестник»
Поделитесь этой страницей