“Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун 2 күн толорбута - Сайт Олонхо
Главная / События / “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун 2 күн толорбута

“Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун 2 күн толорбута

Тойукка туойуллубут тоҕус томтордоох Чурапчыга былырыны саас былыргы дьыллар быралыйар быраман мындааларыттан, урукку дьыллар охсуһуулаах улаҕа өттүлэриттэн тиийэн-тиксэн кэлбит, уос номоҕо буолбут улуу Олоҥхобут дьоро күннэрэ буолан ааспыттараылар.

Сахабыт тылын эҥинэ дьикти эгэлгэтин, хомуһунун, сүмэтин-сүөгэйин илдьэ сылдьар, уйулҕаны хамсатар, дууһаны долгутар саха кылыһахтаах тойугун дьүрүскэнэ кутуллубут.

Олоҥхо бу дьоро күннэрин олоҥхону толорооччу Яна Ньургусова уонна кини уһуйааччыта Никандр Прокопьевич Тимофеев бэлэхтээтилэр.

Саас-сааһынан кэпсээтэххэ, маннык. Кинилэр улуустааҕы култуура салалтатын иһинэн үлэлиир Олоҥхо киинин ыҥырыытынан, Дьокуускайтан кэлэн ыалдьыттаатылар. Яна Петровна идэтинэн учуутал, Дьокуускайга анал (коррекционнай) оскуолаҕа үлэлиир. Олоҥхону оҕо эрдэҕиттэн толорор, ситиһиитэ да элбэх. Ол курдук, 2022 сылга Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт 15-с Олоҥхо Ыһыаҕын ыччат ортотугар олоҥхону толорууга Кылаан кыайыылааҕа уонна “Өбүгэ быстыбат ситимэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл хас да төгүллээх кыайыылааҕа. Кини биһиэхэ П.П.Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун 2 күн  толордо. Бастакы күн, күнүс 14.00 чаастан саҕалаан, тохтоон көрбөккө 3 чаас 28 мүнүүтэ, иккис күн, күнүс 12.00 чаастан саҕалаан, 1 чаас 22 мүнүүтэ толордо. Дьиҥэ Яна ити олоҥхону тохтообокко 7 чаастан ордук толорор, ону биһиги көрдөһүүбүтүнэн иккис күнүгэр кылгатта. Дьэ, дьикти-кэрэ толоруу. Олоҥхону истэ, сэргии кэлбит үтүө-мааны дьоммут ис-истэриттэн эттэрин сааһа аһыллан, ийэ куттара иэйэн, өтөр наар истибэтэтэхтэрин иһиттилэр, көрбөтөхтөрүн көрдүлэр. Ол курдук Яна куолаһын кэрэтэ, уран-нарын долгураҥа, араас эгэлгэ куоластаах тойуга, этэр тылын дэгэрэҥэ, эгэлгэтэ барыбытын дууһабытын долгутта, хамнатта. Кэлбит эрэ барыта кэрэхсээтэ, истибит эрэ барыта сэргээтэ. Үөһээ эппитим курдук Яна олоҥхону оҕо эрдэҕиттэн толорор. Оттон олоҥхону барытын уһуннук, толору толорууну Никандр Прокопьевич Тимофеев уһуйуутунан 2018 сылтан саҕалаабыт. Никандр Прокопьевич оҕо-ыччат дьону олоҥхоҕо уһуйууга, олоҥхону тарҕатыыга, үйэтитиигэ Сахабыт сиригэр  биллэр-көстөр  Ытык киһибит буолар.

Төһө да 90 сааһыгар чугаһаатар, билигин даҕаны улуу олоҥхобут туһугар, Олоҥхо Тыйаатырыгар үлэлиир-хамсыыр баҕалаах. Кини Олоҥхо Тыйаатырын эдэр артыыстарын барыларын уһуйбута диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Никандр Прокопьевич Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, култуура туйгуна, спорт бэтэрээнэ, чөл, чэгиэн-чэбдик олоҕу тарҕатааччы буолар. Олоҥхо дьоро күннэрин иккис  күнүгэр Никандр Прокопьевич уонна Яна Петровна сарсыарда 09.00 чаастан 12.00 чааска диэри Чурапчы улууһун олоҥхону толорооччуларыгар, сэҥээрээччилэригэр атах тэпсэн олорон олоҥхону толоруу эҥинэ-дьикти кистэлэҥнэригэр сүбэ-соргу салайдылар, билиилэрин-көрүүлэрин биэрдилэр. Түмүккэ улуус баһылыгын солбуйааччы Мария Кронникова, култуура салалтатыттан Спартак Дьяконов кинилэри истиҥник эҕэрдэлээтилэр, махтаннылар. Оттон икки күн Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун талба талааннаах Яна Ньургусова толоруутугар истибит олоҥхону биһириир, сэргиир, кэрэхсиир, тарҕатар, үйэтитэр

Чурапчыбыт үтүө-мааны  дьонноро дууһалара долгуйбутун, сүрэхтэригэр сөҥмүтүн, эттэригэр иҥмитин туһунан этэн-тыынан, эйэҕэстик эҕэрдэлээтилэр, бастыҥ, сырдык, үтүө баҕа санааларын эттилэр. Бу олоҥхобут дьоро күннэрин тэрийсибит “Арчы” Дьиэтин салайааччытыгар А.Н.Петроваҕа, Аграрнай-техническай колледж дириэктэригэр В.В Гуляевка, култуура салалтатын салайааччытын солбуйааччы А.М.Смирниковаҕа,  дьоһуннаах түһүлгэҕэ көх-нэм буолан көмөлөспүт, сэргээбит, биһирээбит олоҥхону ордорор дьоммутугар уонна биллэн туран мааны ыалдьыттарбытыгар Н.П.Тимофеевка, Я.П Ньургусоваҕа махтанабыт.

Баҕарабыт барыта кэрэни, сындалыйбат, быстыбат, ыалдьыбат чоруун эти-хааны, барҕа баайы, уһун дьоллоох олоҕу! Уруй-Туску буоллун! Айхал-Мичил ананнын!

Валерий ГЕРАСИМОВ, Олоҥхо киинэ, Чурапчы.

Поделитесь этой страницей