«Кэбээйи фольклора» кинигэ - кэнчээри ыччаппытыгар бэртээхэй бэлэх - Сайт Олонхо
Главная / События / «Кэбээйи фольклора» кинигэ - кэнчээри ыччаппытыгар бэртээхэй бэлэх

«Кэбээйи фольклора» кинигэ — кэнчээри ыччаппытыгар бэртээхэй бэлэх

2026 сылга Олоҥхо ыһыаҕа кэбээйи ыытыллар. Онно бэлэмнэнии номнуо саҕаланна. Олоҥхо үнүстүүтүн эспэдииссийэтин түмүгүнэн «Кэбээйи фольклора» диэн кинигэ тахсыбыта. Ол биһирэмин туһунан ааҕыҥ.

Кэбээйи улууһун көҕүлээһининэн, Арассыыйа омуктарын төрүт айылгы баайдарын, Кэбээйи улууһа тэриллибитэ 85 сылларыгар аналлаах М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхону чинчийэр институтун фольклорнай экспедициятын үлэтин сырдатар «Кэбээйи фольклора» саҥа кинигэ биһирэмин сүрэхтэниитэ сэтинньи 28 күнүгэр «Дайан»сынньалаҥ киинигэр Мукучу нэһилиэгэр ыраахтан-чугастан дьону түмтэ.

Тэрээһин сарсыардаттан саҕаланна. Сып-сырдыгынан сыдьаайар, сылааһынан илгийэр «Дайан» култуура киинин үлэһиттэрэ ыалдьыттары үөрэ-көтө көрүстүлэр. Көрүдүөргэ Кэбээйи улууһун айар талааннаахтарын уус-уран оҥоһуктарын быыстапката турда. Алгыс сиэрин-туомун В.И. Кондакова -Айтыына толордо. Алаадьынан айах тутан күндүлээтилэр. Алгыс тылынан арчыланан, чуораан тыаһын лыҥкынатан киэҥ саалаҕа киирэн «Кэбээйибин туойабын»диэн фольклорнай дьүһүйүүнү көрдөрдүлэр. «Дайан» үлэһиттэрэ сыана ис-тас көстүүтүн бэркэ киэргэтэн оҥорбуттар, уота -күөһэ да хаалсыбат.

Кинигэбит ис тутулун библиотека үлэһиттэрэ сиһилии билиһиннэрдилэр. Мантан салгыы кинигэ ааптардара кэпсээтилэр. Бу кэнниттэн Кырса Сөдүөт аймахтарын делегацията үрдүк сыанаҕа дохсун ытыс тыаһынан көрүстүлэр. Мастаах делегацията бу сырыыга ох курдук оҥостон, тэринэн оҕолуун, эдэрдиин, кырдьаҕастыын Кырса Сөдүөт «Биэ уола Бэйбэлдьийэ тулаайах» олоҥхоттон түөрт көстүүлээх быһа тардыыны көрдөрдүбүт. Дьэ ол туһунан кылгастык билиһиннэриэм.

Олоҥхобут дьоруойдара Биэ уола Бэйбэлдьийэ кыра сааһын оонньоото Кырса Сөдүөт хос, хос сиэн уола Арчын Алексеев. Орто сааһын Вадим Софронов. Сүрүн оруолун толордо Дьулустаан Афанасьев. Ытык Сиэкилэ кыыс оруолун 11 кылаас үөрэнээччитэ Юлиана Михайлова. Үрүҥ Самалдьыйа оруолугар — Луилиза Винокурова. Аал Кудук мас — Дария Степанова. Олоҥхоһут оҕонньор — Анатолий Васильев. Абааһы оруолларын оонньоотулар Эдуард Захаров уонна Сардана Жакипова. Олоҥхобут аһыллыытын Мастаах орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ сахалыы үҥкүүнэн киэргэттилэр. Ол кэнниттэн эдьиийдээтэр эдьиийбит алгысчыт, тойуксут Марыына Комарова эҕэрдэ тыл эгэлгэтин, ыллаан -туойан, бар дьонун алҕаата. Кэлбит ыалдьыттарбытын алаадьынан биһиги Далбар хотуттарбыт «Иэйии» түмсүү күндүлээтэ. Бу олоҥхобут үһүс туруоруута буолан биэрдэ. Инники Мастаахха, Кэбээйигэ уонна Мукучуга үрдүк сыанаҕа турда. Аан бастаан бу олоҥхону сыанаҕа Александр Саввинов 2014 сыллаахха режиссёрдаан туруорбута. Дьэ бу кэнниттэн номнуо хас да сыл ааһа охсубут эбит. Бүгүн биһиги нэһилиэк талба талааннаах дьоммут күүс-көмө, өйөбүл буоллулар. Ол курдук, түмсүүлэрбитигэр улахан махталбытын тиэрдэбит. Тыас-уус, фоновай музыка — Егор Уваровскай, көстүүмнэрбитигэр үлэлэспит, тикпит бар дьоммутугар улаханнык махтанабыт. Үҥкүүлэри туруордулар Ариан Дьяконов, Егор Уваровскай. Биһиги нэһилиэк улахан тэрээһинин ыытар, ханна да хатыламмат куоластаах Эдуард Захаров бүгүҥҥү олоҥхо туруоруутун ылсан үлэлэстэ. Дьон-сэргэ сэҥээриитин ылбыт туруоруубут сценариһа — Матрена Анисимова.

Кинигэ сүрэхтэниитигэр үлэлэспит, сүүрбүт -көппүт бар дьоммутугар улахан махтал. Махтанабыт Мукучу нэһилиэгин дьонугар-сэргэтигэр тэрээһини үрдүк таһымнаахтык ыыппыттарыгар. Биһиги Лүүчүттэр биир дойдулаахпыт Кырса Сөдүөт олоҥхото бэчээттэнэн тахсыбытыгар олус үөрдүбүт, астынныбыт.

«Кэбээйи фольклора» кинигэ кэнчээри ыччаттарбытыгар бэртээхэй бэлэх, тустарыгар туһаныахтара, ааҕыахтара диэн бүк эрэллээхпит.

Түмүкпэр этиэм этэ, олоҥхо курдук киэҥ эйгэлээх, тойук курдук тускуллаах олохтоох, оһуокай курдук оҥкуллаах санаалаах, айар тутар дьоҕурдаах, кэрэни кэрэхсээҥ, үйэлээҕи үөдүтүҥ!

Сардана Жакипова, Мастаах бөһүөлэгэ.

«Кэбээйи фольклора» кинигэ сүрэхтэниитин биһирэмиттэн сонуннар

Дабаан 28.11.23 22:06

Хаартыскалары ааптар тиксэрдэ.

Поделитесь этой страницей