Олоҕу олоҥхолуу анаардахха - Сайт Олонхо
Главная / Журнал / Олоҕу олоҥхолуу анаардахха

Олоҕу олоҥхолуу анаардахха

Таатта Баайаҕатыттан төрүттээх Номоҕон Арчыманы көрсөммүн, үс чаас устата ирэ-хоро сэһэргэстим. Кини үгүс хоһоон, ырыа, «Үс кут» остуол оонньуутун ааптара, өрөспүүбүлүкэтээҕи олоҥхо күрэстэрин кыттыылааҕа, муҥутуур кыайыылааҕа. Бу ураты айар куттаах, олоххо тус көрүүлэрдээх, бэрт интэриэһинэй кэпсээннээх эдэр киһилиин сэһэргэһиим кып-кыра лоскуйун сэгэтэн ааҕааччыбар билиһиннэрэбит.

Сахалыы ааттаныы

— Кэпсэтиибитин эн ааккыттан саҕалыахха. Төрөппүттэриҥ биэрбит ааттарын туох санааттан уларытаҥҥын, сахалыы ааты ылынныҥ?

— Сорох дьон «тоҕо сахалыы ааттаах буолбатахпыный?» диэн санаабаттара да буолуо. Онтон мин итинник санааҕа кэлбитим төрүөтүнэн Тверской уобаласка «Селигер» пуорумҥа сылдьыбытым буолар. Англия уолаттарын кытта билсэрбэр: «Эн азиаккын уонна тоҕо европейскай ааттааххыный?» — диэн соһуйбуттара. Онно аан бастакыбын «кырдьык даҕаны» диэн толкуйга түспүтүм. Ити иннинэ ол туһунан санаабат да этим. Бу түбэлтэттэн сиэттэрэн, арааһынай ыйытыылар үөскээн тахсыбыттара уонна дириҥээтэр дириҥээн испиттэрэ. Атыттарга ааккытын сахалыы уларытыҥ диэн соҥнуур санаам суох. Тус бэйэбэр сахалыы ааттааҕым үчүгэй, бэйэм ыйытыыларбар хоруйдары буллаҕым дии.

Эрдэ «бодрый, бодрствующий» диэн ис хоһоонноох греческэй ааттаах этим, сахалыыта «эрчимэн, эрчим» диэн. Биһиги байаҕантайдар «аакайдаан» саҥарабыт, ол иһин мээнэ Эрчимэн буолуох оннугар Арчыман диэн ааты ылыммытым. Бу аатым «арчы» диэн суолталаах уонна хоһоон суруйарбар, ырыа айарбар сыһыаннаах дии саныыбын. «Номоҕон» диэн наһаа интэриэһинэй… Баайаҕаҕа сылдьаммын, ийэм муспут хаһыаттарыттан былыргы хаһыат булбутум, онно өбүгэлэрим, сэриигэ барбыт эһэлэрим тустарынан суруллубут этэ. Кинилэр майгыларын «номоҕон» диэн ойуулаан суруйбуттар. «Номоҕон» диэн тыл тоҕо эрэ миэхэ наһаа үчүгэйдик киирбитэ, олох «бу мин» диэммин өйдөөбүтүм. Ити курдук Номоҕон Арчыман диэн ааттаммытым.

88

Ыра санааны батыһан

— Олоҥхо эйгэтигэр хайдах кэлбиккиний?

— Үөрэнэн бүтэн бараммын,  олоҕу билэр баҕабын толорон, Арассыыйанан айанныы барбытым. Ол курдук, биир кыһын Санкт-Петербурга кыстаабытым. Онно пилорамаҕа үлэлии киирбитим. Үлэлии сылдьан ырыа истэртэн хал буолбутум. Сынньалаҥмар киинэ көрөртөн сылайбытым, сюжеттара тэтимэ суох курдук буолара. Онтон туох эрэ уратыны истиэхпин баҕарбытым уонна эмискэ «арба олоҥхо баар этэ» диэн санаа киирбитэ.  Дьэ, куйаар ситимин хасыһаммын, Гаврил Колесов уһуллууларын буламмын, хачайдааммын, олоҥхону плеерга истэр буолбутум. Оҕо сылдьаммын, тоҕо эрэ, олоҥхо ис хоһоонун өйдөөбөт этим. Дьиҥэр, олоҥхону дириҥэтэн үөрэппиппит да суоҕа.  Көннөрү «олоҥхо сүрдээх уустук тыллаах, былыргы ис хоһоонноох» диэн өйдөбүл оҕолуу санаабар хаалан хаалбыт. Онтон улаатан бараммын истибитим арай үчүгэй баҕайытык өйдөнөр уонна уус-ураннык ойууланан кэпсэнэр эбит. Ордук чуолаан бииртэн биир түгэн түргэн-түргэнник солбуһан иһэрин сөбүлээбитим. Олоҥхону истэ-истэбин үлэлиирбэр эрчимирэн кэлэбин, хайдах эрэ күүс-күдэх эбиллэр. Онтон ыла араарбакка истэр буолбутум. Устунан, олоҥхо аҕыйахтыы тылынан испэр иҥэн бэйэм толорор буолбутум.

Бастаан 2019 сыллаахха, Намҥа буолбут олоҥхоһуттар күрэстэригэр кыттаммын «Кэскиллээх толорооччу» анал аакка тиксибитим. Онтон быйыл саас «Куйуур олоҥхото» өрөспүүбүлүкэтээҕи күөн күрэскэ кыайбытым. Толорор олоҥхом биир – «Дьулуруйар Ньургун Боотур». Б.Ф. Неустроевтан — Мандар Уустан: «Ханнык олоҥхону үөрэтэрим ордугуй?», — диэн ыйыппытым. Ону: «Саамай чыпчаалын сиппит «Мүлдьү Бөҕө» уонна «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхолор бааллар», — диэбитэ. Былыргы өбүгэлэри кытта ситим «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоҕо баар. Тоҕо диэтэххэ, Ойуунускай оҕо сылдьан ийэ олоҥхоһуттары истэн,  сурукка тиһэн, биһиэхэ хаалларбыт айымньытынан буолар. Кини ити сүдү айымньыны суруйбатаҕа буоллар өбүгэлэрбитин кытта ситим суох буолуо этэ.

Түҥ былыр олоҥхо сурукка суруллубатах этэ буоллаҕа. Олоҥхоһут үс күннээх, үс түүннээх олоҥхотун тылын-өһүн, ис тутулун хайдах өйүгэр батаран сылдьарын киһи сөҕөр. Олох тутулун, сокуонун уонна ис дьиҥ өйдөбүлүн уус-уран тылынан ойуулаан, хоһуйан, дьону «ноо!» дэтэн сөхтөрөн, үс дойдунан айаннатара. Истээччилэр олоҥхо дойдутугар туох баар өйдөрүнэн-санааларынан киирэннэр, дууһалыын сынньаналлара. Билигин оннук сынньанар олоҥхо эйгэтэ суоҕун кэриэтэ. Холобур, мин бэйэм даҕаны, хайа эрэ өттүнэн дууһалыын сынньаныахпын баҕарабын, ону оннук эйгэм суох. Биир кэм наар ханна эрэ сүүрүү-көтүү, тугу эрэ ситиһэ, дакаастыы сатааһын, туох эрэ дьиҥин, кырдьыгын эккирэтэн көрдөөһүн.

«Биһиги дьиҥ чахчы кимнээхтэрбитий? Олох диэн тугуй? Бу орто дойдуга хайыы сылдьабытый?» диэн төрдүттэн үөскээбит ыйытыыларга хоруй көрдүүр этим. Билиҥҥи үөрэхтээх киһи ити өйдөбүллэри өйүнэн быһаара сатыыр. Онтон өбүгэлэрбит хоруйдарын олоҥхолоругар тиспиттэрэ. Дьэ, ити ыйытыыларга хоруй булаарыбын мин олоҥхо эйгэтигэр киирбитим.

89

Олоҥхо үс дойдутунан

— Өбүгэлэрбит элбэҕи эппиттэрин биһиги сыыһа өйдүүрбүт баһаам эбит. «Саха» диэн, мин  саныахпар, «сырдаабыт киһи — күн оҕото» диэн, ону омук курдук ааттаан сырыттахпыт. Аныгы киһи барытын быһаччы өйдүүр. Холобур, «Бэл, хара тыа ыллыктаах. Бэл, күөх далай оломноох» диэн тугуй? Ис хоһоонунан судургутук эттэххэ «ханнык баҕар кыһалҕаттан тахсар суол баар» диэн буолар. Ол курдук, өбүгэлэрбит этэ сатаабыттара элбэх. Бэргэн этиилэр чуолаан олоҥхоҕо бааллар. «Аал луук мас», «Өлбөт мэҥэ уута», «Абааһы бухатыыра», «Айыы бухатыыра» диэн тугу, кими этэллэрий? Ол уоруллубут кэрэ куо кимий? Бу уобарастар нөҥүө олоҥхоһут, көннөрү киһи өйдүүрүн курдук, олох тутулун сааһылаан ойуулаан биэрэр.

Олоҥхоһут томороон кыһын кэннэ  быста быһыытыйбыт дьоҥҥо күүс-уох, көх-нэм биэрээри саас кэрийэр. Бу кэмҥэ диэри дьон биир балаҕаҥҥа олороннор, муустара-мастара бүтэн, астара-таҥастара аччаан барар буоллаҕа. Дьэ, ол кэмҥэ олоҥхоһутуҥ кэлэн, дьону арылдьытан, олоҥхо үс дойдутунан айаннатар. Онтон киһи тыын ылар. Былыргы киһи хантан да бэлэм информация, кэпсээн, номох ылбат этэ. Олоҥхоһут кэлэрэ диэн киниэхэ, билиҥҥи кэмҥэ холоотоххо, киинэ тыйаатыра иһэрин курдук буоллаҕа. Онон олоҥхоһут сүрдээх улахан оруолу толороро. Холобур, ойуун дьону эмтиир, уус олох матырыйаалынай өттүн хааччыйар. Онтон олоҥхоһутуҥ, тыл күүһүнэн уонна ойуулаан көрүү көмөтүнэн, дьоҥҥо духуобунай аһылык, аан дойдуну анаарар кыах биэрэр.

Олоҥхо ирдэбилэ улахан, ону толору өйдүүргэ бириэмэ наада. Билигин, олоҥхону толорууга эрэ үөрэммэккэ, истээччи эмиэ олоҥхону истэргэ, өйдүүргэ үөрэниэн наада. Истээччи олоҥхоттон билии-көрүү, сайдыы өттүгэр эбинэрэ баһаам. Ону биһиги сатаан тулуйан-тэһийэн, өйдөөн-дьүүллээн истибэппит.

Киһи таҥара аҥаардаах

Билиҥҥи киһиттэн «эн кимҥиний?» диэн ыйыттахха аатын этиэ, оттон аат диэн биһиги дьиҥнээх бэйэбит буолбатах, атын киһи ыҥырарыгар анаммыт дьарылык буолар. Онтон былыргы киһиҥ: «Мин айыы хаан аймаҕынабын», — диэн силистээхтик хоруйу эттэ. Ол иһин, саха таҥаһын-сабын оһуордаан, туттар малларын, олоҕун-дьаһаҕын суолталаан оҥостор. Итинник суолталааһын билигин биһиэхэ кыаллыбат дии саныыбын. Аныгы киһи бэйэтин иһиттэн буолбакка, таһыгар туох эрэ элэҥнээбитин, киниэхэ интэриэс үөскэппитин хомуйа, иҥэринэ сатыыр. Дьиҥэр, ити барыта бэйэтин иһигэр баар, онтон буһаран таһаардаҕына кини олоҕо оҥоһуллар.

Онтон «ханна олороҕун?» диэн ыйыттахха билиҥҥи киһи аадырыһын этиэ. Былыргы киһи: «Орто дойду олохтооҕобун», — диэн хоруйдуур. Орто дойду олохтооҕо буолалларын былыргы дьон бары билэллэр этэ буоллаҕа. Ол иһин бэйэ-бэйэлэригэр олус ытыктабыллаах сыһыаннаахтара. Хас биирдии киһини нөрүөн нөргүтэн көрсөллөрө, алгыһынан алтыһаллара, алгыһынан атаараллара. Холобур, «Айыы хаан аймахтара» диэн этии өйдөбүлэ миэхэ тус бэйэбэр элбэх ыйытыыга хоруй биэрбитэ. «Тоҕо өбүгэлэрбит инник өйдөбүлгэ кэлбиттэрэ буолуой?» диэн толкуйдуу сатаабытым. «Айыы хаан аймаҕа» диэн нууччалыы тылбаастаатахха «кровный родственник бога» диэн. Ол аата, хас биирдии киһи атын дьоннору кытта Таҥара нөҥүө ситимнээх, «бу киһи эмиэ таҥара – таҥара оҕотун кытта кэпсэтэ олоробун» диэн өйдөбүлү үрдүктүк туталлара. Атын даҕаны норуоттар култуураларын, итэҕэллэрин үөрэттэххэ, силиһэ-мутуга «киһи таҥара аҥардаах» диэн өйдөбүлгэ олоҕурар. Ону билиҥҥи дьон инник дии санаабаппыт.

Биллэн турар, былыр да төттөрү, мөкү өттө эмиэ баара — «абааһы дойдута» диэн. Абааһылар утуйбаттар, биир кэм наар дьон өйүн баһылыырга дьулуһаллар. «Хайдах эрэ гынан, бу киһи өйүн иирдэн, хайа эрэ киһини кытта утары туруорбут киһи» диэн тургутар араас түгэннэри үөскэтэллэр. Ити курдук, хараҥа күүстэр да, айыылар да дьон нөҥүө олох олоро сатыыллар. Бу сырдык уонна хараҥа күүстэр охсуһууларын туһунан, олоҥхо киһиэхэ хоруйдары биэрэр. Билиҥҥи киһи, айылҕалаахтар этэллэрин курдук, өй өттүгэр охтубут. Кини өйүнэн итэҕэйиэн наада, «эн миэхэ дакаастаа… тоҕо инник диигин… хайдах оннук буолуой… оннук суох…» диэн. «Тыалынан киирэр, холоругунан тахсар» диэбит курдук, кып-кыра кыһалҕа үөскээн тахсыбытын өйбүтүнэн илдьирит да илдьирит, ырыт да ырыт, үлүннэр да үлүннэр буолабыт. Ол иһин ити духуобунай өйдөбүллэри сатаан ылыммаппыт. Билигин баар кыһалҕаларбыт төрдө-төбөтө итиннэ сытар.

87

Орто сиэринэн олор

— «Икки өрүт ортотун булан, орто сиэринэн олох олор» диэн олоҥхо этэр уонна хаһан даҕаны үрүҥ-хара кыайбыта диэн түмүктэммэт. Барыта эмиэ өлүүлээх-сүтүүлээх, хотторуулаах-түһүүлээх, кыайыылаах-хотуулаах, уруйдаах-айхаллаах. Олоҥхо бүтэһигэр хайаан даҕаны ыһыаҕынан түмүктэнэр. Ол орто сиэри, гармонияны булааһыны көрдөрөр. Урут: «Бу оҕо наһаа күлэн эрэр, сотору ытыыра буолуо», — дииллэрэ. Ити эмиэ мээнэҕэ этиллибэт. Ол аата, «биир өттүгэр аһары охтон хааллаххына, төттөрү өттүгэр барарыҥ түргэн» диэн сэрэтии буолар. Биир кыраайыттан биир кыраайга сылдьыы үчүгэйгэ тиэрпэт. Ону былыргылар өйдөрүнэн буолбакка сүрэхтэринэн билэллэрэ. Ханнык эрэ эбэбит, эһэбит тугу этэрин истибэппит: «Ээ, тугу эрэ лабаҥхалыыр», — дэһэбит. Дьиҥэ, кини олох олоруу саамай сүмэтин тиэрдэ сатыыр буоллаҕа. Ону биһиги аахайбакка, ханнык эрэ атын биллиилээх дуу, үөрэхтээх дуу, учуонай дуу киһи эппитин хасыһан, онно сигэнэн хоруй көрдүү сатыыбыт. «Дьол уонна сор арахсыспаттар» диэн өйдөбүл баар. Мин саныахпар, «дьол» уонна «сор» икки ардыларыгар «дьиҥ» (истина) диэн баар быһыылаах. Хас биирдии киһи кырдьыга тус-туһунан буолар да буоллаҕына «дьиҥ» соҕотох. Ону хайдах да гыммаккын, тулхадыйбат өйдөбүл. «Кыһын кэннэ саас, саас кэннэ сайын кэлэр» диэбит курдук. Киһи эрэ уларыйар. «Мин төһө кыалларынан, бэйэм кырдьыкыпынан дьиҥҥэ кэлиэхтээхпин» дии саныыбын уонна ону тутуһа сатыыбын. Дьиҥ чахчыны тутустахпытына, билигин да буолбатар, хаһан эмит олохпутугар барыта оннун булуо. Олоххо арааһынай буолар, ол иһин «хайаан да оннук буолуохтаах» диэн бэйэм санаабын соҥнообоппун.

Сүппэт аналлаах дуо?

— Мин саныахпар норуот тылынан уус-уран айымньыта толоруллара үчүгэй, «олоҥхобут сүппэтэх» диэн санаалар киирэллэр. Ол гынан баран, дьиҥнээхтик «Ноо! Ха, доо! Ээ, кырдьык даҕаны!» диэн истээччилэри соһутар, киһини тардар аныгылыы ис хоһоонноох олоҥхо суох. Олоҥхону каноннары тутуһан айаллар, толороллор. Аны үөрэхпит барыта эмиэ ити каноҥҥа олоҕуран оҥоһуллубут. Биллэн турар, олоҥхобутун тутан хааларбыт туһугар үлэ бөҕө оҥоһулуннаҕа, оҥоһуллар даҕаны. Ол эрэн, олох биир сиргэ турбат, баран истэҕэ дии, олоҥхобут ону кытта тэҥҥэ сайдыахтаах. Билиҥҥи кэмҥэ ойууттар, удаҕаттар син урукку курдук кыһалҕалаах дьоҥҥо көмөлөһө олороллор, уустарбыт аан дойдуга тиийэ аатыраллар, онтон олоҥхобут сайдыыта бытаан. «Олоҥхбутун сүтэрэн эрэбит, хойутаабыппын» диэн оҕолорбутугар этэ, тиэрдэ, иҥэрэ сатыыбыт. «Олоҥхо биһиги баайбыт, ону эн хайдах ылыммаккын, тоҕо суолталаабаккын?!», — диэммит өссө мөҕөр курдук буолуохпут. Онтубут оҕону олоҥхоҕо сыһыарыахтааҕар өссө ордук тэйитэр. Ол иһин оҕоҕо ис иһиттэн интэриэс тардыы, көҕүн үрдэтии тоҕоостоох. Аныгы оҕо туох кыһалҕалааҕый, туохтан үөрүөн сөбүй?

Олоҥхоһут диэн олоҕу толору билбит киһи дии саныыбын. Кини төрүт идэ бары хайысхатын баһылаабыт буолуон сөп уонна саха олоҕун бүтүннүү тутан олорон анааран, ойуулаан көрөр дьоҕурдаах. Олоҥхоһут, билиҥҥи тылынан эттэххэ, үһүс хараҕа арыллыбыт, чакралара барыта холбоммут, «просветленнай» киһи. Кини «дьоммор олохторун оҥостоллоругар хайдах көмөлөһүөхпүн сөбүй?» диэн толкуйдаах буолуон сөп. Олоҥхоһутуҥ олох сытыы кыһалҕатын, саамай үрдүкү үөрүүтүн барытын биир айымньыга киллэрэн дьонун тыынныыр. Билиҥҥи олоҥхоһут ол туһунан толкуйдуон наада дии саныыбын. Бу аныгы олоҕу барытын ырытан көрүөхтээх, билиҥҥи дьон кыһалҕатын, үөрүүтүн дьүһүйэн, ис хоһоонноон олоҥхотун толоруохтаах диэн тус санаалаахпын.

Тыыннаах алтыһыы

— Оччотугар олоҥхону аныгылыы ис хоһоонноон оҕолор интэриэстэрин тардыахха диэн этэҕин дуо?

— Оннук. Маныаха биир кыһалҕаҕа мунаахсыйабын. Биһиги олохпутугар элбэх саҥа тыллар киирдилэр. Ол тыллары быһаччы сахалыы тылбаастаабаккын, сахатыппаккын даҕаны. Холобур, «виртуальнай» диэн тылы хайдах сахатытабыт? Аны ол тылы киһи өйдүө дуо? Ол иһин ити аныгылыы тыллары тылбаастаабакка баарынан этэргэ тиийэҕин.

Ол эрэн, «уостан-уоска бэриллэр» диэн син биир хаһан даҕаны сүппэтэ буолуо дии саныыбын. «Ынах маҕарыһан — киһи кэпсэтэн» диэбиттии, киһи баарын тухары тыыннаах алтыһыы сүтүө суоҕа. Билигин, нууччалыы эттэххэ, «дистанционнай» алтыһыы олохпутугар бигэтик киирдэ. Оннооҕор төлөпүөнүнэн кэпсэтии эмиэ тыыннаах алтыһыы буолбатах. Ол төлөпүөнүнэн кэпсэтэр киһиҥ атын эйгэҕэ сылдьар уонна эйиһин кытта биир тыыннаах долгуҥҥа киирбэт, алтыһыы көтүмэх курдук буолан хаалар. Олохпут ол тэҥэ наһаа көтүмэх буолла. Дириҥиир бириэмэ, дириҥник толкуйдуурга усулуобуйа суох. Барытын түргэн-түргэнник быһааран, тэтимнээх олох устун айаннаан иһиэххин наада. Онон олоҥхобут тыыннаах алтыһыы түмүгэр уостан-уоска бэриллэн сүппэтэр ханнык.

Ыра санаа

— Эн бэйэҥ дьүһүйэн олоҥхолуугун дуо?

— Олоҥхону бэйэм айан биирдэ эрэ толорбутум. Оннук дьүһүйэр турук хоту, табаһыттары кытта үүтээҥҥэ олордохпуна киирбитэ. Онно туох эрэ дьиктини билбитим, уһуктан, арыллан ылбытым диэххэ дуу. Бу билигин оннук толоруом суоҕа. Дьүһүйүү диэн — түгэх өйгүнэн буһарбыт аһылыгыҥ искэр ситэр-хотор, тугу ойуулуохтааххын көрдөрөр уонна уус-уран тыл буолан таскар тахсар. Информацияны чочуйар курдук буолар. Ону эрдэттэн дьүһүйүүнү сатаатым диэн этэн кэбиһэр эмиэ соччото суох. «Баар аата баар» диэн сайыннарбакка хаалларан кэбиһиэххэ сөп. Дьүһүйүүнү баһылааһын миэхэ ыра санаам буолар. Бэйэбэр интэриэһинэй, «туох баара эбитэ буолла онно» диэн олох устун сирдиир, батыһыннарар. Олох олорор күүһүм ыра санаабар сырыттаҕа.

«Барытын биллим, барытын сатаатым» диэн киһиэхэ суох, хаһан да үөскээбэт. Киһи мэлдьи тугу эрэ көрдүүр. «Олох олоро кэлбит, олоҕу олоруохтаах» диэн. Олоҕум хайдах салаллан барара биллибэт, ол гынан баран, син биир көрдүүр ыйытыыларбар төһө кыалларынан хоруйу була сатыыбын.

Кэпсэттэ Антонина НЕУСТРОЕВА, «Ил Түмэн»

14.01.24 12:55910

Поделитесь этой страницей