Оҕолорго олоҥхото көрдөрүҥ
Олоҥхо тыйаатыра XVII айар сезонун, Оҕо саас сылынан сибээстээн, куукула испэктээктэринэн саҕалыыр.
Куукулаларынан оонньонор испэктээк оҕоҕо олоҥхо өйдөбүлүн, суолтатын, ис хоһоонун уонна үс дойдутун, дьоруойдарын судургутук билиһиннэрэргэ бэртээхэй ньыма буолар.
Онон уһуйааннар уонна оскуолалар уһуйааччылара! Балаҕан ыйын 16-30 күннэригэр, үлэ бириэмэтигэр 34-03-19 нүөмэргэ эрийэн, сайаапка биэрэҥҥит, дьыссааккытыгар уонна үөрэххит кыһатыгар Олоҥхо тыйаатырын ыҥыраҥҥыт, Н.И. Степанова-Ноорой «КҮН ЭРИЛИ» (реж. Мария Маркова) уонна Н.М. Шамаева «ДЬОРҔОСТОЙ БЭРГЭН» (реж. Гаврил Менкяров) испэктээктэрин оҕолоргутугар көрдөрүҥ. Сыаната — 300 солк.
Саха остуоруйата, сээм олоҥхото оҕолорбутугар өбүгэбит үйэлээх үгэһин тутуһарга, иитиллибит ийэ тылын барҕа баайын таптыырга угуйар, айыы суолун тутуһарга, сиэрдээх буоларга үөрэтэр.