Тапталтан тыллыбыт Таатта талба талаана
Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгэр ураты талааннаах Далбар Хотун баар диэн истибитим син ыраатта. Биир үтүө күн бииргэ үөрэммит дьүөгэм, биһиэхэ олус көхтөөх, бэһиэлэй, артыыска баар диэбитэ. Кимий диэн ыйыталаспытым, Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, элбэх бэлиэ, мэтээл хаһаайката, олоҥхону толорооччу, Былатыан Ойуунускай аатынан Норуодунай тыйаатыр артыыһа, сыана бэтэрээнэ Валентина Петровна Харайданова-Эбээ Валя эбит. Сүтэрбиппин булбут курдук, кини туһунан хаһыакка суруйарга сананным.
Хаартыска Валентина Харайданова тус архыыбыттанКинини биир дойдулаахтара, Эбээ Валя диэн ааттыыллар. Тоҕо Эбээ Валя буолбутун маннык кэпсиир: «Биирдэ Дьохсоҕон олохтооҕо Мария Баснаева «Биһиги Эбээ Валябыт» диэн ыстатыйаны хаһыакка суруйда. Ол кэннэ элбэх тэрээһиҥҥэ сырыттым. Арай, бары, кыралыын-улаханныын Эбээ Валя диэн ыҥырар буолбуттар, сыыйа иҥэн, аны итинтэн атыннык ааттаабаттар».
Валентина Петровна Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгэр Мария уонна Петр Кривошапкиннар дьиэ кэргэннэригэр бастакы оҕонон 1943 сыллаахха атырдьах ыйын 22 күнүгэр төрөөбүт. Оскуола кэнниттэн, культпросвет училищеҕа үөрэнэ киирбит. Ол эрээри ийэтэ улаханнык ыарытыйан, дойдутугар төннүбүт. Кыыс кэлээт, холкуоска ньирэй көрөөччүнэн үлэҕэ киирбит. Ол кэмтэн ыла бастаан холкуос, оттон сопхуос күүстээх үлэтин кыайа тутан сынньалаҥҥа тахсыар диэри үлэлээбит.
Быйыл сайын ытык кырдьаҕас 80 сааһын туолла. Онтон 60-н тахса сылы тыа сирин кулуубун сыанатыгар анаата. Ол курдук уон сэттэ сааһыттан тыа сирин кулуубун сыанатыттан түспэтэх, солбуллубат артыыска. Кини оонньообут оруолларын ураты бэриниилээхтик, кырдьыктаахтык оонньуур, онон дьон-сэргэ өйүгэр дириҥник хатанан хаалаллар. Валентина Харайданованы ураты талаан диэххэ сөп. Кини бэйэтэ ол туһунан бу курдук кэпсиир: «Айылҕа миигин ырыаны-тойугу хамаҕатык толорорго анаан ыыппыт быһыылаах. Хоһоон суруйабын, оһуокайы үҥкүүгэ киирээт, тута өйбүттэн эппитинэн барабын. Онтон биирдэ сиэним олоҥхону үөрэтэ олорорун көрөммүн, хайдах эрэ мин эмиэ толоруохпун сөп эбит диэн санаа көтөн түспүтэ. Онтон ыла уһуктан, суолум арыллан, олоҥхо араас күрэстэригэр, ыһыахтарга кыттыбытынан барбытым. Баҕар, утуйа сыппыт өбүгэм хаана уһуктан, кэмэ кэлэн, олоҥхону сөбүлээн толорор буолбутум буолуо».
Кини Платон Ойуунускай хаан аймаҕынан буолар, онон удьуор утума салҕаннаҕа. Хос эһээтэ Евграф Афанасьевич уонна Былатыан Ойуунускай аҕата бииргэ төрөөбүттэр. Улуу дьон сыдьааннара буоларбынан эмиэ да киэн тутта, эмиэ да сэрэнэ-сэрбэнэ туттабын диир Эбээ Валя.
Артыыска
Эбээ Валя оҕо эрдэҕиттэн артыыс буолуон баҕарбыт. Дьиҥинэн, драма артыыһа буолар ыра санаалаах эбит, онто кыаллыбатах эрээри, Дьохсоҕон нэһилиэгин киэн туттар артыыската буолбут. Кини А.И. Софронов-Алампа «Олох дьэбэрэтэ», И.Гоголев «Наара суох», А.Е. Кулаковскай «Саха дьахтарын сэттэ мэтириэтэ» уонна «Оҕоҕо баҕарбыт», Н.Д. Неустроев «Тиэтэйбит» айымньыларыгар уобарастары олус үчүгэйдик арыйбыта. Валентина Петровна оонньообут оруоллара чахчы даҕаны көрбүт-истибит киһи сөҕөр, биһириир. Уобараһы арыйарынан, көрөөччүгэ тиэрдэринэн, дьон биһирэбилин ылыан ылар. Өрөспүүбүлүкэҕэ, улууска ыытыллыбыт араас таһымнаах куонкурустарга, бэстибээллэргэ хас даҕаны төгүллээх лауреат, дипломант.
Валентина Петровна күн бүгүнүгэр диэри Сынньалаҥ киинин иһинэн үлэлиир «Дьохсоҕон бэтиэхэлэрэ» көр-күлүү мини-тыйаатырыгар кылаабынай артыыс. Аркадий Новиков таба көрөн, норуодунай тыйаатырыгар оонньоппутун астына, киэн тутта ахтар.
«Дьохсоҕон нэһилиэгин А.И. Софронов-Алампа аатынан норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Изабелла Жараева охсон кэбиһиэ диэммин наһаа куттанар этим, оннук оруолгар киирэр этиҥ диэн билигин кэпсиир. Баай эмээхсин оруолун табыллан оонньуур, дьиҥнээхтии киирэр этиҥ диир. Бэйэм саамай сөбүлээбитим – «Ынахсыт тардыытыгар» алгысчыт буолан куоракка баран кытта сылдьыбытым уонна «Сэттэ мэтириэккэ» саамай суон эмээхсин оруолун толорбутум.
Олоҥхоһут
Айымньылара ырыа буолан ылланаллар. Оттон сэттэ сылтан бэттэх олоҥхонон үлүһүйэн дьарыктанар. “Удьуор утума” диэн бөлөххө сылдьар. Бөлөҕүнэн да кыттар, бэйэтэ соҕотоҕун даҕаны толорор Валентина Петровна аан бастаан олоҥхону бэйэтэ үөрэтэн 73 сааһыгар толорон барбыт. Аан бастаан Таатта улууһун ыһыаҕар толорбут. Билиҥҥи кэмҥэ Акулина Егасова-Дьохсоҕон кыыһын олоҥхолорун толорор. Сааһыран баран олоҥхолоон саҕалаабыккын, ытык киһибитигэр, Борис Неустровка-Мандар Ууска, баран алҕат диэбиттэр. Арай тиийбитим, Мандар Уус кыра оҕону курдук төбөбүттэн имэрийэн ылбыта уонна киһи үйэтин тухары сайдар, үөрэнэр диэбитэ, диэн кэпсиир.
«Мин олоҥхоҕо сыстаммын олоҕум уһаата дуу дии саныыбын. Олоҥхо киһиэхэ күүс-уох биэрэр эбит уонна өй-санаа өттүнэн өйдүүргэр, ааҕаргар наһаа көмөлөһөр. Аны туран, олоҥхоҕо баар дьоруойдары аахтахха, бэйэҥ эмиэ ол дьоруойга ымсыыраҥҥын, эмиэ кини курдук буолуоххун, кэрэҕэ тардыһыаххын баҕарар эбиккин», – диэн санаатын этэр.
Ытык кырдьаҕас билигин даҕаны олох үөһүгэр, сыана үрдүгэр сылдьар. Кини саха норуотун уус-уран айымньытын толорорун, тарҕатарын таһынан, сиэннэрин, хос сиэннэрин, аймах-билэ дьонун онно уһуйар. Ол туоһутунан ааспыт сылга сиэнин кытары олоҥхо толороннор бастакы миэстэни ылбыттара буолар.
Кини айар үлэтин сыаналаан, Дьохсоҕон нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, «Норуот уус-уран тылынан айымньыта сайдарыгар кылаатын иһин», «СӨ бочуоттаах олоҥхоһута» бэлиэни туттарбыттара.
Эбээ Валя хомоҕой тыллаах хоһоонньут быһыытынан эмиэ биллэр. Кини ырыа буолан Саха сирин устун көппүт «Бигэ тапталга билиниэм», «Тапталга бигэниэм этэ дуо?» хоһоонноро дириҥ ис-хоһоонноохтор. Валентина Петровна, хоһоону хойутуу айар буолбутум, 52 сааспар суруйан саҕалаабытым диэн этэр. Ол кэмҥэ улахан уолун күн сириттэн сүтэрэн, олоҕор улахан охсууну ылан ис куолаһа аһыллан, оҕотугар хоһоон анаабыт. Ол кэннэ тохтуу сылдьыбыт. Баардаах син биир тахсар дииллэринии, уонча сыл буолаат, хоһоонноро субуллан барбыттар. Ону таба көрөн кыыһа тэтэрээккэ тиһэргэ сүбэлээбит, оттон билигин бары дьиэ кэргэнинэн көмөлөөн көмпүүтэргэ таҥаллар, киллэрэллэр эбит. Кыргыттара аны ийэлэрин хоһоонун хомуурунньугун таһаарар былааннаахтар.
Сайаана Львова, «Саха сирэ», 03.09.23