Култуура үрдүк үөрэҕин кыһата аһыллыытыгар сүҥкэн өҥөлөөх
Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы судаарыстыбаннай үнүстүүтүн ректорын, кэлэктиибин, үөрэнэр уонна бүтэрбит устудьуоннарын ааттарыттан ытыктыыр, таптыыр күндү киһибит Агафья Еремеевна, бу күн сириттэн букатыннаахтык барбытынан, кини дьиэ кэргэнигэр, чугас дьонугар, доҕотторугар, биир идэлээхтэригэр дириҥ кутурҕаммытын биллэрэбит.
Агафья Еремеевна өрөспүүбүлүкэбитигэр култуура уонна ускуустуба үрдүк үөрэҕин кыhата баар буоларыгар сүҥкэн өҥөлөөх, улахан сабыдыаллаах. Ол курдук, 90-с сылларга хаһыакка “култуура уонна ускуустуба эйгэтигэр ыччаппытын бэйэбит Сахабыт сиригэр үөрэтиэхтээхпит” диэн ис хоһоонноох ыстатыйаны суруйан таһаартаран, ону СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев бэлиэтии көрөн, Агафья Еремеевнаны ыҥыран, бу тиэмэ тула кэпсэтэр.
Ол кэскиллээх кэпсэтии түмүгүнэн кэнсиэпсийэ суруллан бигэргэтиллэр, онно олоҕуран 2000 сыллаахха АГИКИ аһыллар. Агафья Еремеевна ити кэнсиэпсийэ сүрүн идеолога буолар.
Кини үнүстүүт аналын, мииссийэтин, сыалын-соругун чопчулаан, ыйан-кэрдэн биэрбитэ, АГИКИ-га элбэх идиэйэлэри киллэрбитэ, сайдар суолун тобулбута. Төрүт култуурабыт, фольклорбут саҥа үйэҕэ симэлийбэккэ сайдарын туhугар сыратын, кыһамньытын уурбут улахан учуонай, үйэлээх үлэни ыыппыт тэрийээччи, олоҥхону ЮНЕСКОҕа тиийэ туруорсубут инициатор, ол саҕалаабыттарын салҕыыр ыччаты ииппит-үөрэппит педагог буолар.
Ыччат идэтийбит анал үөрэхтээх үлэһит, ийэ тылын, төрүт култууратын, итэҕэлин билэр киһи киһитэ буола үүнэригэр эйгэ, усулуобуйа, анал миэстэ оруола улаханын өйдөөн, саҥа тэриллибит үөрэх кыһатыгар Аартыка норуоттарын фольклорун уонна этнокултуураларын факультетын тэрийэр.
Онтон ыла, 14 сыл устатыгар, тыһыынчанан устудьуон ити факультекка уһуйуллан бүтэрэн, Аал Луук Мас лабааларыныы үүнэн-тэнийэн, билигин өрөспүүбүлүкэ араас улуустарынан, Красноярскай, Камчатскай кыраайдарынан үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Ити барыта Агафья Еремеевна, мындыр өйүнэн ырааҕы таба көрөн, сөпкө тайаммыт суолун ситиһиитэ буолар.
Биһиги Агафья Еремеевнаҕа устудьуон быһыытынан үөрэммит дьоллоох дьоммут. Хас биирдии пааратыттан саҥаны, кэрэхсэбиллээҕи билэн тахсарбыт. Кини саха фольклорун, сиэрин-туомун, итэҕэлин, олоҥхотун тула чинчийбит научнай үлэлэрин өйдөнүмтүө гына ырытан, быһааран биэрэрэ, атах тэпсэн олорон сиһилии сэһэргиирэ, аа-дьуо чэйин иһэ-иһэ, аргыый наллаан кэпсиирэ, тус санааларын үллэстэрэ. Ол быыһыгар сүбэлиирэ: инникитин хайдах быһыылаахтык үлэлиэхтээхпитин, норуот уус-уран култууратын хайдах сайыннарыахтаахпытын, бар дьоҥҥо тарҕатыахтаахпытын, илдьэ сылдьыахтаахпытын. Кини бэйэ санаатын аһаҕастык этэргэ, ыарахантан толлон турбакка, иннибит диэки баран иһэргэ, өрүү инники күөҥҥэ сылдьарга, эдэрдиин-эмэнниин биир тылы буларга, бэйэ-бэйэни убаастыырга, ырааҕы ыраҥалаан көрөргө үөрэтэрэ.
Агафья Еремеевна сайаҕас үтүө майгыта, тобуллаҕас мындыр өйө, сатабыла, талаана биһиэхэ мэлдьи холобур буолуоҕа. Кини үөрүйэхтэрин, бэрсибит билиитин, санаабыт санаатын биһиги салҕыахпыт.
Зоя Стрекаловская, АГИКИ проректора