Амма 1-кы №-дээх орто оскуолатын олоҥхоҕо ситиһиилэрэ
Аммаҕа олоҥхо ыһыаҕын көрсө, Амма улууһун Эмис нэһилиэгиттэн төрүттээх биир дойдулаахпыт, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхо научнай-чинчийэр институтун «Лингофольклорнай» сиэктэрин сэбиэдиссэйэ, филологическай наука кандидата, «Ааттаах олоҥхоһуттар аартыктарынан, ытык кырдьаҕастар ыллыктарынан» диэн бырайыак ааптара Юрий Петрович Борисов «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» диэн олоҥхотун музыкальнай-хореографическай испэктээги туруоруу — биһиги кылааспыт бырайыага буолар, 22 оҕо кылааспытыттан кыттыыны ылар.
«Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» музыкальнай-хореографическай испэктээк турарыгар үһүөн: «Сир симэҕэ» Арассыыйа көрдөрүүлээх , Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай ансаамбылын салайааччыта – Марианна Василевна Ефимова, Ольга Иванова-Сидоркевич аатынан Амматааҕы оҕо айымньытын киинин «Фольклор» куруһуогун салайааччыта Сахаяна Васильевна Харитонова кылаас төрөппүтэ уонна Нюргустана Николаевна Тылбыкова кылаас салайааччыта буолан бииргэ үлэлээтилэр.
Нюргустана Николаевна Тылбыкова:
— Марианна Васильевна Ефимова «Сир симэҕэ» Арассыыйа образцовай ансаамбылын, СӨ народнай кэлэктиибин иитиллээччилэрэ кыра бөлөх уонна орто, улахан кыргыттар бөлөхтөрө уонна мин кылааһым оҕолоро киирэннэр уопсайа 70 оҕо кытынна. Марианна Васильевна ылсан бу бырайыак маннык музыкальнай- хореографическай хайысханан барда. Сценографиятын, үҥкүүлэри, музыканан киэргэтии, көстүүмнэр, утумнаах дьарык, испэктээкили туруоруу – бу барыта Марианна Васильевна Ефимова сыралаах үлэтэ.Сахаяна Васильевна Харитонова оҕолору тойукка уһуйда, олоҥхону толорууга үөрэттэ. Испэктээк премьератын кэннэ Үөрэх Министерствота «Сир симэҕэ» Арассыыйа көрдөрүүлээх ансаамбылын 30 иитиллээччилэрин 2023сыл муус устар 4 күнүттэн ыам ыйын 3 күнүгэр диэри Владивосток куоракка «Океан» лааҕырга сынньанар путевкаларынан наҕараадалаатылар. Мин кылааһым 20 үөрэнээччитэ лааҕырга сынньанан, үөрэн-көтөн «Бастыҥ этэрээт» аатын ылан кэлбиттэрэ.
Оҕолор этиилэрэ:
Сандал Васильев: Мин «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» олоҥхоҕо икки сүрүн геройдары оонньообутум: олоҥхоһуту уонна Уот Уобурдааны. Дьоннорум, көрбүт дьон абааһы бухатыырын астык баҕайытык оонньоотун диэтилэр. Сыанаҕа оруоллары толорорго Уот Уобурдаан уобараһа уустук — элбэх хамсаныылаах. Олоҥхоһут оруола быдан чэпчэки, онно ыарахана диэн элбэх тылы нойосуус үөрэтиитэ этэ.
Эрэл Максимов: Мин Баабый Баатыр оруолун толорбутум. Кини олус күүстээх, атаҕастаммыты көмүскэһэр үтүө сүрэхтээх, кимиэхэ да бэриммэт, кимиэхэ да кыайтарбат бухатыыр. Туох эмэ улахан алдьархай буоллаҕына орто дойду дьонун көмүскүү кини кэлэр, көрдөһүннэрбэт-ааттаһыннарбат, аккаастаабат. Кини кыайарыгар бигэ эрэллээх. Мин бу оруолбун сөбүлүүбүн, хас биирдии саха уола ис санаатыгар олоҥхо бухатыыра буолуон баҕарара буолуо дии саныыбын.
Дарина Скрыбыкина: Мин Күөрэгэйдээн Куо буолбутум. Саамай мааны, сэмэй, кыраһыабай кыыс оруола ол гынан баран кинини абааһы уола уоран ылар. Кыыс аллараа да дойдуга сырыттар хайаан да миигин быыһыахтара диэн эрэнэр. Миэхэ бу оруолу биэрбиттэригэр үөрбүтүм өссө үчүгэйдик үҥкүүлүөхпүн, ыллыахпын наада диэн сыал туруоруммутум.
Дайаана Тарабукина: Мин Айыы Намыһын диэн үчүгэй баҕайы оруолу толорбутум. Оруолбун наһаа сөбүлээбитим кини үтүө санаалаах уонна өлбүтү тилиннэрэр аптаах. Оруолбун толороору тойуктуур уонна үчүгэйдик үҥкүүлүүр буоллум.
Сайаана Фелегонова: Былыыр-былыр сахалар абааһылар бааллар диэн олус итэҕэйэллэр этэ. Ол курдук абааһы кыыһа Хатан Хаһыырба Куо диэн баара кини Уот Уоппут Уот Уобурдаан диэн бырааттаах. Кинилэр иккиэн сылдьан араас иэдээни, алдьархайы оҥоро сылдьаллар. Мин оруолбун сөбүлээтим тоҕо диэтэххэ сыанаҕа оонньуур бириэмэтэ кылгас да буоллар, чаҕылхай уобарас.
Савелий Томский: Мин Айысхаан бухатыыр оруолун толоробун. Айысхаан бухатыыр күүстээх, балтын көмүскүү аллараа дойдуга абааһыны кытары охсуһа барар. Аан бастаан уустук оруолу толорорбор ыарахан этэ онтон кэнники оруолбун ылынан үчүгэйдик оонньуур буолбутум. Айысхаан бухатыыр оруолун толорорбуттан үөрэбин.
Юрий Борисов «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» олоҥхотунан музыкальнай-хореографическай испэктээк үтүө түмүктэрэ:
«Сир симэҕэ» Арассыыйа көрдөрүүлээх , Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай ансаамбылын салайааччыта Марианна Василевна Ефимова ситиһиилэрэ:
- «Серебряный оленёнок» Аан дойдутааҕы төрт култууралар фестивалльарыгар Гран-При хаһаайына, Дьокуускай, 2023г.;
- «ЭтноМир – хранители традиций» III Арассыыйатааҕы онлайн-фестивальга Гран-При, Дьокуускай, 2023г;
«Фольклор» куруһуогун салайааччыта Сахаяна Васильевна Харитонова ситиһиилэрэ:
- II Үрдэл, «Олоҥхо оҕолорун оллооно» У.Г. Нохсоров 115 сылыгар аналлаах улуустааҕы күөн күрэс, Абаҕа, 2022с.;
- «Кэрэхсэбиллээх толорооччулар» анал аат , «Аммабытыгар олоҥхо дьиэрэйдин» Амма улууһугар куйаар ситимин нөҥүө ыытыллыбыт күөн күрэс, Амма 2022 с.;
- I Үрдэл, «Өбүгэ үйэлээх үгэһэ – кэнчээри кэскилэ» Өрөспүүбүлэкэтээҕи этно-фольклорнай көрүү-күрэс бэстибээл, Бүлүү 2022с.
- II Үрдэл — Барабанова Саяна, «Тойук» көрүҥэ, «Өбүгэ үйэлээх үгэһэ – кэнчээри кэскилэ» Өрөспүүбүлэкэтээҕи этно-фольклорнай көрүү-күрэс бэстибээл, Бүлүү 2022с.
- I Үрдэл, «Дойдум миэнэ – Сахам сирэ» өрөспүүбүлэкэтээҕи норуот тылынан уус-уран айымньытын толорууга куйаар ситиминэн ыытыллыбыт күрэх, Дьокуускай 2022с.
- III Үрдэл – Васильев Сандал, Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕын көрсө улуустааҕы эдэр олоҥхоһуттар күөн күрэһэ, Амма 2023с.
- III Үрдэл – Васильев Сандал, Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕын көрсө «Аммабыт олоҥхото дьиэрэйдин!» Анисия Даниловна Софронова аатынан Өрөспүүбүлэкэтээҕи олоҥхону биирдиилээн толоруу күөн — күрэһэ, Бөтүҥ, 2024с.
Нюргустана Николаевна Тылбыкова саха тылын уонна литературатын учуутала, бырайыактаах кылаас салайааччытын ситиһиилэрэ:
- «Лучший проект — 2022» улуустааҕы күрэх кыайыылааҕа, ЯРО ВОД «Матери России» уонна Амма улууһун аҕаларын Сэбиэтин граннарыгар — 25000 солк., Амма 2022 г.;
- «Педагогика олоҥхо» улуустааҕы айар үлэлэр күрэхтэригэр 1 миэстэ, 8 «Б» кылаас «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» бырайыагынан, Амма 2023г.
- «Родной язык – достояние народов» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыактар күрэхтэригэр «Лучший проект о литературном наследии наслега (улуса)» анал аат хаһаайына, 500000 солк. сертификат, г. Якутск 2023г.
Уонна бу бырайыак чэрчитинэн улахан ситиһиибит Ю.П. Борисов «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» кинигэтин С.А. Новгородов аатынан «Айар» национальнай кыһата бэчээттээн испэктээкпит QR-кодунан сыһыарыы быһыытынан киирдэ.
Дайаана Тарабукина, IX «Б» кылаас, В.Г. Короленко аатынан Амма 1№-дээх орто оскуолата