Эпос киинэ түргэн тэтиминэн тутуллар
Эпос Аартыкатааҕы киинин дьиэтэ ураты архитектуралаах буолар: үрдүгэр 3 ураһалаах. Онтон биирин таҥан туруорар үлэтин «ВИС» бөлөх тутааччылара түмүктээтилэр.
Билигин өссө биир тимир ураһаны туруорууга бэлэмнэнии үлэтэ ыытыллар. Бу туһунан «ВИС» бөлөх пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Бу киин саха норуотун төрүт үгэстэрин уонна култуурунай нэһилиэстибэтин үйэтитэр, кэлэр көлүөнэ ыччакка хаалларар соруктан тэриллэр. Комплкес 33 тыһыынча кв. м. иэннээх.
Үрдүгэр «өстүөкүлэ күөл», аһаҕас халлаан анныгар амфитеатр сыаната тутуллан бүттүлэр. Хас биирдии ураһа туоруута хас да түһүмэҕинэн ыытыллар. Тимир каркаһын туруоруутун кэннэ, тас бүрүөһүнүн оҥоруохтара.
Поделитесь этой страницей