«Олоҥхо-баттл» кыайыылааҕа Аксиния Степанова буолла
НВК «Саха» ханаалга үгэс быһыытынан ыытыллар эдэр олоҥхоһуттар күрэстэрэ «Олоҥхо-баттл» быйылгы үһүс сезона түмүктэннэ.
«Кылаан чыпчаал» муҥутуур кыайыылаах аатын Мэҥэ Хаҥаластан Аксиния Степанова, Ноорой сиэнэ, ылыан ылла. Кини өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс сүрүн бирииһин — 500 тыһ.солк суумалаах сэртипикээти — быһа биэриигэ тутта. .
Онтон иккис миэстэни, «Көрөөччү биһирэбилэ» ааты Үөһээ Бүлүүттэн Никита Аянитов ылла. Кини 100 тыһ. сүүйдэ.
Үһүс бочуоттаах миэстэҕэ Нам улууһуттан Вера Цыпандина тигистэ. Кини «Кэскиллээх олоҥхоһут» диэн анал ааты сүгэн, 50 тыһ. ылла.
Күрэс сыллата өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан кэскиллээх эдэр олоҥхоһуттары түмэн, талааннарын арыйан, көрөөччү киэҥ дьүүлүгэр таһаарар. Хас биирдии түһүмэххэ элбэх уустуктары ааһан, бастыҥтан-бастыҥнар кыайыылаах аатын сүгэллэр.
Саха тэлэбиидэнньэтигэр эһиилги «Олоҥхо-баттлга» көрсүөххэ диэри!
Аксиния Степанова үөрүүтүнэн үллэстэрин бу сигэнэн киирэн көрүҥ.