Оҕолор айбыт олоҥхолорунан хомуурунньук
Мин үөрэнээччилэрим 2020 сыллаахха 28 буолан, аан бастаан оскуола боруогун атыллаабыттара.
Кылаас салайааччыта быһыытынан оҕолорбун сахалыы тыыннаах иитэрим-такайарым. Быһыыны-майгыны иитии үлэтигэр сахалыы өс хоһооннору, сомоҕо домохтору үгүстүк туттарым, өбүгэлэрбит олохторун-дьаһахтарын, үгэстэрин туһунан оҕолорбун кытта үгүстүк сэһэргэһэрбит, оҕолор дьонноруттан истибит кэпсээннэриттэн эмиэ үөрэ-көтө үллэстэллэрэ. Ол курдук, алын оскуоланы түмүктүүрбүтүгэр гимназиябыт ааҕар киинигэр “Олоҥхо дойдута” диэн оҕолорум айбыт олоҥхолорунан оҥоһуллубут хомуурунньугу бэлэх ууммуппут.
Бу хомуурунньукпут оҥоһуллан тахсарыгар төрөппүттэрбит улахан көмө буолбуттара. Наталья Ивановна Саввинова көмпүүтэргэ танан, “Айанда” диэн бэйэтин издательствотыгар бэчээттээн таһааран хомуурунньукпут күн сирин көрбүтэ. Бу хомуурунньукка хас биирдии оҕо кылаатын киллэрдэ, ким да туора хаалбата. Оҕолор олоҥхолорун ис хоһоонунан уруһуйдаабыт уруһуйдара, бэйэлэрэ пластилинынан олоҥхолорун дьоруойдарын мультик оҥорон тилиннэрбиттэрэ, барыта хомуурунньукка киирэн аныгылыы QR кодунан киирэн көрөр гына оҥоһуллан тахсан үөртэ. Оҕолорбут алын сүһүөх оскуоланы бүтэрэллэригэр олус үчүгэй өйдөбүнньүк буолла. Кылааһым төрөппүттэрэ 4 сылы мэлдьи хас биирдии оҕо туһугар сүрэхтэринэн ыалдьан, өйөбүл, күүс-көмө, тирэх буолан оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ, оҕо үүнэрин-сайдарын туһугар киллэрбит кылааттара үгүс. Кылаас олоҕор, оҕо иитиитигэр ийэ, аҕа эрэ буолбакка, эбээ,эһээ муударай оскуолата, сүбэтэ элбэх өҥөнү оҥорбута. Онон, кылаас салайааччыта быһыытынан ытыктабыллаах төрөппүттэрбэр, саастаах сүбэһиттэрбитигэр махталым муҥура суох. Инникитигэр да куруук маннык бары биир буолан, оҕолорун өйөөн, көмөлөһөн, тэҥҥэ үүнэн-сайдан, оҕолорбутугар тирэх буолуохтара диэн эрэнэбин.
4 «в» кылаас салайааччыта, Корякина Лариса Алексеевна