Кэбээйи оскуолатыгар олоҥхону толоруу күрэҕэ
Саха буоларбыт быһыытынан, төрөөбүт тылбытын умнуо суохтаахпыт диэн өйдөбул барыбытыгар иҥэн сылдьар.
Саамай улахан кылааппыт ОЛОҤХО буоларын бары билэбит. Оттон тыл кылаан чыпчаала – олоҥхо. Тыл баайын илдьэ сылдьааччы – олоҥхоһут.
Сэтинньи 26 күнүгэр Кэбээйи оскуолатыгар, Олоҥхо декадатын чэрчитинэн, III-VII кылаастар икки ардыларыгар олоҥхону толорууга «Уруйдан, улуу олоҥхобут!» диэн күөн күрэс ыытылынна.
Күөн күрэскэ быйыл 10 кылаастан 40 толорооччу кытынна.
Оҕолор «Эрчимэн Бэргэн”, “Мөҥүрүүр Бөҕө”, «Быһыйа Боотур», “Эрдьигэн Бэргэн”, “Эр Бэрдэ Элик Үтүөтэ Эрдьигэн Бэргэн” олоҥхолору толордулар.
Бөлөхтөрү сыаналаатылар – «Сайдам» норуот айымньытын киинин фольклор специалиһа Антон Егорович Петров, директоры иитии үлэҕэ сүбэһит Мария Егоровна Павлова, эбии үөрэхтээһин педагога Софья Прокопьевна Слепцова уонна төрөппүт кэмитиэтиттэн Анастасия Афанасьева Сметанина.
Күрэҕи иилээн-саҕалаан ыытта төрөппүт Любовь Семеновна Семенова.
Хас биирдии бөлөҕү дьүүллүүр сүбэ иһиттэ, сыаналаата. Түмүккэ кылаастар көхтөөхтүк кыттыбыттарын бэлиэтээтилэр.
Күрэх түмүгүнэн III-IV кылаастарга:
Кылаан чыпчаал – III «б» кылаас (сал. Максимова Т.И.)
I истиэпэннээх Добун сурук – IV «а» кылаас (кыл.сал. Терехова А.С.)
II истиэпэннээх Добун сурук – III «а» кылаас (кыл.сал. Шапошникова М.Г.)
III истиэпэннээх Добун сурук – IV «б» кылаас (кыл.сал. Терехова С.И.)
V-VII кылаастар икки ардыларыгар:
Кылаан чыпчаал – VI «а» кылаас (кыл.сал. Ноговицына М.П)
I истиэпэннээх Добун сурук – VI «б» кылаас (кыл.сал. Терехова А.П.)
II истиэпэннээх Добун сурук – V «а» кылаас (кыл.сал. Дьячковская Т.О.)
III истиэпэннээх Добун сурук – V «б» кылаас (кыл.сал. Колмогорова М.Н.)
“Кэскиллээх ааҕааччылар” анал аат – VII «б» кылаас (кыл.сал. Зыкова М.И.)
“Кэскиллээх ааҕааччылар” анал аат – VII «а» кылаас (кыл.сал. Кобякова В.В.)
Бары кыайыылаахтары эҕэрдэлиибит, инникитин да ситиһиилэри, төрөөбүт тылгытын өрө тута, харыстыы сылдьыҥ диэн баҕарабыт!
https://vk.com/wall806507285_1122