Олоҥхобут эпостаах норуоттары сомоҕолуур - Сайт Олонхо
Главная / События / Олоҥхобут эпостаах норуоттары сомоҕолуур

Олоҥхобут эпостаах норуоттары сомоҕолуур

 Олоҥхо дэкээдэтин чэрчитинэн сэтинньи 28-29 күннэригэр Дьокуускайга наһаа улахан тэрээһин буолан ааста – норуоттар икки ардыларынааҕы “Истоки традиционных верований в контексте эпического наследия народов Евразии” диэн научнай кэмпириэнсийэ.

Бу кэмпириэнсийэ сааһын тухары олоҥхону үөрэтиигэ, үйэтитиигэ, тарҕатыыга уонна аан дойду таһымыгар тахсыытыгар үлэлэспит учуонай, култуура үтүөлээх үлэһитэ, Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата  Агафья Еремеевна Захарова сырдык аатыгар ананна, кини кэриэһигэр ыытылынна.

Норуоттары сомоҕолуур эпос биһиги тымныы кыраайбытыгар уһулуччулаах учуонайдары ыраахтан-чугастан түмтэ: Азербайджантан, Казахстантан, Кыргызстантан, Туркменистантан, Монголияттан,  Арассыыйа араас эрэгийиэннэриттэн: Башкортостантан, Бурятиятаттан, Калмыкияттан, Хакасияттан, Алтайтан, Тываттан, Татарстантан  уонна Хотугу Осетияттан. Эпосоведтар, фольклористар, культурологтар, этнографтар, историктар филологтар, философтар итэҕэлгэ, былыргы үгэскэ уонна эпическэй айымньыларга сыһыаннаах бэйэлэрин чинчийиилэрин кэпсээтилэр, хардарыта уопут атастастылар, саха олоҥхотун кытта сиһилии билистилэр, норуот тылынан үйэлээх баайын салгыы хайдах ыччакка тириэрдэр, үөрэтэр, киэҥ эйгэҕэ таһаарар, олоххо көдьүүстээхтик туһанар уонна үүнэр көлүөнэлэргэ суолтатын сүтэрбэккэ хаалларар туһунан толкуйдарын эттилэр, биир идиэйэ иһин сүбэлэһэн үлэлиир оҥкулу торумнаатылар.

Кэмпириэнсийэ үөрүүлээх аһыллыытыгар Ил Дархан сүбэһитэ Андрей Саввич Борисов кыттааччылары эҕэрдэлээтэ. Ол кэннэ Агафья Еремеевна туһунан дакылааттары аахтылар: тылы чинчийэр үнүстүүттэн Ольга Чарина Агафья Еремеевна 1991-2008 сс. кинилэргэ үлэлээбит кэмин аҕынна, АГИКИ  проректора Зоя Стрекаловская  култуура бу үрдүк үөрэҕин кыһата тэриллэригэр А.Е. Захарова сүҥкэн өҥөлөөҕүн бэлиэтээн эттэ, Олоҥхо киинин билиҥҥи салайааччыта Елена Протодьяконова олоҥхону аан дойду таһымыгар таһаарыыга, билим хараҕыттан көрөн чинчийиигэ Агафья Еремеевна киллэрбит кылаатын сырдатта.

Национальнай бибилэтиэкэ  кыраайы үөрэтэр салаата А.Е. Захарова үлэтин уонна олоҕун сэһэнин сэһэргиир быыстапканы бэлэмнээн туруорда.

Билэрбит курдук, Агафья Еремеевна олоҥхо, фольклор тиэмэтигэр сүүһүнэн научнай ыстатыйалаах, үлэлээх.  Фундаментальнай тирэх үлэлэринэн «Архаическая ритуально-обрядовая символика народа саха (по материалам олонхо)», «Якутский героический эпос олонхо: сохранение, изучение и развитие», «Олонхо: учение традиционного наследия. «Ытык Бичик» буолаллар.

Кини Олоҥхо энциклопедиятыгар сыралаһан үлэлии сылдьан, олохтон туораабыта. Ол иннинэ  2022 с. Вацлав  Серошевскай “Якуты” кинигэтин  II томун таһаартарбыта.

Дьэ, кини үлэлэрин түмэн, “Избранные труды. I том”, итиэннэ бэйэтэ тэрийсэн ыытар “По зову земли Олонхо” диэн норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээл матырыйаалларынан  кинигэлэрин сүрэхтэниитэ буолла.

Кэмпириэнсийэ 3 сиэксийэнэн үлэлээтэ.

  1. Отражение генезиса ранних форм религиозных верований и обрядовой культуры в эпосе народов Евразии: междисциплинарные исследования”.  Манна Саха сириттэн Розалия Бравина киһини көмүү сиэрин-туомун, Василий Илларионов Олоҥхо ыһыахтарын, Светлана Мухоплева итэҕэл өттүттэн былыргы норуот ырыаларын анаарыы, Валерий Васильев түүр мифтэригэр кэпсэнэр ойууннар көтөрдөрүн-сүүрэрдэрин архаическай уобарастарын, Евдокия Поликарпова, Марина Гоголева олоҥхо гуманистическай төрүттэрин, Василий Винокуров олоҥхо уус-уран уобарастарын бөлүһүөктүү герменевтика ньыматынан быһаарыы, Семен Протопопов билиҥҥи духуобунай быраактыкаҕа норуот эмчиттэрэ чөлгө түһэрэр ньымаларын, алгыстарын  сабыдыалын, Айталина Кузьмина олоҥхолуох уонна бүппүтүн кэннэ толоруллар ритуальнай ырыалар, Надежда Оросина ньургуннар туһунан олоҥхолорго сүрүн дьоруойу араҥаччылыыр үрдүкү күүстэр, Александра Прокопьева өбүгэлэрбитин көмөллөрүгэр туһанар кыылларын уонна кинилэр уобарастарын,  Бурятияттан Дарима Бадмацыренова эпоска чыыһыла суолтатын туһунан дакылааттары аахтылар
  2. Мифологическая и религиозная лексика языка эпоса: проблемы семантики и исторической реконструкции” сиэксийэҕэ Хакасияттан Мария Чертыкова бухатыыр туһунан номохторго хакаас-моҕуол ханыылаһар паараларын, Калмыкияттан Боеха Борлыкова “Джангар” эпоска уонна түҥ былыргы калмык ырыаларыгар буддийскай храмы ойуулааһын, Тываттан Шенне Кужугет  “Бокти-Кириш, борашээлей” эпос сатирическай матыыбын, Саха сириттэн Марианна Сатанар олоҥхо уобарастарын төрдү-уус, устуоруйа өттүттэн көрөн үөрэтии, Раиса Кузьмина эбээннэр фольклордарыгар аан дойду хартыынатын, Галина Попова-Санаайа А.Местников “Бардам Баабый” олоҥхотугар духуобунай суоллар, Лина Готовцева К.Оросин “Ньургун Боотуругар” сомоҕо домохторун, Анна Данилова олоҥхоҕо баар айыылар ааттарын, Юрий Борисов эрдэтээҥҥи олоҥхолорго ойууланар сэп-сэбиргэл, Елена Нестерева эбээн-нуучча тылдьытыгар фольклор тылын-өһүн, Виктория Харабаева олоҥхоҕо даҕааһын ааттарынан тэҥнэбиллэри, Светлана Семенова олоҥхо ааттарын нууччалыыга көһөрүү үгэһин, Хаар Семенова олоҥхону тупсаран оҥоруу, Анастасия Константинова “Олоҥхо – оҕо хараҕынан” үөрэх босуобуйатын туһунан кэпсээтилэр.
  • “Эпическое наследие как фундаментальная “матрица” этнической идентичности народов Евразии в современном мире: философско-мировоззренческий и лингво-генетический аспекты” сиэксийэҕэ Иннокентий Татаринов Агафья Захарова оҕо бибилэтиэкэтигэр үлэтин, Николай Кожевников Киин Азия уонна Арҕаа Европа эпостарын поэтика ньыматынан тэҥнээһин, Сардаана Шарина эбээннэр эпическэй түөлбэ үгэстэрин, Гульнара Саввинова олоҥхо концепт дьоруойун Ньургун Боотур холобуругар ырытыы, Виктория Григорьева Амма олоҥхоһуттарын үөрэппит В.Н. Васильев, Ольга Степанова Ноорой “Күн Эрэли” олоҥхотугар мифологическай уобарастар, Руслан Анисимов олоҥхо духуобунай култууратын бэлиэтиир историзм лексемалар, Борис Борисов Ньурба сахаларыгар сэргэ уобараһын,  Мария Ларионова элбэх омуктаах Саха сиригэр үгэстэри уонна төрүт итэҕэллэри харыстааһын, Александра Местникова саха уруутун сиэрин-туомун, Мария Ким култуураны сыыппара ускуустубатын көмөтүнэн үйэтитии, Виктор Стручков олоҥхоҕо саха халандаарын, Киргизияттан Талантаалы Бакчиев дьахтар эпоһы толоруутун, Бурятияттан Арюна Абидуева бүрээт эпоһыгар синергическай парадигма туһунан дакылааттаах кытыннылар.

Бу кэмпириэнсийэҕэ кэлбит дьон “Дьырыбына Дьырылыатта” олоҥхо-испэктээккэ сырыттылар, араас омук эпоһын толороллорун иһиттилэр.

Олоҥхобут бу курдук эпостаах норуоттары сомоҕолуу турдун!

Поделитесь этой страницей