Доллуга оҕо барыта олоҥхолоото
Олоҥхо – саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын муҥутуур чыпчаала, үйэттэн үйэ, көлүөнэттэн көлүөнэ тухары бэриллэн испит дириҥ ис хоһоонноох баайа.
Доллуга Олоҥхоҕо дэкээдэтэ ыытылынна. Сэтинньи 25 күнүгэр Олоҥхо күнүнэн аҕам саастаах далбар хотуттарбыт арчылаан, сиэр-туом ыытан, кэлбит ыалдьыттарбытын, оҕолорбутун арыылаах алаадьынан айах тутан көрүстүлэр.
Бу күн төрүт өбүгэлэрбит үгэстэрин утумнаан кэнчээри ыччаттарбыт өбүгэ оонньуутун оройуттан туттулар. Сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин сайыннарар, олоҥхо баай тылын-өһүн, билиини-көрүүнү кэҥэтэр сыалтан өрөспүүбүлүкэтээҕи «Олоҥхо дьыктаана‒2024» аахсыйаҕа кыттынныбыт «Олоҥхо эйгэтэ» кинигэ быыстапката турда.
Сэтинньи 26 күнүгэр СӨ үтүөлээх артыыһа С.Н. Сивцев‒Доллу аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр «Уруйдан, улуу Олоҥхо!» олоҥхону бөлөҕүнэн куолаан толоруу күрэһэр «Куоласчаан» уһуйаан иитиллээччилэрэ уонна Т.Г. Десяткин аатынан орто оскуола үөрэнээччилэрэ күөн күрэстэрэ ыытыллан 110 оҕо кытынна.
Олоҥхобут уруйун олохтоон, «Алгыс» фольклорнай бөлөх олоҥхоһуттарын толоруутугар Н.И.Степанов‒Ноорой «Күн Эрили» олоҥхотун аахтылар (сал. А.С. Власова).
«Куоласчаан» уһуйаан иитиллээччилэрин толоруутугар «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотуттан быһа тардыы (Л.Н.Пономарева).
Социалистическай Үлэ Дьоруойа Т.Г. Десяткин аатынан орто оскуола 1 кылаастар «Эрчимэн Бэргэн» (В.В.Кычкина), 2 кылаастар «Эрчимэн Бэргэн» (В.И.Кисиляхова), 3 кылаастар «Эрчимэн Бэргэн» (К.Е.Васильева), 4 кылаастар «Мөҥүрүүр Бөҕө» (А.А.Заровняева), 5 кылаастар «Эрчимэн Бэргэн» (А.А.Эверстова), 6 кылаастар «Эрчимэн Бэргэн» (В.Д.Клепандина), 7 кылаастар «Дьырыбына Дьырылыатта уонна Тойон Дьөллүүт» (А.Н.Свинобоева), 8 кылаастар «Быыра Баадьай» (П.И.Птицына), 9 кылаастар «Сылгы уола Дьыырай Бухатыыр» (Н.Р.Константинова), 10 кылаастар «Мөҕөрүүн Бөҕө» (П.В.Десяткина) олоҥхолортон быһа тардыылары толордулар.
Күөн күрэспит дьүүллүүр сүбэтигэр СӨ култууратын туйгуна Анатолий Скрябин, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала Анастасия Дагданча, норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ, СӨ култууратын туйгуна Акулина Власова үлэлэстилэр.
Алын сүһүөх кылаастарга бастакы 3 кылаас үөрэнээччилэрэ, «Куоласчаан» уһуйаан иитиллээччилэрэ (Л.Н.Пономарева), үһүс 2 кылаас, үрдүкү сүһүөххэ бастакы 7 кылаас, иккис 10 кылаас, үһүс 5 кылаас үөрэнээччилэрэ буолары ситистилэр. Бары кыайыылаахтарбыт уонна кыттааччыларбыт Туоһу суругунан, сэртипикээтинэн наҕараадаланнылар.
Бу күн нэһилиэкпит уран тарбахтаах иистэнньэҥнэрин «Дьүөгэлиилэр» уонна «Иис абылаҥа», «Утум» кыл-сиэл оҥоһуктар түмсүүлэрин оҥоһуктарын быыстапката туруорулунна.
Сэтинньи 27 күнүгэр «Тумул» хаһаайыстыба үлэһиттэрэ үрүҥ илгэни үрүлүтээччи, туруу үлэһит дьоммут ыанньыксыттара Олоҥхо дьыктаанын суруйдулар. Бу үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кыттыбыт бар дьоммутугар барҕа махтал тиэрдэбит.
Евгения Птицына, Доллу, Мэҥэ Хаҥалас