Дьиэ кэргэн сылыгар дьиэ кэргэнинэн олоҥхолоотулар
Cаха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо декадатын чэрчитинэн, Таатта олоҥхотун салаатын бырайыагынан, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Төрүт ситим” дьиэ кэргэнинэн олоҥхону олоҕурбут ньыманан толоруу үгэс буолбут күрэһэ Дьокуускайга Арчы дьиэтигэр VI төгүлүн тэрилиннэ.
Күрэс бирииһигэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ассоциацията 100 тыһ. солк. үбүлээтэ. Дьиэ кэргэнинэн олоҥхону толорууну Толбонова Надежда Семеновна — «Арчы Дьиэтэ» духуобунай култуура киинин бастакы директора, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Сысолятина Зоя Григорьевна — СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Олоҥхо киинин сүрүннүүр исписэлииһэ, Боппоенова Мария Гаврильевна — СӨ культуратын туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, А.Д. Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство коллеһын сүрүннүүр исписэлииһэ дьүүллээтилэр.
Олоҥхо түһүлгэтэ алгыс сиэриттэн-туомуттан саҕаланна. Софья Николаева алгыс баһын сыалаата. Олоҥхо мааны түһүлгэтигэр өрөөбүт уоһу өһүлэн, хоммут уоһу хоҥнорон өбүгэлэрбит олоҥхону истиэх иннинэ үтүө үгэстэринэн уос аһар олоҥхону Айаал Багынанов олоҥхоттон быһа тардан толордо. Олоҥхо ассоциациятыттан салайааччылар Ф.В. Шишигина, Е.Н. Протодьяконова кыттааччылары эҕэрдэлээтилэр.
Быйылгы Дьиэ кэргэн сылыгар «Төрүт ситим» диэн дьиэ кэргэнинэн олоҥхону толоруу Таатта улууһа ыытар ураты суолталаах күрэһигэр Мэҥэ Хаҥаластан Зыковтар дьиэ кэргэннэрэ А.С.Порядин “Үрүҥ Үөдүйээн” олоҥхотун толорон бастаатылар. Мэҥэ Хаҥаластан Верховцевтар дьиэ кэргэннэрэ Н.И. Степанов-Ноорой “Күн Эрилитин” олоҥхолоон иккис буоллулар. Тааттаттан Макаровтар дьиэ кэргэннэрэ эбэлэрэ Валентина Турантаева “Хоһуун Хотууна” олоҥхотун толорон үһүс миэстэни ыллылар.
Тэрийээччилэр — Таатта улууһун Норуот айымньытын дьиэтэ (директор Г.Г. Вырдылин, фольклор методиһа М.Г. Егорова), СӨ “Олоҥхо ассоциацията” уопсастыбаннай тэрилтэ (президент Ф.В. Шишигина, вице-президент Е.Н. Протодьяконова), Тааттатааҕы Олоҥхо ассоциациятын салаата (бэрэссэдээтэл Сивцева И.А.), Ф.С.Аргунов аатынан Тааттатааҕы оҕо искусствотын оскуолатын Харбалаахтааҕы салаата (директор Федорова С.Т., фольклор преподавателэ Парфенова-Арылы Хотун), И.В. Николаев аатынан Норуот айымньытын дьиэтэ (сал. Т.И. Иннокентьева).
Валентина Бочонина