Олоҥхону бииргэ ааҕабыт - Сайт Олонхо
Главная / События / Олоҥхону бииргэ ааҕабыт

Олоҥхону бииргэ ааҕабыт

Сахабыт сиригэр Олоҥхо күннэринэн, Хамаҕатта нэһилиэгэр «Олоҥхону бииргэ ааҕыахха» үгэскэ кубулуйбут челлендж биллэриллибитэ.

Бу тэрээһиҥҥэ «Тускул» уһуйаан үлэһиттэрэ кытынныбыт. Прокопий Ядрихинскай — Бэдьээлэ «Араҕас маҥан халлаантан илэ бодо айыллан үөскээбит Дьыллыа маҥан аттаах Дьырыбына Дьырылыатта» олоҥхону уһуйаан «Ситим» балаҕаныгар көмүлүөк тула олорон аахтыбыт.

Нам улууһун бастыҥ олоҥхоһута Бэдьээлэ олоҥхотун анаан талбыппыт. Олоҥхо сырдык тускула, тылын баайа, урана, этиллэр дэгэтэ кэрэхсэнэ турдун.

https://vk.com/video_ext.php?oid=-212345641&id=456239238&hd=2&autoplay=1

Маргарита Охлопкова

Поделитесь этой страницей