«Олоҥхо оонньуурдара уонна оонньуулара»  быыстапка-күрэс - Сайт Олонхо
Главная / События / «Олоҥхо оонньуурдара уонна оонньуулара»  быыстапка-күрэс

«Олоҥхо оонньуурдара уонна оонньуулара»  быыстапка-күрэс

Бу дьыл  сэтинньи-ахсынньы ыйдарыгар Олоҥхо ассоциацията уонна “Арылы кустук” үөрэхтээһин уопсастыбаннай ситимин тэрийиитинэн, оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго анаан бэйэ айбыт оонньууларын уонна оонньуурдарын көрдөрүү өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэһэ тэрилиннэ.  

Бу күрэс сыала-соруга: олоҥхо тиэмэтигэр олоҕуран, ураты  оонньуулары,  оонньуурдары айан оҥоруу, оонньуулар, оонньуурдар араастарын дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрүү, дьиэ кэргэн атыылаһарыгар анаан элбэтэр суоллары тобулуу.

Таатта улууһун уһуйааннара сүрүн тэрийээччи быһыытынан үлэлээтилэр. Онон 6 хайысханан түмүллүбүт оонньуулары, оонньуурдары көрдөрүүгэ, билиһиннэриигэ эмиэ кинилэр эппиэттээхтэр.

  1. Тутар-таҥар оонньуурдары (конструктордар, макеттар, о.д.а.). Эппиэттээх – Чымнаайы оскуолата (сал. Н.Н. Саввина, Д.В. Колодезникова).
  2. Остуол оонньуулара – Ытык Күөллээҕи “Сулусчаан” ОСК  кэлэктиибэ (сал. Е.Т. Алексеева, Е.К. Охотина).
  3. Оҕону хамсатар оонньуурдар, оонньуулар – Уус Тааттатааҕы “Харыйачаан” уһуйаан  (сал. В.В. Туласынова, В.В. Баишева).
  4. Төрүт үгэстэри, үлэни сырдатар оонньуурдар, оонньуулар – Кыйы орто оскуолатын уһуйаана (сал. Н.В. Чехордуна).
  5. Тиэхэньиичэскэй, электроннай оонньуурдар, оонньуулар: оҕо өйүн эрчийэр, оҕо хамсатар, сүүрдэр механическай оонньуурдар, электроннай оонньуулар эйгэлэрэ – Ытык Күөллээҕи “Чуораанчык” ОСК  (сал. Г.П. Готовцева, С.А.Дедюкина).
  6. Муусука оонньуурдара, оонньуулара –  Ытык Күөллээҕи  “Кэнчээри” уһуйаан (сал. Г.И. Федорова, М.Н. Неустроева).

Бастакы түһүмэх дьүүллүүр сүбэлэригэр өрөспүүбүлүкэ биллэр-көстөр педагогтара, олоҥхоҕо сыһыаннаах исписэлиистэр, “Арылы кустук” ситим кыттыылаахтара – барыта  21 киһи үлэлээтэ.

Оонньуулары, оонньуурдары сыаналааһын кэриҥнэринэн буоллулар:

  • Оонньуу, оонньуур оҕо сааһыгар, толкуйугар сөп түбэһэрэ.
  • Оонньуу, оонньуур олоҥхону билиһиннэрэр, олоҥхоҕо уһуйар соруга.
  • Ааптар ураты көрүүтэ, ханна да суох оонньууну, оонньууру айан таһаарбыта.
  • Оонньуу, оонньуур оҕону умсугутар күүһэ.
  • Оонньуу, оонньуур  элбэтиллэр  (тиражтанар)  кыаҕа, атыыга тахсар кэскилэ.

Өрөспүүбүлүкэ 14 улууһуттан, 2 куораттан кэтэхтэн көрүү түһүмэҕэр 208  сайаапка  киирбититтэн,  биэтэккэ  91  оонньуур уонна оонньуу  тиийдэ.

Ахсынньы 4 күнүгэр “Сэргэлээх уоттара” култуура киинигэр Дьокуускай, Верхоянскай куораттартан,  Үөһээ Дьааҥы, Нам, Таатта, Амма, Өлөөн, Ханалас, Уус Алдан, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Кэбээйи улуустарыттан 130 иитээччи  оонньууларын,  оонньуурдарын быыстапкаҕа көрдөрө, дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэрэ, күрэс түмүк  күнүгэр  муһунна.

Күрэс ситиһиилээхтик барарыгар Дьохсоҕон орто оскуолатын уһуйаанын иитээччитэ С.М. Тихонова, Харбалаахтааҕы “Кэскил” дьыссаат үлэһиттэрэ (сал. Х.С. Кривошапкина, С.И. Никонова), Хатастааҕы “Кэрэчээнэ”  уһуйаан (сал. Г.С. Николаева, С.А. Ноговицына, В.Н. Старкова) тэрээһиҥҥэ үлэлээтилэр. Олоҥхо ассоциациятын чилиэнэ Ларьяна Дмитрьевна Васильева олус эппиэтинэстээх, далааһыннаах үлэни кыайа-хото тутан, күрэспит үрдүк таһымнаахтык барарыгар бары усулуобуйаны хааччыйбытыгар махталбыт улахан.

Киэҥ-куоҥ  холларга  олоҥхо тойуга дьиэрэйдэ, хомус дьүрүскэн тыаһа кутулунна,  остуолларынан,  муостанан  олоҥхо  оонньуурдара, оонньууллара тэлгэннилэр. Ааптардар оҕолорго анаан толкуйдаан-тобулан айбыт  оонньууларын көрдөрдүлэр,  кыһаллан,  чочуйан оҥорбут оонньуурдарын  кэпсии,  сэҥээрдэ  сырыттылар.

Кыттааччылар болҕомтолорун кэнчээри ыччаттарбыт ыллылар. Ол курдук,  Хатастааҕы “Кэрэчээнэ” уһуйаан  эбии үөрэхтээһинин педагога Вера Никитична Старкова дьарыктыыр иитиллээччилэрэ “Кустук” бөлөх “Эрчимэн Бэргэн”, оттон “Кулунчук” бөлөх “Дьохсоҕолдьун бухатыыр” олоҥхолортон толорон, күрэх күүрээнин киэргэттилэр.

Дьокуускай куорат 7-с №-дээх орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ (сал. Ж.Н. Петрова) “Ньургун Боотур” олоҥхоттон быһа тардыылары иһитиннэрэн, күрэс быыстапкатын кыттааччыларын “Ноо!” сэҥээриилэринэн биһирэннилэр, ытыстарын тыаһынан махтал ыллылар.

Кыра саастаах оҕо оонньуу нөҥүө сайдар, билии-көрүү ылар, тылын-өһүн чочуйар, биир саастыылаахтарын, дьону-сэргэни кытта бодоруһа үөрэнэр. Олоҥхону  сырдатар,  олоҥхо дьоруойдарын  холобурдарынан иитэр оонньуурдар  саха ыалыгар баар буолуоҕун ситиһэр баҕа санаабытын өйөөн, “Көмүлүөк” фирма генеральнай дириэктэрэ, СӨ урбаанньыттарын “Сделано в Якутии” ассоциацияларын бэрэссэдээтэлэ Ольга Григорьевна Григорьева көрөн, хас биирдии ааптар оҥоһугар бас билии быраабын ыларыгар сүбэ биэрэн, баҕа санааларын эттэ.

Дьүүллүүр сүбэҕэ  педагогика билимин кандидата, “Арылы кустук” ситим билимҥэ салайааччыта Чехордуна Екатерина Петровна, педагогика билимин дуоктара, ХИФУ “Педагогика уонна психология” хаапыдыратын бэрэпиэссэрэ Прокопьева Мария Михайловна,  педагогика билимин кандидата,  ХИФУ “Алын сүһүөх үөрэхтээһин” хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ Неустроева Анна  Николаевна,  культуролог, СӨ норуот уус-уран айымньытын маастара,  СӨ куукула оҥорооччуларын айар сойууһун бэрэссэдээтэлэ Иванова  Айталина  Петровна, “Эркээйи эргиирэ” бырагыраама  сүрүннээччитэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи  оҕо  хамсааһынын  салайааччыта  Охлопков  Геннадий  Иванович  үлэлээтилэр.

Бириистээх миэстэлэргэ  6 хайысханан  барыта  18  үлэ таҕыста,  17  оонньуу  номинацияҕа тигистэ. Бастыҥ үлэлэринэн сыаналаннылар:

  • Тутар-таҥар  оонньуурдарга, оонньууларга – “Ураһа” хомулук (ааптардар В.Г. Афанасьева, М.Д. Максимова, И.Е. Мохначевская, Х.Г. Халыева – Ытык Күөллээҕи “Сулусчаан” оҕону сайыннарар киин, Таатта улууһа),
  • Остуол  оонньуурдарыгар, оонньууларыгар – “Олоҥхо холбуката” (ааптардар Л.Д. Винокурова, М.В. Михайлова– Үөдэйдээҕи “Чуораанчык” уһуйаан, Нам улууһа).
  • Төрүт үгэстэри, үлэни сырдатар оонньуурдар, оонньуулар – “Балыксыттар” (ааптардар Э.В. Слепцова, А.Ф. Гуляева – Чөркөөхтөөҕү “Аленушка” оҕону сайыннарар киин, Таатта улууһа).
  • Муусука оонньуурдара, оонньуулара – “Олоҥхо дьоруойдара” интерактивнай куукулалар (ааптардар Г.Н. Дуюкова, Н.И. Захарова, С.А. Дягилева – Ытык Күөллээҕи “Сулусчаан” оҕону сайыннарар киин, Таатта улууһа).
  • Оҕону хамсатар оонньуурдар, оонньуулар –  “Тыйаатыр куукулалара. П.А. Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун дьоруойдара”  (ааптардар Л.Г. Семенова салайааччылаах бөлөх –  Дьокуускай куорат 21-с №-дээх “Кэнчээри” уһуйаана).
  • Тиэхэньиичэскэй, электроннай  оонньуурдар, оонньуулар – “Олоҥхо ыллыгынан айан” (ааптардар О.А. Назарова, Л.С. Павлова, Т.С. Дьяконова – Ытык Күөллээҕи “Сулусчаан” оҕону сайыннарар киин, Таатта улууһа).

Таатта улууһун уһуйааннарын иитээччилэрэ көхтөөх кыттыыны ыллылар. Ол курдук, сүүмэрдиир түһүмэххэ кинилэр 27 оонньуурдара киирбитэ. Дьүүллүүр сүбэ маннык сыанабылын ыллылар:

  • Тутар-таҥар  оонньуурдарга, оонньууларга:

II миэстэ – “Саха балаҕана”, С.Г. Григорьева, Ытык Күөллээҕи “Чуораанчык” оҕону сайыннарар киин;

III миэстэ – “Олонхо күлүк тыйаатыра”, Р.Д. Огонерова, Тыараһа орто оскуолата.

  • Остуол  оонньуурдарыгар, оонньууларыгар:

II миэстэ  – «Олоҥхо көмөтүнэн оҕону эргиччи сайыннарар оонньуулар» холбука; “Олоҥхо холбуката”.  М.М. Гуляева, И.Е. Мохначевская, Х.Г. Халыева, Ытык Күөллээҕи “Сулусчаан”  оҕону сайыннарар киин.

“Тылы сайыннарар оонньуу” номинация – «Аал Луук Мас». «Дьикти ытык». «Олоҥхо хонуута». М.С. Толстякова, Ытык Күөллээҕи “Кэнчээри” оҕону сайыннарар киин.

“Айымньылаах оонньуу” номинация – “Обугурас-хобугурас кутуйахтар”. “Мин төрөөбүт дойдум”. «Эрээти бул”. “Сахалыы иһит”, А.В. Степанова, А.Ю. Попова, Л.А. Попова, О.А. Назарова, Ытык Күөллээҕи “Сулусчаан” оҕону сайыннарар киин.

  • Төрүт үгэстэри, үлэни  сырдатар оонньуурдарга, оонньууларга:

“Алыптаах эйгэ” номинация – “Олоҥхо куукулаларын тыйаатыра”, В.Д. Аввакумова,  М.М. Гуляева, К.А. Максимова, Ытык Күөллээҕи “Сулусчаан” оҕону сайыннарар киин.

  • Тиэхэньиичэскэй, электроннай  оонньуурдарга, оонньууларга:

  III миэстэ – «Сахалыы мусукаалынай инструменнары таай», А.В. Аржакова А.В, Ытык Күөллээҕи “Чуораанчык” оҕону сайыннарар киин.

 “Сонун ньыманы туһаныы” номинация — “Таабырыннар. Айылҕа.Үөн-көйүүр”, “Бөлөхтөргө араар”, “Абааһы кыыһыныын өй күрэҕэ”, С.Г. Григорьева, Ытык Күөллээҕи “Чуораанчык” оҕону сайыннарар киин.

  • Оҕону хамсатар оонньуурдарга, оонньууларга:

III миэстэ – “Сылгыһыт уонна дьөһөгөй оҕолоро”, А.А. Филатова, Чөркөөхтөөҕү “Аленушка” оҕону сайыннарар киин.

“Өбүгэ оонньуута” номинация – “Өбүгэ оонньууларын холбуката”, А.Е. Жараева, А.Н. Саввина, А.И. Наумова, Дьохсоҕон  орто оскуолата.

Бу оонньуурдар, оонньуулар эрдэ улууспутугар “Олоҥхо ыллыгынан” тэрээһиҥҥэ кыттыбыт, оҕолорго уонна төрөппүттэргэ оонньотуллубут буолан, иитээччилэр өссө тупсаран, ситэрэн-хоторон, дьоһуннаах үлэлэри көрдөрдүлэр.

Өрөспүүбүлүкэ куонкуруһугар биһирэммит 35 үлэ ааптардара  Феврония Васильевна Шишигина, Елена Николаевна Протодьяконова  салайааччылардаах  СӨ “Олоҥхо ассоциацията” уопсастыбаннай тэрилтэ  анаабыт харчынан бириэмийэлэрин туталларыттан  олус диэн  астыналлар,  махтаналлар.

Маннык куонкурус  иитээччилэр  айдарыктарын сайыннаран,  саха норуотун сүдү айымньытын олоҥхону оҕо кыра эрдэҕиттэн сэҥээрэригэр кыһаллан,  чаҕылхай үлэлэри айалларын көрдөрдө,  инникитин  оҕолор кэлэн тутан-хабан,  оонньоон көрөр быыстапкаларын тэрийэргэ, сахалыы куттаах оонньуур  сайдар  кэскилин  кэҥэтэр суоллары тобулар  санаа  киирдэ.

 Ирина Михайловна Тихонова, тэрийээччи,

“Арылы кустук” ситим чилиэнэ.

Поделитесь этой страницей