"БАҺЫРҔАСТААХ АТТААХ БААБЫЙ БААТЫР" - Сайт Олонхо
Главная / События / "БАҺЫРҔАСТААХ АТТААХ БААБЫЙ БААТЫР"

«БАҺЫРҔАСТААХ АТТААХ БААБЫЙ БААТЫР»

Күндү Дьокуускай куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара!

Арассыыйа көрдөрүүлээх, СӨ норуодунай «СИР СИМЭҔЭ» ансаамбылын 30 сыллаах дьоро киэһэтэ 2025 сыл тохсунньу 18 күнүгэр киэһэ 16.00 чаастан Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр буолар.

Бу күн «Сир симэхтэрэ» уонна Амма Короленко аатынан 1-кы нүөмэрдээх оскуолата биир дойдулаах олоҥхоһуттара Юрий Борисов «БАҺЫРҔАСТААХ АТТААХ БААБЫЙ БААТЫР» олоҥхотунан музыкальнай-хореографическай испэктээги көрдөрүөхтэрэ.

Бу испэктээк СӨ Олоҥхо күрэҕин «Родной язык — достояние народов» гранын кыайыылааҕа.
📌Билиэт https://ddn-afisha.ru/ сайтка атыыланар.

👨‍👩‍👧‍👦👨‍👩‍👧‍👦👨‍👩‍👧‍👦 Кэлиҥ, сылдьыҥ, сэргэҕэлээҥ, олоҥхо омуннаах дойдутугар устуоҕуҥ, алыптаах долгунугар уйдарыаҕыҥ!

Поделитесь этой страницей