Бастакы Хаҥалас нэһилиэгин олоҥхоһуттара
Олоҥхо — саха норуотун тылынан айымньытын кылаан чыпчаала. Ис хоһоонунан, эгэлгэ сюжетынан, сиппит-хоппут уобарастарынан, уус-уран ойуулааһыннарынан олус баай.
Олоҥхоһуттар норуот бу сүдү баайын үйэттэн үйэлэр тухары көлүөнэттэн көлүөнэҕэ биэрэн, биһиги күннэрбитигэр аҕаллылар. Урукку өттүгэр олоҥхоһут хоммут ыалыгар дьоро киэһэ буолара. Норуот олоҥхоҕо умсугуйуута, тардыһыыта түбэһиэхчэ буолбат.
Оччолорго үөрэх-сайдыы намыһах кэрдиискэ турар кэмигэр олоҥхолооһун улахан култуурунай суолталааҕа. Олоҥхоһут –айылҕаттан сүдү талааннаах киһи. Ылбычча киһи санаата да олоҥхолоон барбата биллэр. Олоҥхолооһун үгэс быһыытынан киэһэ тэриллэрэ уонна түүнү быһа, сороҕор хас да күн салҕанара. Бу былаһын тухары олоҥхоһут толоруутун умсулҕанынан, уус-уран кэпсээһининэн, бухатыырдар ырыаларын араастаан толорорунан, куолаһа кэрэтинэн истээччилэрин абылыыра. Маннык ураты айымньыбыт киэҥ-нэлэмэн Сахабыт сирин үрдүнэн киэҥник тарҕаммыта биллэр. Түөлбэ ахсын бэйэлэрин кэмнэригэр киэҥник биллибит-көстүбүт олоҥхоһуттар, ырыаһыттар олорон ааспыттар. Олоҥхо күнүн чэрчитинэн, биһиги нэһилиэкпитигэр олорон ааспыт олоҥхоһуттар тустарынан билиһиннэрэбит.
Бастакы Хаҥалас нэһилиэгэр олохтоох кырдьаҕастар уонна Мария Ивановна Старостина «Колымские якуты в середине 17 –начале 20 в в.» кинигэтигэр суруйбутунан олорон ааспыт олоҥхоһуттарынан буолаллар эбит Константин Васильевич Винокуров, Николай Семенович Березкин, Николай Ноговицын — Чайчылах, Николай Константинович Третьяков —Ньукууша, Иван Дмитриевич Сухомясов-Мойбук.
1. Березкин Николай Семенович эһэтиттэн, аҕатыттан уонна бэйэтин нэһилиэгэр олорон ааспыт олоҥхоһуттартан истибит олоҥхолорун толорор эбит: «Чаҕылҕан ала ааттаах Таас Укулаат уол»; «Хара дьоруо аттаах Харыйа Баатыр»; «Мэгиргэннээх мэгир сиэр аттаах Мэриэт Мэргэн»; «Күнү, ыйы кытары көрсүһэ төрүөбүт Күнээри баатыр»; «Эр бэрдэ Эрбэхчэй Мэргэн»; «Эмньик кулун аттаах Чыкалчакаан Баатыр уола Кыһыл былыт аттаах Кытыгыраан Баатыр»; «Саха киһи төрдө Сапыйа баай тойон оҕон- ньор»;
Березкин Н.С. эһэтэ Степан Агафонов-Куоҕас Березкин биллиилээх олоҥхоһут эбит. 1829с. төрөөбүт, быһа холоон 1894с. эргин өлбүт. «Эмньик кулун аттаах Чыкалчакаан Баатыр, уола Кыһыл былыт аттаах Кытыгыраан Баатыр» олоҥхолооҕо ахтыллар.
2. Николай Ноговицын -Чайчылах олоҥхото «Тура төрүөбүт Дуура Дохсуо бухатыыр оҕонньор»;
3. Константин Васильевич Винокуров «Эрэйдээх буруйдаах Эр Соҕотох» олоҥхону толороро ахтыллар.
4. Николай Константинович Третьяков -Ньукууша оҕонньор. Николай Кон-стантинович 1906с. төрүөх, оҕо эрдэҕиттэн айылҕаны сэргии көрөн, көрбүтүн-истибитин хоһуйан ыллыыр, тойуктуур, олоҥхону да сэҥээрэ улааппыт. Киэҥ көҕүстээх, ырыаһыт куоластаах буолан дьон истэригэр ыллыыр, хомус тардар эбит. Николай Константинович Третьяков 1956с. диалектологическай экспедицияҕа сылдьан Орто Халыма оройуонугар баар норуот ырыаһыттарын, олоҥхоһуттарын толоруутугар, экспедиция салайааччыта Н.К. Антонов устан ылыытыгар үс ырыаны толорон, ыллаан биэрбит: «Ойуун алҕаныыта», «Кыыс ырыата», «Ат ырыата». Ытык кырдьаҕас өйүттэн айан ыллаабыт-туойбут ырыаларын тылын 2019 с. Николай Константинович убайа Константин Константинович улахан сиэнэ Екатерина Петровна Слепцова архыыптан булан «Удьуор Утума-Третьяковтар» кинигэтигэр киллэрбит: «Ойуун алҕаныыта», «Кыыс ырыата», «Ат ырыата», «Бары бэттэх буола туруҥ». Чопчу ханнык олоҥхону толороро ыйыллыбатах.
Кэлин 1970 сыллардаахха, кыргыттара өйдүүллэринэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа Гаврил Колесов концертыы кэлэ сылдьан Николай Константинович толоруутуттан хас да алгыһы, ырыаны суруйан-устан барбыт. Махтанан оҕонньорго «Ньургун Боотур» олоҥхо пластинкаларын кэмпилиэгин бэлэхтээбит.
Евдокия Митрофановна Колесова ахтарынан култуура үөрэҕин бүтэрэн кэлэн кулуупка үлэлииригэр Николай Константинович сыанаҕа хотугулуу тойугу толороро, сыыйа тардан хомустуура, 1968 с.зональнай көрүүгэ баран олоҥхолоон, тойуктаан Лауреат буолан кэлбит. Н.К. Третьяков төрөппүт оҕолоро аҕаларын удьуордаан дьоҕурдаахтар, уус-уран самодеятельность көхтөөх кыттыылаахтара этилэр. Кыыһа 85 саастаах Евдокия Николаевна маннык ахтар: «Чээчэм олоҥхоһут этэ, хомус оҥорор эбитэ үһү уонна бэйэтэ хомуска оон-ньуур этэ, ону батан эбитэ дуу, чабырҕахха өрөспүүбүлүкэҕэ Лауреат буолбутум, 28 куплеттаах чабырҕаҕы ааҕар этим. Үгэ да ааҕарым, сыаҥкаҕа оонньуур этим».
Кыыһа —Елена Николаевна Иванова (Третьякова) Ньурбаҕа олорбута, биллиилээх импровизатор-тойуксут, алгысчыт, оһуокай этээччи. Улуустааҕы, Өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээллэр, ыһыахтар элбэх төгүллээх Лауреаттара. Уола Третьяков Василий Николаевич — самодеятельнай артыыс, юмористическай жанр артыыһа, нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах бэстибээллэр кыайыылаахтара.
5. Дмитрий Иванович Сухомясов-Мойбук (1884-1956с.) сиэнэ педагогическай үлэ бэтэрээнэ Евдокия Гавриловна Томская ахтар: «Эһэм оскуолаҕа үөрэммэтэх, бэйэтэ латыыныскай буукубалары үөрэтэн ааҕар, суруйар буолбут, ол курдук үөрэххэ, сырдыкка баҕалаах эбит, миэхэ үөрэхтээх киһи буоларбар улахан оруолу ылбыта, эһэм ыллыыр, олоҥхолуур этэ, ырыалаах олоҥхолору толороро. «Күн Нуоҕалдьын хара аттаах Тойон Дьаҕарыма бухатыыр» олоҥхону олоҥхолуура, «Харахаан Тойон» олоҥхону олоҥхолуурун өйдүүбүн, 1946 с. «Харахаан Тойон» олоҥхону ыһыахха толорбута».
Бастакы Хаҥалас нэһилиэгэр бэрт элбэх олоҥхоһут олорон ааспыт эбит, ол эрээри олох аҕыйаҕа сурукка-бичиккэ бэлиэтэммит эбит. Архыыпка киирбит нэһилиэкпит олоҥхоһуттарын олоҥхолорун мунньан бэчээттэтэн кинигэ оҥорон таһаардар бэрт да буолуох эбит!
Матырыйаалы бэлэмнээтэ, Н.Д. Созонова аатынан «Күөрэгэй» култуура киинин дириэктэрэ, төрүт култуура учуутала,
СӨ үөрэҕириитин туйгуна Мария Юрьевна Третьякова.
Сэтинньи 25 күнэ, 2024с., Өлөөкө Күөлэ.
Матырыйаал, Евдокия Гавриловна Томская, Евдокия Митрофановна Колесова ахтыыларыттан, Мария Ивановна Старостина «Колымские якуты в середине 17 –начале 20 в в.», Екатерина Петровна Слепцова «Удьуор Утума — Третьяковтар» кинигэлэриттэн сирдэтиллэн сурулунна.