Ытык Күөл түмэлэ олоҥхоһуттар ааттарын үйэтитэр - Сайт Олонхо
Главная / Журнал Сурунаал / Ытык Күөл түмэлэ олоҥхоһуттар ааттарын үйэтитэр

Ытык Күөл түмэлэ олоҥхоһуттар ааттарын үйэтитэр

1945 с. ытык Тааттаҕа Кыайыы ыһыаҕа ыытыллыбыта, ол кэмҥэ киэҥ түһүлгэни түмэ тардар, уус тыллаах олоҥхоһуттар ыһыаҕы киэргэтэллэрэ. Өбүгэ ситимэ быстыбатын, кэнэҕэс көлүөнэ норуот олоҥхоһуттарын умнубатын туһугар Ытык Күөллээҕи түмэлгэ кинилэр ааттарын үйэтитии үлэтэ ыытыллар.  

Иван Егорович Огочуяров -Баспарыйа (1898-1956 сс.)

Дьүлэй нэһилиэгин кэлин тиһэх эдэр көлүөнэ олоҥхоһуттарыттан биирдэстэрэ, олоҥхотун тыла-өһө уранынан, этэр тыла имигэһинэн, ыллыыр-туойар куолаһа чөллөркөйүнэн, дэгиттэр куолаһынан ситэрэн-хоторон олоҥхолуурунан, ханна сылдьарын тухары дьоҥҥо-сэргэҕэ наһаа кэрэхсэтэрэ, үөрэтэрэ даҕаны.

Таатта кэнники хас да көлүөнэ олоҥхоһуттарыттан элбэх олоҥхону билэринэн, олоҥхотун тыла-өһө ууһунан-уранынан, ырыатын-тойугун хото тутан дэгиттэр куолаһынан ыллыырынан биир бастыҥнара. Олоҥхолуурун таһынан сэһэнньит, ырыаһыт-тойуксут, үтүөкэн алгысчыт быһыытынан эмиэ биллибитэ. Дарыбыан олоҥхонон адьас эдэр сааһыттан идэтийбитэ диэн кэпсииллэрэ, барыта 13 олоҥхону билэрэ. Куоракка иккитэ ыҥырыллан, атын оройуон ааттаахтарын кытта күөн көрсөн ыллаһан-миэстэлэһэн, иккитэ бириэмийэ ылан тахсыталаабыта.

Денис Тимофеевич Эльберяков (1887-1955 сс.)

Тааттатын улууһугар обургутук биллибит-биһирэммит олоҥхоһут, ырыаһыт, тойуксут, остуоруйаһыт, сэһэнньит киһи этэ. Кини дьонугар-сэргэтигэр олус сайаҕас, күлбүт-салбыт, үөрбүт-көппүт көннөрү оонньуулаах, судургу көнө майгылаах киһи быһыытынан биллибитэ. “Чохчоохой ырыата” диэн былыргы өбүгэлэрбит айан хаалларбыт ырыаларын кини эрэ сатаан кыайа тутан ыллыыра.

Степан Егорович Андросов —Куохтаан Ыстапаан (1897-1948 сс.)

Өбүгэ Дьөгүөр төрөппүт оҕолоруттан биирдэстэрэ. 12 сааһыттан олоҥхолообут олустаахай олоҥхоһут, ыпсарыылаах ырыаһыт, тахсыылаах тойуксут киһи. 1937 с. сайын П.А. Ойуунускай ыҥырыытынан куоракка киирэн, атын улуустар ааттаахтарын кытары күөн көрсөн, күрэс былдьаһан олоҥхолоон, иккис миэстэни ылан, харчынан бириэмийэлэнэн тахсыбыта. Онон Куохтаан Ыстапааны дойдутун дьоно батыһа сылдьан биһирээн олоҥхолоппут, дьиҥ-чахчы уһулуччулаах олоҥхоһуттара этэ. Куохтаан Ыстапаан элбэх былыргы ырыалары-тойуктары билэрэ уонна ыллыыра.

18 Давыдов Илларион

Мария ТУЛАСЫНОВА, Ытык Күөллээҕи Таатта түмэлин ыстаарсай научнай үлэһитэ.

Хаартысканы ааптар хааччыйда. 

Поделитесь этой страницей