Журнал
Олоҥхо ыһыаҕа бэрт тэрээһиннээхтик, үчүгэйдик буолан ааста. Ырыата-тойуга дуорайда, суон сураҕа сир-сир аайы тарҕанна, оонньуулаах, дьоҕурдаах дьон-сэргэ тоҕуоруста. Хаартыска: Ааптар түһэриитэ Муона Чараҥар СӨ үтүөлээх артыыһын, Ил Дархан стипендиатын, олоҥхоһут, ньимҥакалаан, норуот ырыаһыта Валентин Исаковы көрсө түһэн, оһуордаах-мандардаах сөрүүн ураһаҕа киирэн, атах тэпсэн олорон, кэпсэтэ түстүбүт. Кини буола турар ыһыах, олоҥхо күрэһин туһунан санаатын үллэстэр – Олоҥхо […]
Сүҥкэн суолталаах, бараммат баайбытын олоҥхону, саха омук фольклорун, саха ырыатын –тойугун оскуола оҕолоругар, ыччат дьоҥҥо үөрэппит, уһуйбут, төрөөбүт нэһилиэгэр култуура сайдыытыгар айымньылаах үлэни ыыппыт, дьону түмэр, тэрийэр дьоҕурдаах киһинэн Вера Иннокентьевна Оконешникованы ааттыам этэ. Кини кэлин Чурапчыга көһөн кэлэн, атын эйгэҕэ да үлэлээтэр, бэйэтин баҕа өттүнэн биир санаалаахтарын түмэн, фольклор, ырыа ансаамбылларын көҕүлээн тэрийэн, “Айылгы” […]
Олоҥхону толорооччу эрэ эбэтэр олоҥхону айан таһаарааччы эрэ бу саха норуотун хатыламмат дьикти, кэрэ, уостубат суһумнаах жанрдарыттан биирдэригэр,олоҥхоҕо, сүгүрүйэр буолбатаҕын билэбит. Биһиги нэһилиэкпитигэр уран тарбахтаах иистээхтэр элбэхтэр. Кэлиҥҥи сылларга дьон-сэргэ өссө хонноҕо хоҥнон бу дьарыгы баһылаан эрэр. Онтон мин кэпсиир иистээҕим, төһө да норуот маастарын аатын-суолун ылбатар, нэһилиэккэ ити дьарыкка ураты көрүүлэрдээҕинэн, ураты ыраас буочардааҕынан биллэр. […]
1940 сыллаахха Суорун Омоллоон Былатыан Ойуунускай уонна Көстөкүүн Оросин “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону суруйан хаалларбыт рукопистарыгар олоҕуран, муусукалаах драма либреттотын суруйбута. Бу муусукалаах драма-олоҥхо сэрии кэмигэр саха норуотугар өстөөҕү утары охсуһуу биир чаҕылхай символа буолбута. Саха тыйаатырын артыыстара бу туруорууну сэрии кэмигэр сыанаттан түһэрбэккэ оонньообуттара, Саха сирин оройуоннарын барытын кэрийэн көрдөрбүттэрэ. 1943 сыл кулун тутар […]
Тылбыт сүмэтэ олоҥхобутугар, оһуокайбытыгар сытар. Оттон тылбыт өйбүт-санаабыт көтүүтүн, куппут-сүрбүт иэйиитин-куойуутун дорҕоон гынан көтүтэр, сүрэххэ-быарга, өйгө-санааҕа тириэрдэр, иҥэрэр күүспүт, кыахпыт буолар. Тыл – норуот нация быһыытынан уратыта, норуот быһыытынан сайдар, үүнэр кэскилэ. Сурук-бичик туһугар 1922 сыллаахха, автономияны ылыахпыт инниттэн, Исидор Барахов большевиктар баартыйаларын X сийиэһигэр Владимир Ильич Ленин национальностарга Сэбиэт былааһа биэрэр көҥүлүн туһунан оҥорбут […]
2022 сыллаахха Аар Дархан этээччи аатын сүкпүт Семен Ильич Черноградскай – оһуохайы таһаарар, олоҥхону туойар, Саха сиригэр тарбахха баттанар ытык кырдьаҕас. Олоҥхо абылаҥар хайдах ылларбытын, ханнык кэмтэн ыкса ылсан дьарыктаммытын туһунан бу ыстатыйаҕа кэпсиэҕэ. …Үһүс кылаас үөрэнээччитэ Сеня Черноградскай дьонун кытта дэриэбинэттэн үс биэрэстэ тэйиччи сытар сиргэ олорор. Онон күн аайы оскуолаҕа сатыылыыр. Биир күн […]
Саха омуга үйэлэри уҥуордаан илдьэ кэлбит уус-уран айымньылара сүдү күүстээх тыыннаахтарын билэбит. Кэнники сылларга аар-саарга аатырбыт норуот тылынан уус-уран айымньытын чыпчаала – олоҥхобут – өбүгэлэрбитин кытары быстыспат ситимниир баайбыт буолар. Ону өйдөөн, өрөспүүбүлүкэҕэ Олоҥхо күнүн анаан тэрийэн, киэҥ хабааннаах тэрээһиннэри ыыталлар. Оттон мин бүгүн Арассыыйаҕа Уһуйааччы уонна Саха сиригэр Үлэ сылынан норуот уус-уран айымньытын тарҕатааччы, […]
Дмитрий Хоютанов – эдэр, кэскиллээх артыыстартан биирдэстэрэ. Кини сыанаҕа да, киинэҕэ да оонньообут оруолларын көрбүт киһи умнубат, оннук курдук киһини тардар ис күүстээх. Дьиҥ сахалыы дүһүннүүн, быһыылыын-таһаалыын Айыы бухатыырдарын оонньуурга анаммыкка дылы… Чурапчы Одьулуунуттан төрүттээх. Оҕо сааһа Одьулуунтан чугас Үрэх Күөрэ сайылыкка ааспыта. Бу учаастакка 4 кылаастаах оскуола баар. Онон орто оскуоланы Төлөйгө эдьиийигэр олорон […]
Т.Захаров-Чээбий «Ала Булкун» олоҥхотунан Олоҥхо тыйаатырын испэктээгэ — саха театральнай ускуустубатыгар комическай туруоруу быһыытынан сонун көстүү. Маныаха Саха драматическай тыйаатырын нуучча классикатынан кэмиэдьийэлэрэ, ону тэҥэ «Наара Суох» испэктээк курдук норуодунай буолбут туруоруу олук охсубуттара. Нуучча биллиилээх бөлүһүөгэ, культуролога, литературнай ырытааччыта, теоретига М.М.Бахтин этиитинэн, норуокка универсальнай күлүү култуурата баар. Кини этэр «норуот карнавальнай утопията» күлүү култууратын көстүүтүн быһыытынан, […]
Киһи – история кэрэһитэ. Норуот олоҕор сабыдыаллаах сабыытыйаларга кыттыспыт, кылааттарын киллэрсибит дьон бэйэлэрин эт тылларынан кэпсииллэрэ ордук суолталаах. Олоҕун наукаҕа, үрдүк үөрэхтээһиҥҥэ, норуот уус-уран айымньытын сөргүтүүгэ, сайыннарыыга анаабыт уонна олоҥхобут киһи-аймах өйүнэн айбыт култуурунай нэһилиэстибэтин кылаан чыпчаала буоларыгар улахан кылааты киллэрбит өҥөлөөх саха биллэр учуонай дьахтара Агафья Еремеевна Захарова далааһыннаах үлэтин-хамнаһын барытын кэпсээтэххэ, хаһыат балаһатыгар […]
РФ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Галина Никитична Иванованы кытта олоҥхо эйгэтигэр бииргэ алтыһан үлэлээбитим ыраатта. Кини улууспутугар ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар тэрийэр бөлөххө киирэн, “Мүлдьү Бөҕө” олоҥхону сиһилии үөрэтэн, ыһыах айымньытыгар туруорууга, кини ыһыах аһыллыытын-сабыллыытын сценарийын суруйууга сценаристар бөлөхтөрүгэр үлэлээбитэ, хоһооннорун тыла сценарийы байыппыта. Биһиги улууспутун иккис дойду оҥостубут ытык-мааны киһибит Галина Иванова – Айтыына айар аартыга арыллан, […]
XIX үйэ иккис аҥаарыттан XX үйэ бастакы аҥаарыгар тиийэ олорон ааспыт Бороҕон улууһун аар-саарга аатырбыт олоҥхоһута Д.М. Говоров – Олоҥхоһут Миитэрэй 2023 сылга дьоһун аата ааттанар бэлиэ кэмэ — төрөөбүтэ 175 сыла — буолан ааспыта. Дмитрий Михайлович Говоров – Олоҥхоһут Миитэрэй Бороҕон улууһун олоҥхоһуттарыттан барыларыттан ордук киэҥник биллибит, эдэр сааһыттан олоҥхоҕо уһуйуллан, киэҥ сирдэринэн тэлэһийэн сылдьыбыт […]
Хаҥаластааҕы Арчы дьиэтигэр талааннаах дьон үлэлииллэрин билэбит. Элбэх тэрээһиннэри ыыталлар, төрүт култуурабытын тарҕаталлар, бэйэлэрэ кытары холобур көрдөрөн күрэхтэргэ кытталлар. Бүгүн оннук дьонтон биирдэстэрэ эдэр исписэлиис Прасковья Лебедевалыын дьоһун тэрээһиҥҥэ сылдьан кэлбитинэн, ону сэргэ бэйэтин туһунан эмиэ сэһэргии түһэригэр көрдөстүм: — Мин Хаҥалас 2-с Дьөппөнүттэн төрүттээхпин. Быйыл Мэҥэ Хаҥалас улууһугар I Тыыллыма нэһилиэгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи онус төгүлүн […]
Олоҥхоҕо куруук этиллэр «үс саха үөдүйүөн иннинэ, түөрт саха төрүөн иннинэ» диэн эпитет саха бу дойдуга кэлэн тэнийэн үөскүөн иннинэ диэн буолуохтаах диэн сэрэйиллэрин быһыытынан, олоҥхо үөскээбит түгэх төрдө сахалар бу дойдуга кэлиэхтэрин иннинээҕи историятын кытары ситимнээх быһыылаах диэн этэллэр. Октябрьскай революция кэнниттэн саха фольклорун олоҥхотун хомуйуунан уонна чинчийиинэн 30-с сыллардаахха тэриллибит тыл уонна култуура […]
Эрдэтээҕи көлүөнэ уус-уран самодеятельность кыттыылаахтара хайахсыттар бу «Куруубай Хааннаах Кулун Куллустуур» олоҥхону эрдэ быһа тардан туруора сылдьыбыттара сурукка суруллар гынан баран, П.М.Решетников аатынан народнай театрга 1994 сыллаахха олоҥхоһут И.Г.Теплоухов-Тимофеев төрөөбүтэ 125 сылын көрсө туруорбуппут туһунан санаан, ахтан ааһыахпын баҕардым. Ити сыл өрөспүүбүлүкэҕэ Олоҥхо сыла биллэриллибитэ уонна И.Г.Теплоухов-Тимофеев 125 сыла улууска бэлиэтэнэр буолбута. Мин культура оройуоннааҕы […]
Өймөкөөн улууһуттан сэттэ киһилээх дэлэгээссийэтэ быйыл Амма улууһугар ыытыллыбыт Олоҥхо кэмпириэнсийэтыгэр кыттыбыта. Пленарнай мунньахха мин 2023 с. Өймөкөөҥҥө ыытыллыбыт “Айыы санаа айана” Олоҥхо ыһыаҕын кэнсиэпсийэтэ, онно киирбит сүрүн идиэйэлэрэ улуус стратегическай сайдыытыгар ситимнээн оҥоһуллубутун туһунан кэпсээтим. Ол курдук, Саха сирин сайдыытын өр сыллаах былааныгар улууспут Хотугулуу-Илиҥҥи бырамыысыланнай уокурук аҥардас сырьевой базатын курдук ыйыллыбытынан, Саха сирин 2040 […]
В Томпонской межпоселенческой центральной библиотеке можно посещать виртуальные выставки и оффлайн-кружки, освоить компьютерные программы, научиться основам графического дизайна и безопасного поведения в интернете. А еще здесь скоро будет обновлено детское отделение: мам и детей ждут новые удобства. Доступ жителей к книгам и современным технологиям расширяется с каждым годом благодаря материальной поддержке Южно-Верхоянской горнодобывающей компании. Главная […]
Олоҥхо норуот тылынан айымньытын быьыытынан аан дойдуга аатырда. Юнеско 2006 сыл сэтинньи 25 күнүнээҥҥи быһаарыытынан, киһи аймах духуобунай култууратын сэдиэбирин быһыытынан ааттаммыта. Бу биһиги устар ууну сомоҕолуур уран тыллаахтарбыт, кырыымпалыы кылыгырас кылыһахтаахтарбыт, сүргэни көтөҕөр, санааны күүрдэр, нохтолоох тойон сүрэҕи долгутар улуу олоҥхоһуттарбыт талба талааннарын, өркөн өйдөрүн, айар имэҥнэрин билинии чаҕылхай туоһута буолар. Биһиги Аммабыт биир […]
Аллараа Бэстээхтээҕи Олоҥхо дьиэтин айар кэлэктиибэ Иванова Евдокия Николаевна салалтатынан сөптөөх суолу тутуһан, төрүт үгэстэри үйэтитиигэ үлэ саҥаттан саҥа форматын көрдөөн, биир сыалга-сорукка түмүллэн. айымньылаахтык үлэлии олороро киһи хараҕар тута быраҕыллар. Олоҥхо дьиэтэ 5 сыл үгүс өрүттээх кэскиллээх үлэни ыытан, таһаарыылаах үлэлээх айар кэлэктиибинэн өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник билиннэ. Бу сыллар тухары Олоҥхо дьиэтэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар […]
Кэбээйи улууһугар СӨ геокультурнай сайдыытын институтуттан оробуочай бөлөх кэлэн үлэлээн барбыта. Бөлөх сүрүн соругунан улууспутугар олоҥхо сайдыытын боппуруостара, Олоҥхо дьиэтин үлэтин тэрийии буолар, ону таһынан Кэбээйи улууһун ыһыахтарын тэрээһин үлэлэрин чопчулуурга төрүөттэри, сабаҕалааһыны билсии, улуус салалтата, нэһилиэнньэтэ тус санааларын, түмсүүлэрин, үлэлиир, тэрийэр баҕа тэтимин сылыктааһын. Оробуочай бөлөххө өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр үрдүк таһымнаах тэрээһиннэри ыытан кэлбит бииртэн биир чулуулар киирбиттэр. Улуус өттүттэн […]