События / Бэлиэ түгэннэр
На сцене Дома культуры «Сайдыы» села Казачье Усть-Янского района состоялся концерт, посвященный декаде Олонхо. Концерт открыли учащиеся Детской школы искусств села Казачье фольклорно-хореографической постановкой «Олонхо үс дойдута» («Три мира Олонхо»). Олонхо – самый крупный жанр якутского фольклора. Олонхо как эпический идеал вобрал в себя вековые традиции народа саха. Вместе с тем эпическое творчество якутских олонхосутов […]
Она начала работу в Северо-Восточном федеральном университете Республиканская школа с лекциями об олонхо — древнейшем якутском эпическом искусстве и исследованиях ученых в этой области — начала работу в Северо-Восточном федеральном университете (СВФУ) имени М.К. Аммосова в Якутске. Об этом сообщила ТАСС ученый секретарь Научно-исследовательского института Олонхо СВФУ Раиса Корякина. «В Якутии сегодня сильно возрос интерес […]
Ахсынньы 16 күнүгэр Мүрү нэһилиэгин Күлүмнүүр аатынан Култуура дыбарыаһыгар Роман Алексеев-Бөҕө Арамаана “Алаатыыр Ала Туйгун” олоҥхотун бастакы үйэтин — “Кыыс Ньургун” олоҥхо-испэктээги — Бороҕон талааннаах дьоно оонньоон көрдөрдүлэр. Билэрбит курдук, “Алаатыыр Ала Туйгун” кээмэйинэн саамай уһун олоҥхо буолар: 50 тыһыынчаттан тахса хоһоонунан устуруокалаах. Олоҥхонон дьүһүйүүбүт 1 чаас 20 мүнүүтэлээх буолла. Манна барыта сүүсчэкэ киһи кыттыыны […]
СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин иһинэн тэриллибит электроннай издательствоҕа “Олоҥхону сыыппара худуоһунньуктара ойуулууллар” диэн альбом-кинигэ таҕыста. 2022 сыллаахха “Сообщество цифровых художников” диэн түмсүү тутаах дьоно Туйаара Стручкова уонна Светлана Яковлева көҕүлээһиннэринэн “Fantasy Olonkho” диэн мультимедийнай күрэх-быыстапка буолбута. Онно сыыппара худуоһунньуктара олоҥхо тиэмэтигэр уруһуйдарынан кыттыбыттара. Барыта 101 сайаапка, 68 үлэ киирбитэ. Бастыҥ үлэлэри Олоҥхо дэкээдэтин чэрчитинэн “Арассыыйа – […]
Сатаҕай Е.А. Шишигин аатынан орто оскуолатыгар улуустааҕы кэтэхтэн Ааҕыы күрэҕэ ыытыллан түмүктэр таҕыстылар. Тэрээһин Олоҥхо сылын түмүктүүр биир улахан тэрээһининэн буолар. Былыргы дьыллар былдьаһыктаах мындааларыгар, урукку дьыллар охсуһуулаах уорҕаларыгар тыйыс дойдуну уһун тыыннаабыт, сылаас эркиннээбит, саха омук уйгулаах олоҕу уһанарыгар төһүү буолбут олоҥхобутун өрө тутар туһаанаах сылбыт түмүктэнэн эрэр. Ол курдук биһиги оскуолабытыгар Олоҥхо сылын […]
Амматааҕы Күннүк Уурастыырап аатынан киин библитека айти саалатыгар Илья Владимирович Семенов – Ураанай Уола түөрт кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла. Ураанай Уола бэйэтин ураты, саҥа «куолаһынан» саҥаран, чаҕылхай айымньыларынан бар дьон тапталын, ытыктабылын тута ылан, суруйааччылар күрэхтэригэр элбэх номинациялары ылла, айымньылара сыаҥка буолан турдулар: 2009 с. «Һөдьүөт Боотур» олоҥхо-поэма Амма улууһугар Абаҕа нэһилиэгэр Ыччат ыһыаҕар туруруоруллубута. Режиссер […]
Олоҥхо ыһыаҕын көрсө бу күннэргэ Ольга Иванова-Сидоркевич аатынан оҕо айар, сайдар киинигэр биир дойдулаахпыт, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыһа Марина Корнилова салалтатынан «Амма чэчирэ» ансаамбыл «Харама Боотур уонна Амма Куо» диэн Илья Семёнов-Ураанай Уола олоҥхо-остуоруйатын туруутугар үлэлэспитэ. “Амма чэчирэ” ансаамбыл уус-уран салайааччыта Анна Матвеева ыҥыран, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Марина Валерьевна Корнилова идиэйэ этэн, аан бастакытын туруоруллар испэктээккэ […]
«Олоҥхолоох айан: НОО!» бырайыак үһүс десана Нерюнгри куоракка сырыытын туһунан «Якутия 24» ханаалга көрдөрдүлэр.
Бу сайыҥҥы Олоҥхо ыһыаҕа Нерюнгрига буолар. Бырамыысыланнай куорат, биллэн турар, нууччалыы эйгэлээх. Онон олохтоохтору эрдэттэн бэлэмниир соруктан, олоҥхо диэн тугун билиһиннэрэ, хайдах толорулларын иһитиннэрэ, “Олоҥхолоох айан: НОО!” ыччат десана ахсынньы 9-12 күннэригэр Нерюнгрига үлэлээтэ. Үһүс сылын тэриллэр олоҥхолоох айаны, Олоҥхо ассоциациятын өйөбүлүнэн, Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы үнүстүүтэ СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин кытта кыттыһан тэрийэр. Онон […]
Саха норуодунай бэйиэтэ Күннүк Уурастыырап ити курдук олус бэргэнник этэн, суруйан кэбиспитэ, бу, Национальнай эпоһы харыстааһыҥҥа “Олоҥхо Ассоциацията” Өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай тэрилтэ төрүттэммитэ 25 сыла туолуутун бэлиэтиир дьоро түһүлгэҕэ хаста даҕаны ахтыллан, ураты тыыннанан иһилиннэ. Үйэ чиэппэрэ кэрэ-бэлиэ дааталаах тэрээһиҥҥэ ахсынньы 4 күнүгэр М.К.Аммосов аатынан ХИФУ “Сэргэлээх уоттара” Култуура киинигэр саха омук чулуу айымньытын ОЛОҤХОНУ харыстыыр, […]
Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Хаартыска: Ньургуйаана Халгаева тиксэриитэ. Бырайыак ааптарынан Таатта улууһун норуот айымньытын дьиэтин фольклору сүрүннүүр методиһа Майя Гаврильевна Егорова буолар. Быйыл “Хомуур олоҥхо” Былатыан Ойуунускай аатын сүгэр Литературнай түмэлгэ Сардаана Ойунская төрөөбүтэ 90 сылыгар анаан ыытылынна. Манна «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо 9 ырыатын ааттаах-суоллаах […]
Үөһээ Бүлүү улууһугар, Олоҥхо дэкээдэтин чэрчитинэн, Ф.Н.Тимофеев – Биэчэрэ «Киндили Хаадыат» олоҥхотунан «Түмэн Түүрэй бухатыыр» оҕо олоҥхотун премьерата буолла. Уон күннэх Олоҥхо дэкээдэтин түмүктэммитин кэннэ сүрүн киэргэппит тэрээһининэн, дьон-сэргэ интэриэһин тарпыт «Киндили Хаадыат” Ф.Н.Тимофеев – Биэчэрэ «Түмэн Түүрэй бухатыыр» олоҥхотунан аан тыллаах, 4 көстүүлээх, 7 хартыыналаах оҕо олоҥхото тэриллэн ыытылынна. Бу туһунан Үөһээ Бүлүүтээҕи Норуот […]
Бу дьыл сэтинньи-ахсынньы ыйдарыгар Олоҥхо ассоциацията уонна “Арылы кустук” үөрэхтээһин уопсастыбаннай ситимин тэрийиитинэн, оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго анаан бэйэ айбыт оонньууларын уонна оонньуурдарын көрдөрүү өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэһэ тэрилиннэ. Бу күрэс сыала-соруга: олоҥхо тиэмэтигэр олоҕуран, ураты оонньуулары, оонньуурдары айан оҥоруу, оонньуулар, оонньуурдар араастарын дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрүү, дьиэ кэргэн атыылаһарыгар анаан элбэтэр суоллары тобулуу. Таатта улууһун уһуйааннара […]
Национальнай бибилэтиэкэҕэ оҕо ааҕар киинигэр Тайаана Никифорова бырайыагынан бэчээттэммит «Олонхо звучит по-русски» кинигэ биһирэмэ буолла. Тайаана Афанасьевна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр оҕо ааҕар киинин сүрүн бибилэтиэкэрэ, алгысчыт. Кини доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолору, тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолор өрөспүүбүлүкэтээҕи (коррекционнай) оскуола-интэринээттэрин иитиллээччилэрин кытары бииргэ көмөлөөн бу кинигэни оҥордулар. Кэтэһиилээх, долгутуулаах күн оскуола-интэринээттэн 20-чэ оҕо кэлэн ыалдьыттаата. […]
Мин уолбалар ыытар тэрээһиннэрин наһаа сөбүлүүбүн – кинилэр киэнэ өрүү дириҥ ис хоһоонноох буолар. Аатыгар эрэ тэрийэр буолбакка, хайаан да суолтатын хас биирдии киһи өйдөөн барарын курдук былааннаан, сценарийдаан, бэлэмнээн ыытар уратылаахтар. Олоҥхо дэкээдэтин чэрчитинэн, Таатта улууһун Уолба нэһилиэгин дьаһалтата, култуурата, оскуолата, этэргэ дылы, бүтүннүү көһөн киирэн, Дьокуускайга Арчы дьиэтигэр биир дойдулаахтара Мария Николаевна Петрова-Андросова-Ионова төрөөбүтэ […]
Сахабыт сиригэр Олоҥхо күннэринэн, Хамаҕатта нэһилиэгэр «Олоҥхону бииргэ ааҕыахха» үгэскэ кубулуйбут челлендж биллэриллибитэ. Бу тэрээһиҥҥэ «Тускул» уһуйаан үлэһиттэрэ кытынныбыт. Прокопий Ядрихинскай — Бэдьээлэ «Араҕас маҥан халлаантан илэ бодо айыллан үөскээбит Дьыллыа маҥан аттаах Дьырыбына Дьырылыатта» олоҥхону уһуйаан «Ситим» балаҕаныгар көмүлүөк тула олорон аахтыбыт. Нам улууһун бастыҥ олоҥхоһута Бэдьээлэ олоҥхотун анаан талбыппыт. Олоҥхо сырдык тускула, тылын […]
Бу күннэргэ Олоҥхо дэкээдэтинэн сибээстээн, В.Г. Белинскэй аатынан Кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэ «Саха сирин кэллэксинньэрдэрэ» түмсүүнү кытта холбоһон, олус ураты быыстапканы бэлэмнээн, ааҕааччылар интэриэстэрин тартылар. Хаартыска: Сергей Осипов тиксэриитэ. Бу туһунан бибилэтиэкэр Екатерина Попова маннык кэпсээтэ: — Кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэ «Саха сирин кэллэксиньиэрдэрэ» түмсүү салайааччыта Никифор Ивановы кытта ыкса сибээс олохтоон, араас тиэмэлэргэ быыстапкалары тэрийэр буолбуппут үгэскэ кубулуйда. Онон сотору-сотору биһиги араас тиэмэлэргэ […]
Cаха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо декадатын чэрчитинэн, Таатта олоҥхотун салаатын бырайыагынан, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Төрүт ситим” дьиэ кэргэнинэн олоҥхону олоҕурбут ньыманан толоруу үгэс буолбут күрэһэ Дьокуускайга Арчы дьиэтигэр VI төгүлүн тэрилиннэ. Күрэс бирииһигэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ассоциацията 100 тыһ. солк. үбүлээтэ. Дьиэ кэргэнинэн олоҥхону толорууну Толбонова Надежда Семеновна — «Арчы Дьиэтэ» духуобунай култуура киинин бастакы директора, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, […]
Олоҥхо – саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын муҥутуур чыпчаала, үйэттэн үйэ, көлүөнэттэн көлүөнэ тухары бэриллэн испит дириҥ ис хоһоонноох баайа. Доллуга Олоҥхоҕо дэкээдэтэ ыытылынна. Сэтинньи 25 күнүгэр Олоҥхо күнүнэн аҕам саастаах далбар хотуттарбыт арчылаан, сиэр-туом ыытан, кэлбит ыалдьыттарбытын, оҕолорбутун арыылаах алаадьынан айах тутан көрүстүлэр. Бу күн төрүт өбүгэлэрбит үгэстэрин утумнаан кэнчээри ыччаттарбыт өбүгэ оонньуутун оройуттан […]