Журнал
Өймөкөөн улууһуттан сэттэ киһилээх дэлэгээссийэтэ быйыл Амма улууһугар ыытыллыбыт Олоҥхо кэмпириэнсийэтыгэр кыттыбыта. Пленарнай мунньахха мин 2023 с. Өймөкөөҥҥө ыытыллыбыт “Айыы санаа айана” Олоҥхо ыһыаҕын кэнсиэпсийэтэ, онно киирбит сүрүн идиэйэлэрэ улуус стратегическай сайдыытыгар ситимнээн оҥоһуллубутун туһунан кэпсээтим. Ол курдук, Саха сирин сайдыытын өр сыллаах былааныгар улууспут Хотугулуу-Илиҥҥи бырамыысыланнай уокурук аҥардас сырьевой базатын курдук ыйыллыбытынан, Саха сирин 2040 […]
В Томпонской межпоселенческой центральной библиотеке можно посещать виртуальные выставки и оффлайн-кружки, освоить компьютерные программы, научиться основам графического дизайна и безопасного поведения в интернете. А еще здесь скоро будет обновлено детское отделение: мам и детей ждут новые удобства. Доступ жителей к книгам и современным технологиям расширяется с каждым годом благодаря материальной поддержке Южно-Верхоянской горнодобывающей компании. Главная […]
Олоҥхо норуот тылынан айымньытын быьыытынан аан дойдуга аатырда. Юнеско 2006 сыл сэтинньи 25 күнүнээҥҥи быһаарыытынан, киһи аймах духуобунай култууратын сэдиэбирин быһыытынан ааттаммыта. Бу биһиги устар ууну сомоҕолуур уран тыллаахтарбыт, кырыымпалыы кылыгырас кылыһахтаахтарбыт, сүргэни көтөҕөр, санааны күүрдэр, нохтолоох тойон сүрэҕи долгутар улуу олоҥхоһуттарбыт талба талааннарын, өркөн өйдөрүн, айар имэҥнэрин билинии чаҕылхай туоһута буолар. Биһиги Аммабыт биир […]
Аллараа Бэстээхтээҕи Олоҥхо дьиэтин айар кэлэктиибэ Иванова Евдокия Николаевна салалтатынан сөптөөх суолу тутуһан, төрүт үгэстэри үйэтитиигэ үлэ саҥаттан саҥа форматын көрдөөн, биир сыалга-сорукка түмүллэн. айымньылаахтык үлэлии олороро киһи хараҕар тута быраҕыллар. Олоҥхо дьиэтэ 5 сыл үгүс өрүттээх кэскиллээх үлэни ыытан, таһаарыылаах үлэлээх айар кэлэктиибинэн өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник билиннэ. Бу сыллар тухары Олоҥхо дьиэтэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар […]
Кэбээйи улууһугар СӨ геокультурнай сайдыытын институтуттан оробуочай бөлөх кэлэн үлэлээн барбыта. Бөлөх сүрүн соругунан улууспутугар олоҥхо сайдыытын боппуруостара, Олоҥхо дьиэтин үлэтин тэрийии буолар, ону таһынан Кэбээйи улууһун ыһыахтарын тэрээһин үлэлэрин чопчулуурга төрүөттэри, сабаҕалааһыны билсии, улуус салалтата, нэһилиэнньэтэ тус санааларын, түмсүүлэрин, үлэлиир, тэрийэр баҕа тэтимин сылыктааһын. Оробуочай бөлөххө өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр үрдүк таһымнаах тэрээһиннэри ыытан кэлбит бииртэн биир чулуулар киирбиттэр. Улуус өттүттэн […]
Үгүс элбэх көргө-нарга үөрэммэтэх саха омуга түҥ былыргыттан үгэс оҥостубута, харыстаан хаалбыта, бүөбэйдээн илдьэ кэлбитэ, үөрүүлээх, өрөгөйдөөх соҕотох улахан уонна бастыҥ сиэрэ-туома – Ыһыах. Биһиги өбүгэлэрбит, сүөһү-сылгы дьарыктаах көс дьон, олохторун илгэтэ аар айылҕа төһөнү бэрсибититтэн, өҥтөн эбэтэр кураантан тутулуктаах этэ. Ол иһин өбүгэлэрбит дьыл саҕаланыыта айыы таҥараларыттан, үрдүк айыыларыттан илгэлээх сайыны, өлгөм үүнүүнү, үрүҥ илгэни, өҥ дьылы ааттаһар-көрдөһөр […]
Биллиилээх олоҥхону чинчийээччи Иннокентий Васильевич Пухов (1904-1979) кулун тутар 12 күнүгэр 120 сылын туолла. Кини олоҥхону чинчийиигэ сааһыран баран ылсыбыта, 1945 с. МГУ аспирантуратыгар тылынан уус-уран айымньы сиэктэригэр үөрэнэ киирбитэ. Научнай салайааччытынан кафедра сэбиэдиссэйэ, аан дойдуга биллэр фольклорист, тыл билимин дуоктара, бэрэпиэссэр Петр Богатырев бэйэтинэн буолбута. Петр Григорьевич славян норуоттарын тылынан айымньыларын этнографияны кытары ситимнээн […]
На открытии Ысыаха Олонхо впервые в республике все эпические песнопения прозвучали в приленском стиле на образцах преемников Тимофея Захарова-Чээбия – Устина Нохсорова, Кюннюк Урастырова и болугурского сказителя Алексея Агапова. Осенью 2021 года, при жизни педагога по освоению олонхо Анисии Даниловны Софроновой, руководителя детской группы «Оллоон» из Бетюня, вместе с новым начальником управления культуры и народного творчества Амгинского улуса Иваном Ивановым мы собрались в […]
Быйылгы ыһыахтар, ханна да буоллун, дьон-сэргэ болҕомтотун тардардыы тэрээһиннээхтик ыытыллыбыттарын туһунан аныгы сибээс көмөтүнэн ыһыахха сылдьыбатах да киһи толору өйдөбүлү ылыан сөп. Ордук кэнники сылларга «Саха» НКИХ суруналыыстара ыһыаҕы анаан сырдатар буоллулар. Бу өттүнэн быйылгы Олоҥхо ыһыаҕын уонна Туймаада туонатын ыһыаҕа сөптөөхтүк сырдатылынна, куйаар ситимнэригэр тахса сатаата. Доруобуйам туругунан, үксүн ыһыах тэрээһинин аныгы мультимедийнэй сибээс […]
Арассыыйа үтүөлээх механизатора, Мэҥэ Хаҥалас улууһун ытык олохтооҕо, саха биллиилээх тойуксута, саха олоҥхотун, оһуохайын, түҥ былыргы төрүт үгэстэрин утумнаабыт, омук тыыннаах буолар үгэстэрин олоҕун тиһэх күннэригэр диэри харыстыы, бүөбэйдэһэ, тарҕата-тэнитэ сатыы сылдьыбыт киһинэн Аркадий Михайлович Захаров этэ. Чэпчэкитэ суох дьылҕалаах саха омуга өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит ытык үгэстэрэ, Аркадий Михайлович курдук дьон баар буолан, үгүс […]
Олоҥхо ыһыаҕар Тойон сэргэ аттыгар Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах нэһилиэгин ыччатын, омуннаабакка эттэххэ, олоҥхону үс сааһыттан умсугуйан толорор Никита Аянитовы көрсөн кэпсэттим. Амма сиригэр ыһыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар Никита «Эмис Түмэппий курдук этэн дьэргэлдьиттэхпинэ» диэн олоҥхону толорооччулар күөн күрэстэригэр ыччаттарга бастакы үрдэл кыайыылааҕа буолан, 60 000 солк. суумалаах сэртипикээтинэн наҕараадаланан өрөгөйө үрдээн, үөрэн-көтөн олоҥхолоон иһитиннэрдэ, саҥа […]
Имя уроженца Амгинского селения Якутской области, ныне село Амга, Амгинского улуса, Виктора Николаевича Васильева известно далеко не каждому. Между тем, он является первым ученым-исследователем, известным этнографом и фольклористом, выдающимся исследователем Сибири, действительным членом Императорского Русского Географического общества (Санкт-Петербург). Родившись в семье политического ссыльного Николая Васильевича Васильева (1845-1888) и местной крестьянки Александры Васильевны Немчиновой (1847-1885), воспитываясь […]
Попов Петр Павлович—Сыалай Маатыс Мэҥэ-Хаҥалас улууһуттан төрүттээх, Мээндигигэ баай Белолюбскай уолугар сүктэн кэлбит кыыс сылгыһытынан, хамначчытынан кэлсибит уол оҕо удьуора эбит. 1882 сыллаахха Мээндигигэ күн сирин көрбүт. Саха киһитин быһыытынан дьоҥҥо- сэргэҕэ биллэринэн – Сыалай Маатыс, эдэр эрдэҕиттэн сылгыһыт, сыспай сиэллээхтэри кытта эрийсэн улааппыт киһи. “Мээндиги” холкуос тэриллиэҕиттэн соҕотох сылгыһыт этэ. Намыһах уҥуохтаах, төрөлкөй көрүҥнээх, […]
Саха норуотун сүдү айымньыта – Олоҥхо киһи-аймах чулуу айымньыларын кэккэтигэр киирэр кэмигэр Саха сиригэр ийэ олоҥхоһуттар иккиэлэр эрэ этэ – Петр Егорович Решетников-Көһөҥө Бүөтүр уонна Дарья Андреевна Томская-Чаайка. ЮНЕСКО стипендиата, педагогическай үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ, алгысчыт, Ийэ олоҥхоһут, саха норуотун ытык киһитэ Петр Егорович Решетников-Көһөҥө быйыл бэс ыйын алта күнүгэр төрөөбүтэ 95 сыла буолар. Бэс […]
Эмис төһө да кыра нэһилиэк буоллар, үгүс олоҥхоһут уутуйан үөскээбит ураты түөлбэтэ буолар. Аан бастаан Эмис олоҥхоһуттарын туһунан киэҥник сырдаппыт киһинэн Күннүк Уурастыырап буолар. Кини «Чээбий Түмэппий” диэн ахтыыта 1944 сыллаахха “Хотугу сулус”сурунаалга тахсыбыта. Онно Чээбий туһунан истиҥник: “төрөөбүт нэһилиэгин аатын аан бастаан биллэрдик ааттаппыт, киэҥник тарҕаппыт, биһиги баар эрэ бастыҥ киһибит” диэн бэлиэтээн, итиэннэ үөрэммит дьоно […]
ЮНЕСКО билиниитин ылбыт икки улахан эпос: саха олоҥхото уонна Индия махабхаарата ыам ыйын 31 күнүгэр Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын ытык сценатыгар көрүстүлэр уонна… силлистилэр. Режиссер Степанида Борисова айымньылаах көрүүтүнэн олус уустук сорук ситиһилиннэ: сахалыы тойук-ырыа, уран тыас-уус уонна номоххо киирбит индиялыы ырыа-үҥкүү, дьүрүскэн бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн, атыҥыраспат тылга чочуллан, улахан Таптал уонна бар дьонугар суон дурда […]
Албан аатырбыт олоҥхоһут, норуот ырыаһыта, саха ырыатын-тойугун киэҥ араҥаҕа таһаарбыт Устин Гаврильевич Нохсоороп 117 сааһын томточчу туолла. Устин Гаврильевич Нохсоороп 1907 сыл ыам ыйын 27 (эргэ истиилинэн ыам ыйын 4) күнүгэр Абаҕа нэһилиэгэр Гаврил Данилович уонна Варвара Кузьминична Нохсоровтар дьиэ кэргэннэригэр бастакы оҕонон төрөөбүт. Табалаах алааска көҥүл көччүйэн, ыллаан-туойан, Кыыс Амма ыраас уутугар сөтүөлээн, эт-хаан өттүнэн […]
Бүлүүлэр Дьокуускай куоракка кэлэн, «Ньургун Боотур» операны көрдөрөн, олохтоохтору үөрпүттэр. Фаина Павлова ютубка быһан-отон таһаарбыт. Ол үрдүнэн көрөргө интэриэһинэй. Дьиҥэ, биир улуус холугар операны туруоруу олус уустук буолуохтаах. Үҥкүүһүттэри булуу, элбэх партиялаах хору ыллатыы, таҥастарын-саптарын оҥоруу, аны олус үчүгэй опернай ырыаһыкка барсар уонча ырыаһыты дэриэбинэлэртэн булуу, үөрэтии, оркестрга ыллыырга үөрэтии, туттууга-хаптыыга эрчийии. Дьэ, сөҕүмэр баҕа […]
М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхо института биэс туомнаах Олоҥхо энциклопедиятын бэлэмнээн таһаарыыга үлэтин саҕалаата. Маҥнайгы туом олоҥхоһуттарга аналлаах буолуоҕа. Олоҥхоһут – норуот талба талааннааҕа Аан бастаан саха олоҥхотун уонна олоҥхоһут диэн өйдөбүллэри наука эйгэтигэр киллэрбит академик А.Ф.Миддендорф суоллааҕы бэлиэтээһиннэригэр сирдьит сахалара түүн ортотугар кулуһун тула олорон олоҥхону толоро олороллорун уонна араас матыыбынан ыллыылларын сөҕөн-махтайан бэлиэтээбитэ […]
Премьерой оперы-олонхо Марка Жиркова и Генриха Литинского «Ньургун Боотур», инициированный главой Вилюйского улуса Сергеем Винокуровым, как проект «Народная опера», отметил Вилюйский улус на сцене Театра оперы и балета Якутии в честь 390-летия основания города Вилюйска и 125-летия со дня рождения выдающегося сына якутского народа Степана Аржакова. — Проходят годы, десятилетия, но первая опера Якутии «Ньургун […]