Архивы События - Страница 3 из 24 - Сайт Олонхо
Главная / События / Страница 3

События / Бэлиэ түгэннэр

Доллуга оҕо барыта олоҥхолоото

Олоҥхо – саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын муҥутуур чыпчаала, үйэттэн үйэ, көлүөнэттэн көлүөнэ тухары бэриллэн испит дириҥ ис хоһоонноох баайа. Доллуга Олоҥхоҕо дэкээдэтэ ыытылынна. Сэтинньи 25 күнүгэр Олоҥхо күнүнэн аҕам саастаах далбар хотуттарбыт арчылаан, сиэр-туом ыытан, кэлбит ыалдьыттарбытын, оҕолорбутун арыылаах алаадьынан айах тутан көрүстүлэр. Бу күн төрүт өбүгэлэрбит үгэстэрин утумнаан кэнчээри ыччаттарбыт өбүгэ оонньуутун оройуттан […]

02.12.2024
Олоҥхо баай тылын-өһүн таба суруйарга холонон

Л. А. Попов аатынан Сунтаардааҕы киин бибилэтиэкэҕэ өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ассоциацията, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, М. К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет, Олоҥхо научнай института, ХИФУ норуоттар тылларын уонна култууратын институтун көҕүлээһиннэринэн сылын ахсын ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Олоҥхо дьыктаана” аахсыйа ыытылынна. Дьыктааны ааҕааччыны кытта үлэлиир салаа библиограба Мария Иванова лоп-бааччы ааҕан суруйтарда. П. А. Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” […]

02.12.2024
«Олоҥхоҕо анаммыт олох» кинигэ сүрэхтэннэ

Олоҥхо дэкээдэтин чэрчитинэн Бөтүҥнээҕи  С.Я. Левин аатынан Норуот айымньытын киинигэр СӨ култууратын уонна үөрэҕин туйгуна, Софья Сидорова аатынан бэлиэ, «Амма киэн туттуута», «СӨ норуотун уус-уран айымньытын сайдыытыгар тус кылаатын иһин» бочуоттаах бэлиэлэр хаһаайына, Бөтүҥ нэһилиэгин бочуоттаах гражданина Анисия Даниловна Софронова туһунан «Олоҥхоҕо анаммыт олох» диэн кинигэ сүрэхтэннэ.   Кинигэ Амма улууһугар Олоҥхо сылынан уонна Анисия Даниловна  […]

02.12.2024
Болугурдар ыалынан сылдьан олоҥхолоотулар

Болугур олохтоохторо Олоҥхо дэкээдэтин түмсүүлээхтик тэрийэн, нэһилиэктэрин дьонун сэргэхситтилэр. Биир дойдулаахпыт Алексей Григорьевич Агапов «Алтан сабарай бухатыыр» олоҥхо испэктээкэлин, М.А. Ноговицын архыыбыттан ылан, дэкээдэ бастакы күнүгэр куйаар ситиминэн көрдөрдүбүт. Биир сүүрээнинэн нэһилиэкпит түөлбэлээн олорор ытык кырдьаҕастарыгар «Арылхан» фольклорнай бөлөх оҕолоро, биир дойдулаахпыт Юрий Борисов «Баһырҕастаах ааттаах Баабый Баатыр» олоҥхотуттан быһа тардан, дьиэлэринэн сылдьан олоҥхолоон иһитиннэрдилэр. Олохтоох библиотека үлэһиттэрэ Аммабытыгар […]

02.12.2024
Хаҥаласка Олоҥхо декадатын аһыллыыта

Сэтинньи ый 25 күнүгэр сылын ахсын Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо күнэ бэлиэтэнэр. Быйылгы сэтинньи 26 күнүгэр “Саргы Түһүлгэтэ” култуура уонна норуот айымньытын киинигэр Олоҥхо декадатын үөрүүлээх аһыллыыта улууспут бастыҥ фольклорнай кэлэктииптэрэ, олоҥхону толорооччулар, үйэтитээччилэр уонна уран уустар, иистэнньэҥнэр быыстапкалара кыттыылаах дьоллоох түһүлгэ олохтонно. Олоҥхо күнүгэр анаммыт түһүлгэ сахалыы сиэринэн алгыһынан саҕаланна. Алгыс туомун толордо Хаҥалас улууһун […]

01.12.2024
Олоҥхобут эпостаах норуоттары сомоҕолуур

 Олоҥхо дэкээдэтин чэрчитинэн сэтинньи 28-29 күннэригэр Дьокуускайга наһаа улахан тэрээһин буолан ааста – норуоттар икки ардыларынааҕы “Истоки традиционных верований в контексте эпического наследия народов Евразии” диэн научнай кэмпириэнсийэ. Бу кэмпириэнсийэ сааһын тухары олоҥхону үөрэтиигэ, үйэтитиигэ, тарҕатыыга уонна аан дойду таһымыгар тахсыытыгар үлэлэспит учуонай, култуура үтүөлээх үлэһитэ, Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата  Агафья Еремеевна Захарова сырдык аатыгар […]

29.11.2024
Олоҥхо ыһыаҕын чэрчитинэн тахсыбыт кинигэлэри сүрэхтээтилэр

Олоҥхо декадатын чэрчитинэн тэрээһиннэр бүттүүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллаллар. Биир оннук тэрээһини Амма улууһун дьаһалтата Национальнай бибилэтиэкэҕэ тэрийдэ. Олоҥхо ыһыаҕын чэрчитинэн тахсыбыт 10 кинигэни Историческай саалаҕа сүрэхтээтилэр. Тэрээһиҥҥэ биллэр-көстөр учуонайдар, Амма улууһун олохтоохторо, Амматтан төрүттээх куорат олохтоохторо мустан, төгүрүк остуол тула олорон, истиҥ сэһэргэһии ыыттылар.  Саха сириттэн төрүттээх биллэр этнограф, фольклорист Виктор Николаевич Васильев хоту уһук сытар сиргэ […]

29.11.2024
Дэбдиргэҕэ олоҥхону 83 оҕо толордо

Сэтинньи 26 күнүгэр Игидэй орто оскуолатыгар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллар Олоҥхо декадатын чэрчитинэн олоҥхону өйтөн ааҕыы дьоро киэһэтэ буолан ааста. Бу бырайыагы үһүс сылын саха тылын уонна литературатын учуутала Ефимова Варвара Константиновна иилээн-саҕалаан ыытар. Илгэлээх Игидэй сиригэр Эдуард Карлович Пекарскай сыылкаҕа кэлэн олорор кэмигэр, Константин Григорьевич Оросины сорудахтаан, ыаллыы Дьүлэй нэһилиэгэр олорор олоҥхоһуту, Миинэ уола Дьөгүөссэни […]

28.11.2024
Майа лиссиэйигэр Олоҥхо дьоро киэһэтэ

Майа нэһилиэгин  И.Г. Тимофеев аатынан лиссиэйигэр Олоҥхо декадатыгар анаммыт тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик барда.  Лиссиэй медиатекатын иһинэн утумнаахтык ыытыллар “Родничок”  литературнай кулууп орто кылаас оҕолоругар анаан Олоҥхо дьоро киэһэтин тэрийдэ. Биллиилээх олоҥхоһут  Н.И. Степанов- Ноорой сиэнэ, «Саха сирэ » көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа ыыппыт  өрөспүүбүлүкэтээҕи  «Олоҥхо-баттл» интерактивнай күрэх кыайыылааҕа Аксиния Степанова күндү ыалдьыт буолла. Кини хомустаан, олоҥхолоон, оҕолор […]

28.11.2024
Кэбээйи оскуолатыгар олоҥхону толоруу күрэҕэ

Саха буоларбыт быһыытынан, төрөөбүт тылбытын умнуо суохтаахпыт диэн өйдөбул барыбытыгар иҥэн сылдьар. Саамай улахан кылааппыт ОЛОҤХО буоларын бары билэбит. Оттон тыл кылаан чыпчаала – олоҥхо. Тыл баайын илдьэ сылдьааччы – олоҥхоһут. Сэтинньи 26 күнүгэр Кэбээйи оскуолатыгар, Олоҥхо декадатын чэрчитинэн, III-VII кылаастар икки ардыларыгар олоҥхону толорууга «Уруйдан, улуу олоҥхобут!» диэн күөн күрэс ыытылынна. Күөн күрэскэ быйыл […]

28.11.2024
Олоҥхото суох саха быһаҕас

Дьааҥы улууһун “Олоҥхо” ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Екатерина Васильевна Ноговицына, итиэннэ улуустааҕы култуурабыт, үөрэҕириибит, сынньалаҥ кииннэрбит салайыыларынан, сэтинньи 25 күнүгэр Баатаҕай Арчы дьиэтигэр бэрт дириҥ ис хоһоонноох, үрдүк таһымнаах «Дьааҥы – олоҥхо түһэ» диэн тэрээһин буолан ааста.  ЮНЕСКО  олоҥхону аан дойду чулуу айымньытынан билиниитэ саха норуотуттан олох бары эйгэтигэр үгүс  тэрээһиннээх үлэни эрэйэр. Ол иһигэр үөрэх эйгэтигэр […]

27.11.2024
В Якутском технологическом техникуме Декада олонхо

21 ноября в Якутском технологическом техникуме сервиса в группе«Туризм и гостеприимство» первого курса преподаватели Парникова АльбинаАфанасьевна и Ефимова Татьяна Евгеньевна провели литературную гостинуюна тему «Якутский героический эпос Олонхо», посвященную к Декаде Олонхов Республике Саха (Якутия). Олонхо — это древнейшее эпическое искусство якутов (саха),занимающее центральное место в системе якутского фольклора. Олонхо-этожанр фольклора.Студенты ознакомились с эпосом якутского […]

27.11.2024
В Якутске состоится Международная научная конференция исследователей эпоса

В рамках Декады Олонхо с 28 по 29 ноября в Якутске состоится Международная научная конференция «Истоки традиционных верований в контексте эпического наследия народов Евразии», посвященная памяти кандидата филологических наук, лауреата Государственной премии РС(Я) имени П.А. Ойунского, заслуженного работника культуры Агафьи Еремеевны Захаровой. Исследователи из разных стран соберутся для обсуждения общих корней и уникальных черт эпического […]

27.11.2024
Бастыҥ олоҥхоһуттарга — анал ааттар, истипиэндьийэ, бириэмийэ

Олоҥхо күнүгэр бастыҥ олоҥхоһуттары наҕараадалаатылар. Ол курдук, Ил Дархан анал истипиэндьийэтин Туоһу суруктарын Сунтаартан Владимир Данилов, Чурапчыттан Сусанна Лазарева, Дьокуускайтан Любовь Платонова, Мэҥэ Хаҥаластан Гаврил Спиридонов, Дьааҥыттан Мария Стручкова, Тааттаттан Людмила Цой туттулар. Олоҥхо дэкээдэтин тэрийэр кэмитиэт анал ааттарын ыллылар:  «Олоҥхону бастыҥ толорооччу» — Аксинья Степанова, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Г.Г. Колесов аатынан Олоҥхо дьиэтин исписэлииһэ, […]

25.11.2024
«Мир Олонхо»: творческая площадка для юных хранителей культуры

23-24 ноября в Амге, в рамках декады Олонхо, прошло мероприятие творческого игрового пространства для детей «Мир Олонхо». Проект был реализован с использованием гранта Президента Российской Федерации для поддержки творческих проектов общенационального значения в области культуры и искусства. Автором идеи выступил начальник Управления культуры и народного творчества Амгинского улуса Иван Иванов.  Программа была насыщенной и разнообразной. […]

25.11.2024
Сунтаардар олоҥхолоруттан сылаас иэйиигэ куустардым

Олонхо киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт чулуу айымньыларынан билиниллибитэ номнуо 20-чэ сыл ааста. Ол курдук, сэтинньи 25 күнэ Саха сиригэр Олоҥхо күнүн бэлиэтиибит. Хаартыска- ааптар тиксэриитэ Бу кэм устата киэҥ хабааннаах үөрэтэр-сырдатар, олонхону сайыннарар араас үлэ ыытылынна, элбэх олонхо сурукка-бичиккэ киирдэ, кинигэ буолан таҕыста. Сыл аайы бары улуустарга Олонхо нэдиэлэтэ бэрт сэргэхтик, ис хоһоонноохтук […]

25.11.2024
Глава Якутии поздравил жителей республики с Днем Олонхо

В понедельник, 25 ноября, в Якутии отмечают День Олонхо. С праздником жителей региона поздравил глава Айсен Николаев.Ил Дархан сказал, что Олонхо – это важная часть духовной культуры якутов, хранящаяся и развиваемая благодаря научно-исследовательскому институту, домам и Ассоциации Олонхо. Эпос популярен не только в Якутии: он переведен на десять языков (всего 150 произведений) и представлен на […]

25.11.2024
Олоҥхоһуттарга Ил Дархан истипиэндьийэтин туттарда

Үгэс быһыытынан, Олоҥхо күнүгэр Ил Дархан бы сыл бастыҥ олоҥхоһуттарыгар, уустарыгар, оһуокайдьыттарыгар, норуот маастардарыгар анал истипиэндьийэтин Туоһу суруктарын туттарда. Олоҥхоһуттарга стипендиат буоллулар: Владимир Данилов, Сусанна Лазарева, Любовь Иннокентьева, Гаврил Спиридонов, Мария Стручкова, Цой Людмила. Оһуохайдьыттарга — Ирина Абрамова, Александра Артемьева, Лариса Иванова, Руф Гаврильев, Афанасий Попов, Мария Чокурова. Тимир уустара Леонид Говоров, Роман Готовцев, Василий […]

25.11.2024
Олоҥхо дьыктааныгар кыттыҥ!

2005 сыллаахха олоҥхобутун киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт чулуу айымньытынан ЮНЕСКО бигэргэтэн, 2006 сылтан сэтинньи 25 күнүгэр Олоҥхо күнүн киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтиибит. Национальнай бибилэтиэкэ быйылгы Олоҥхо дэкээдэтин чэрчитинэн, «Олоҥхо дьыктаана» диэн сырдатар аахсыйаҕа кыттыһан, өрөспүүбүлүкэ бары оскуолаларын V-XI кылаастарыгар сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 5 күнүгэр диэри тута тургутугу ыытар. Киирэн толорбуттар Туоһу сурук ылаллар.. […]

25.11.2024
Өнүгүйэ Күн Өркөн бухатыыр туһунан олоҥхо иккис кинигэтэ таҕыста

«Айар Кут» сойуус уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ Анна Степановна Хабарова-Айталы «Быралыйа Буура бухатыыр сыдьаана Өнүгүйэ Күн Өркөн бухатыыр» иккис кинигэтэ бэчээттэн тахсыбыт үөрүүтүн биһирэмэ Нам Култууратын дыбарыаһын иһигэр үлэлиир Н. М. Рыкунов аатынан Киин бибилэтиэкэҕэ буолан ааста. Хаартыска: ааптар тиксэриитэ Айар-суруйар дьоҕурдаах, талааннаах, олус сэмэй Анна Степановнаны хас да литературнай […]

25.11.2024