Амма - 2024
«Олоҥхо ыһыаҕа Аммаҕа: эпос, утум салҕаныыта, сайдар саҕахтар» XIV научнай-практическай кэмпириэнсийэ олуктарынан үлэтэ 15 хайысханан икки күнүн буола турар. Манна өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан, куораттарыттан барыта 200-тэн тахса кыттааччы бииртэн биир интэриэһинэй, сонун тиэмэлэрдээх үлэлэрин кэпсииллэр, экспердэр иннилэригэр көмүскүүллэр. Икки күннээх олуктарынан үлэни наука дуоктардара, кандидаттара, доценнар, култуура, ускуустуба эйгэтин үлэһиттэрэ сыаналыыллар. Кыттыы тиэмэлэрэ даҕаны киэҥ. […]
Ыам ыйын 17 күнүгэр Амма улууһугар быйыл ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр кэмитиэт көһө сылдьар сүбэ-мунньаҕа буолла. Суолталаах тэрээһин туһунан Амма улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Бураев сиһилии иһитиннэрдэ: — Сүбэ-мунньахха СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Амма улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр кэмитиэтин салайааччыта Сергей Местников, Ил Түмэн спикерин бастакы солбуйааччы, СӨ Олоҥхо ыһыаҕын иккис Уон сылын […]
Ыыам ыйын 17 күнүгэр Амма улууһугар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр кэмитиэт мунньахтаата. СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников ыһыах ыһыллар сирин, тутууну, бырагырааманы көрдө-иһиттэ. Сергей Местников: «Бүгүн биһиги Амма улууһугар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр кэмитиэтин мунньаҕын ыыттыбыт. Манна күн бастакы аҥаарыгар ыһыах түһүлгэтигэр тутулла турар үлэ хаамыытын билистибит. Маны ортотунан сыаналаатахха, 70 бырыһыан туолбут. Билигин бу хаалбыт […]
Аммаҕа ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийии боппуруостарынан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников тэрийэр кэмитиэт мунньаҕын ыытта. Ыһыах буолара чугаһаан, тэрээһин боппуруостара сытыырхайдылар. Билигин «Амма», «Бөтүҥ» суолларга өрөмүөн ыытыллар. Суолларга быылы аҕыйатыы үлэтэ былааннанар. Тырааныспар хамыыһыйата Амма сэлиэнньэтигэр массыыналар, оптуобустар тохтуур сирдэрин, айанныахтаах суолларын, о.д.а. көрдө-иһиттэ. Ыһыах кэмигэр суоллары сабыы буолуон сөп. Хамыыһыйа көрөн-истэн баран, этиилэрин […]
Быйыл Амма улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии үлэтэ бары хайысхаларынан тэтимнээхтик бара турар. Бу күннэргэ СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Афанасий Ноев XVII Олоҥхо ыһыаҕын режиссерскай туруорар бөлөҕүн мунньан, өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах тэрээһин аһыллыытыгар сыһыаннаах сүбэ мунньаҕы тэрийэн ыытта Хаартыска — Амма улууһун дьаһалтатын телеграм-ханаала Амма муниципальнай оройуонун дьаһалтатын ТГ-ханаала иһитиннэрбитинэн, Олоҥхо ыһыаҕын тэрийээччилэр сүрүн соруктара — […]
Олоҥхо ыһыаҕын биир чаҕылхай түгэнинэн Амма улууһугар 100 мусукаан кырыымпаҕа оонньуоҕа. Бу сыалга 2020 сылтан олохтоох маастардар 70 кырыымпаны оҥорбуттара биллэр. Сыл устата кырыымпаны оонньууга маастар-кылаастар ыытыллыбыттар. Маастар-кылаастары Амма орто оскуолатын учуутала Василий Неустроев, «Кыл саха» ансаамбыл салайааччыта Анна Томская, Олоҥхо тыйаатырын артыыстара Айсен Кысылбаиков уонна Прокопий Сыроватскай ыыттылар. Хаартыска: sakha.gov.ru Ыһыах кэмигэр норуот худуоһунньуга […]
Бу күннэргэ Амма улууһугар XVII өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа буолара 100 хонук хаалбыт үөрүүлээх бэлиэ күнүн көрсө нэһилиэктэргэ араас тэрээһиннэр буола тураллар. Хаартыска — Евдокия Платонова тиксэриитэ Болугурдааҕы Майрод Ноговицын аатынан култуура киинин уус-уран салайааччыта Евдокия Платонова бэрт кэрэхсэбиллээх тэрээһин туһунан бу курдук кэпсээтэ: “Орто туруу дойду төрүт кэскилэ — Олоҥхо” диэн ааттаан «Колосок» уһуйаан иитиллээччилэрэ, Е.Е. […]
XVII өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар сиэри-туому ыытарга 19 эбийиэк болдьохтоох кэмигэр тутуллуо. Бу туһунан Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников Бырабыыталыстыба отчуотугар иһитиннэрдэ. Хаартыска «Амма олоҕо» улуус хаһыатыттан «Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии толору баран иһэр. Амма улууһун нэһилиэктэрин олохтохторо бары бэлэмнэнии үлэтигэр кытта сылдьаллар. Барыта 19 эбийиэк тутуллуохтаах, үлэ ааспыт сылтан саҕаламмыта. Бэдэрээччит даҕаны сылаас күн-дьыл үүнэрин кэтэһэн […]
Хаартыска Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин тиксэриитэ. Тааттаҕа Ийэ олоҥхоһут П.Е.Решетников-Көһөҥө Бүөтүр төрөөбүтэ 95, олоҥхоһут, ырыаһыт, чабырҕахсыт, фольклорист М.Н.Андросова-Ионова төрөөбүтэ 160 сылларыгар анаммыт олоҥхону нэһилиэнньэнэн толоруу тэрээһинэ буолла. Күөн күрэскэ быйыл 11 нэһилиэктэн 102 олоҥхону толорооччу кытынна. Түөлбэ олоҥхолорун П.А.Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур», «Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо», П.Е.Решетников-Көһөҥө Бүөтүр «Айыы Дьураҕастай», М.Н.Андросова-Ионова «Үүт Аас бэйэлээх Үрүҥ […]
Амматааҕы лиссиэйгэ «Олоҥхо — саха олоҕо» улуустааҕы сэминээр, маастар-кылаас буолан ааста. Сэминээри лиссиэй географияҕа учуутала Алена Быстрова, биология учуутала Александра Давыдова, уруһуй учуутала Анна Михайлова, педагог-бибилэтиэкэр Анна Алексеева уонна саха тылын учуутала Наталия Рязанская ыыттылар. Саха киһитин сиэринэн, маастар-кылааска кэлбит ыалдьыттары алгыһынан уонна саламааттаах алаадьынан, быырпаҕынан айах тутан күндүлээтилэр. Салгыы лиссиэй 7 кылааһын үөрэнээччитэ Өркөн Солдатов тус […]
Бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев Аммаҕа бэс ыйын 20-21 күннэрин эргин ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии боппуруоһунан сүбэ мунньаҕы ыытта. Өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар Олоҥхо ыһыаҕа 2006 сылтан ыытыллар. Ону тэрийэн ыытарга анаан анал эбийиэктэр тутуллаллар, култуура тэрилтэлэрин материальнай-тэхиньиичэскэй баазалара бөҕөргүүр, суол-иис өрөмүөннэнэр, уопсастыбаннай эйгэ тупсарыллар. Ил Дархан Айсен Николаев мунньах саҕаланыытыгар ыһыаҕы тэрийэргэ булгуччу бары быраабыла уонна […]
СӨ судаарыстыбаннай былааһын ситэриилээх уорганын отчуотун кэмигэр нэһилиэктэринэн сылдьан көрдөххө, Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии үлэтэ көхтөөхтүк барар. Хаартыска: Мария Васильева, СИА. Аммаҕа ыһыллар Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии ааспыт сылтан барар, өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрийэр кэмитиэт бигэргэммит былааннаах үлэни ыытар. Онно олоҕуран 120 мөл. солк. суумалаах үп көрүллүбүт. Манна айымньылар күрэстэрин ыытар түһүлгэлэр — ураһалар, балаҕаннар, атын даҕаны дьиэ-уот тутуллуоҕа. […]
СӨ ситэриилээх былааһын отчуота бүгүн Амма улууһун Мээндиги нэһилиэгиттэн саҕаланна. Нэһилиэк «Алгыс» сынньалаҥ киинигэр арыый эрдэлээн тиийбиччэ нэһилиэнньэни кытта кэпсэтэбин. Кулууп дириэктэрэ Светлана Попова мээндигилэр туох сонуннааххыт диэн сахалыы сиэринэн туоһулаһыыбар: «Олоҥхо ыһыаҕынан олоробут» — диэн баран сэһэргэһэ түһээт — миигин батыс, -диэт сыана кэтэҕин диэки сабыыны арыйан ыҥырар. Киирбитим — сиргэ кыл бөҕө тэлгэммит. «Быйыл Аммаҕа […]
Быйыл сайын Олоҥхо ыһыаҕа Кыыс Аммаҕа ыһыллар буолан, тэрээһин үлэ күөстүү оргуйар. Бу күннэргэ Олоҥхо институтун научнай үлэһитэ, аммалар бэйэлэрин уоллара Юрий Борисов, өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ассоциациятын салайааччыта Феврония Шишигина, Амма улууһун баһылыгын социальнай боппуруоска солбуйааччыта Ньургуйаана Илларионова Олоҥхо институтугар көрсөн, кулун тутар 21-22 күннэригэр, Аммаҕа ыытыллыахтаах научнай-практическай кэмпириэнсийэ торумун дьүүллэстилэр. Ол курдук, Аммаҕа ыһыллар Олоҥхо ыһыаҕа «Саҥарар саҥам сататын сабаҕалаан, […]