События / Бэлиэ түгэннэр
Казахстаҥҥа Саха Өрөспүүбүлүкэтин күннэрэ муус устар 18-24 күннэригэр буола турар. Бү күннэргэ дэлэгээссийэ Астана, Алматы, Петропавловскай куораттарынан саха култууратын үгэстэрин көрдөрөллөр. Бэлиэтээн эттэххэ, биир ситимҥэ киирбит өрөспүүбүлүкэ Олоҥхотун дьиэлэрин үлэһиттэрэ тас дойдуга аан маҥнайгытларын айаннаатылар. Сунтаартан С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан Норуот айымньытын кииниттэн дириэктэр Алексей Дмитрьевич Седалищев, фольклорга исписэлииһэ Туяра Аркадьевна Алексеева, В.С. Николаев аатынан […]
Итинник диэн илдьит социальнай ситиминэн тарҕанна. Видеотун арыйан көрбүтүм — улахан киһи сахалыы хомуһуолун кэтэн олорон олоҥхолуур оҕо эбит. Аата Сайдам Алексеев диэн. Үс саастаах. Уус Алдан улууһун Тумулугар олорор эбит. Кинини ким да анаан үөрэппэтэх. Бэйэтэ ютубу көрөн үтүктэр эбит. Аны оонньууругар ойуун уонна алгысчыт буолар үһү. Чороону кытыйаны сэҥээрэр, онон балаҕан туттарар эбит. […]
Бу күннэргэ Дьокуускай куоракка бүлүүлэр норуот күүһүнэн турбут «Ньургун Боотур» операны Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырын үрдүк сыанатыгар көрдөрбүт эбит буоллахтарына, ыраах Казахстан Астана куоратын 700-тэн тахса миэстэлээх «Астана Балет» тыйаатырыгар Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырын 200-чэкэ артыыһа кыттыылаах “Ньургун Боотур” операны нууччалыы тылбааһынан көрдүлэр. 1940, 1947, 1957 «Ньургун Боотур» ( […]
Казахстаҥҥа Саха Сирин күннэрин чэрчитинэн Астанаҕа К.Куанышбаев аатынан музыкальнай-драматическай тыйаатырга Олоҥхо тыйаатыра Н.П. Бурнашев-Боодьоҕос «Кыыс Дэбилийэ» олоҥхотун көрдөрдө. «Бүгүн Казахстан национальнай түмэлигэр норуот прикладной ускуустубатын быыстапкатын аһыллыыта буолбута. Саала иһэ тобус-толору, ол аата биһиги өрөспүүбүлүкэбит култууратын, саха норуотун туһунан интэриэс баарын туоһулуур. Өссө сэбиэскэй кэм саҕаттан биһиги култуурабыт диэйэтэллэрэ, ааттаах-суоллаах артыыстар кэлэн, Саха сирин ускуустубатын, […]
Арассыыйаҕа — Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр — Оҕо саас уонна Сунтаар улууһугар Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сылынан “Оҕо уонна олоҥхо үөрэҕэ” улуустааҕы сэминээр-практикум ыытылынна. Бу сэминээр Сунтаардааҕы 3№-дээх оскуолаҕа “Оҕо уонна олоҥхо” бырайыак чэрчитинэн, тыйаатыр эйгэтигэр олоҥхо ырыатыгар-тойугар олоҕуран буолла. Бырайыак ааптара Туяра Алексеева, С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан УНАК сүрүннүүр исписэлииһэ, эбии үөрэхтээһин уһуйааччыта, Өрөспүблүкэтээҕи, улуустааҕы тойук, […]
2022 сыллаахха САССР 100, итиэннэ композитор Марк Жирков төрөөбүтэ 130 сылларынан бүлүүлэр, сыанаҕа оонньоммотоҕо 75 сыл буолбут “Сыгый Кырынаастыыр” операны толору туруоран, Москубаҕа тиийэ көрдөрбүттэрэ. Норуот күүһүнэн турбут испэктээк бэркэ табыллан, онтон кынаттанан, аны “Ньургун Боотур” олоҥхону ылсарга соруммуттара. Өскөтүн “Сыгый Кырынаастыырга” үлэлэспит, оонньообут дьон ахсаана быһа холуйан 150-ча эбит буоллаҕына, бу “Ньургун Боотурга” 200-чэкэ киһи […]
Быйыл Амма улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии үлэтэ бары хайысхаларынан тэтимнээхтик бара турар. Бу күннэргэ СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Афанасий Ноев Олоҥхо ыһыаҕын режиссерскай туруорар бөлөҕүн мунньан, өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах тэрээһин аһыллыытыгар сыһыаннаах сүбэ мунньаҕы тэрийэн ыытта. Амма муниципальнай оройуонун дьаһалтатын ТГ-ханаала иһитиннэрбитинэн, Олоҥхо ыһыаҕын тэрийээччилэрин сүрүн соруктара — хаалбыт кылгас кэмҥэ бэлэмнэнии үлэтин сүрүн […]
Ытыктабыллаах эдэр дьоммут, төрөппүттэр, уһуйааччылар, төрүт үгэһи сэҥээрээччилэр! Дьокуускай куорат «Арчы дьиэтэ» култуура духуобунай киинэ, Дьокуускай куорат «Айыы итэҕэлэ» олохтоох итэҕэл тэрилтэтэ «МУУС УСТАР — КЭРЭНИ, ТАПТАЛЫ ТҮСТҮҮР АЙЫЫҺЫТ ЫЙА» диэн сэһэҥҥэ ыҥыраллар. Сэһэннэри ыыталлар:«‘АЙЫЫҺЫТ ҮӨРЭҔЭ» — Попова Г.С.- Санаайа, педагогическай билим кандидата, культуролог.«ЫАЛ БАРҔАТА» — олоҥхоһут, алгысчыт П.М. Тихонов-Тэрчи,«АЙЫЫҺЫТ ЫЙЫН ТУОМНАРА» — Нам улууһун […]
Оҕо ааҕар киинигэр Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Василина Баланова кырачааннарга олоҥхо туһунан кэпсээтэ, тутулун, сүрүн идиэйэтин, ис хоһоонун, суолтатын, дьоруойдарын туһунан оҕоҕо олус тиийимтиэтик быһааран биэрдэ. Кини төрөөбүт тыл киһиэхэ оруолун, сабыдыалын, кэскилин туһунан санааларын үллэһиннэ. Тылын билбэт киһи хайдах буоларын холобурдарга тирэҕирэн өйдөттө. Сахалыы саҥара сатыылларыгар уонна Олоҥхо тыйаатырын туруорууларыгар сылдьалларыгар ыҥырда. Көрсүһүү түмүгэр олоҥхо […]
Саха ырыатын-тойугун, үҥкүүтүн-битиитин, оһуокайын ХХ үйэҕэ киэҥник тарҕаппыт, саҥа кэмҥэ сүтэн хаалбатыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбит С.А. Зверев-Кыыл Уола төрөөбүтэ 125 сылы көрсө, сунтаардар «Тоҕус оһуордаах түһүлгэ» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот уус-уран айымньытын күрэһин Дьокуускай куоракка муус устар 9-10 күннэригэр үрдүк таһымнаахтык ыыттылар. Күрэс Кыыл Уолун тоҕус дьоҕурун билиһиннэрэр түһүлгэлэринэн хайысхаланан барда: “Тойон ымыйа тула мустан” – […]
В Вилюйске во Дворце культуры с большим успехом прошла премьера героической оперы-олонхо «Ньургун Боотур». Первая национальная якутская опера была создана композитором Марком Жиркова и Генрихом Литинским. Масштабное произведение впервые поставлено силами художественной самодеятельности Вилюйского района, земляками Марка Жиркова. Это второй случай, когда постановка произведения классического искусства осуществляется народным коллективом. В 2022 году также на вилюйской […]
2023 сылга Олоҥхо дьиэлэрин ситимнэрин сайыннарыыга эрэгийиэн бүддьүөтүттэн 50 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ. Онон айар бырайыактары олоххо киллэриигэ уонна матырыйаалынай-тиэхиньиичэскэй баазаны тупсарыыга Олоҥхо уон дьиэтэ субсидия ылбыта. Өрөспүүбүлүкэ уон улууһун Олоҥхотун дьиэтэ бу үбү олоҥхо матыыбынан испэктээктэри туруорарга, култуура-маассабай тэрээһинэригэр, аппаратуура атыылаһарга, көстүүмнэри тигэргэ туһанар кыахтаммыта. Олоҥхо кииннэрэ өрөспүүбүлүкэ бары кэриэтэ улуустарыгар сыыйа-баайа аһыллаллар. Кииннэр матырыйаалынайа […]
Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уолун сүдү талааныгар сүгүрүйэн, 125 үбүлүөйдээх сылын көрсө, «ТОҔУС ОҺУОРДААХ ТҮҺҮЛГЭ» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот уус-уран айымньытын күрэһэ Дьокуускай куоракка муус устар 9-10 күннэригэр ыытыллар. Сунтаар улууһугар 2018 сылтан муус устар 9 күнүгэр улуу ырыаһыт, оһуохайдьыт, үҥкүүһүт Сергей Зверев-Кыыл Уолун күнэ бэлиэтэнэр. Бу кини төрөөбүт бэлиэ күнэ буолбатах, аар тайҕа ырыаһыта бастакы улахан […]
“Айыллык” норуот айымньытын дьиэтигэр М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхону чинчийэр билим үнүстүтүүтүн “Лингвофольклористика” салаатын салайааччыта, филология билимин хандьытаата Юрий Борисов ыалдьыттаата. Амма улууһугар XVII төгүлүн ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын көрсө, эдэр олоҥхоһут “Ааттаах олоҥхоһуттар аартыктарынан, ытык кырдьаҕастар ыллыктарынан” диэн бырайыагын чэрчитинэн, былыргылыы нэһилиэктэринэн кэрийэ сылдьан, олоҥхо киэһэлэрин тэрийэр. Аны оннук дьоро киэһэ Сатаҕай түөлбэтигэр буолла. Былыр […]
Глава Якутии проверил ход строительства Арктического центра эпоса и искусств в столице республики. Работы на объекте идут полным ходом и согласно графику. Крупнейший на Дальнем Востоке культурный кластер начнет деятельность с 2025 года. «Могу сказать, что это будет уникальный, прекрасный объект. Как раз к началу игр «Дети Азии» фасад здания примет свой окончательный облик. Завершается […]
ХИФУ бэрэпиэссэрэ Галина Попова-Санаайа бырайыагынан ыытыллар “Куйуур олоҥхото” күөн күрэс быйыл Мэҥэ Хаҥалас улууһун I Тыыллыма нэһилиэгэр буолла. 18-35 диэри саастаах 12 толорооччу, араас улуустан тоҕуоруһа мустан, икки күн устата олоҥхолоон иһитиннэрдэ. Түмүккэ “Кылаан чыпчаал” үрдүк аатын Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Гаврил Мэҥкээрэп ылла. Киниэхэ 80 тыһыынча солкуобай суумалаах сэртипикээт туттарылынна. Санатан эттэххэ, былырыын Уус Алдан […]
“Урут наар тура-тура, бары “Дьулуруйар Ньургун Боотуртан” быһа тардан ааҕар эбит буоллахтарына, кэлиҥҥи кэмҥэ репертуардара кэҥээн иһэрэ хайҕаллаах. Ити сылын аайы олоҥхо кинигэлэрин бэчээттэтэн таһаартарарбыт үтүө түмүгэ: үйэтитии үлэтин көдьүүһэ көһүннэ”, — диэн этилиннэ кулун тутар 30 күнүгэр Дьокуускай куорат «Арчы дьиэтэ» култуура духуобунай киинигэр ыытыллыбыт “Уруйдан, улуу олоҥхобут” күрэс-бэстибээлгэ. Чахчыта да, быйыл түөлбэ олоҥхотун […]
М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхону чинчийэр үнүстүүтэ «НОО! – олоҥхону олоҕурбут ньыманан толоруу холобурдара» мобильнай сыһыарыыны сүрэхтээтэ. Бу сыһыарыы саха улуу олоҥхотун тыыннаах дорҕооннорун киэҥ эйгэҕэ таһаарар, тарҕатар аналлаах оҥоһулунна. Барыта 33 олоҥхоһут 117 олоҥхотун ырыата уонна 56 олоҥхолорун сэһэнэ киирдэ. Ол иһигэр 120 сыл анараа өттүнээҕи, 1902, 1903 сыллардааҕы, сэдэх аудио-устуулар бааллар: Иван Петров […]
Олоҥхону үгэс быһыытынан биирдиилээн уонна куолаан толорууга өрөспүүбүлүкэтээҕи IX аһаҕас бэстибээл кулун тутар 30 күнүгэр Дьокуускай куорат «Арчы дьиэтэ» култуура духуобунайкиинигэр ыытыллар. Тэрийээччилэр: Бэстибээл тосхоло:10.00 ч. – Бэлиэтэнии.10.30 ч. – Бэстибээл үөрүүлээх арыллыыта, алгыс сиэрэ-туома.11.00 ч. – Олоҥхону чинчийээччи, Олоҥхо киинин салайааччыта, филологиябилимин хандьыдаата Агафия Еремеевна Захарованы эҕэрдэлээһин;
“Олоҥхонон сирдэтэн, олоҥхолоох айан” бырайыагынан Илиминиир нэһилиэгэр сырыттыбыт. Сунтаардааҕы С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан Норуот айымньытын киинин үлэһиттэрэ Мария Афанасьевна Тараярова, Туяра Аркадьевна Алексеева Илимниир ситэтэ суох орто оскуолатыгар “Олоҥхонон сирдэтэн, олоҥхолоох айан” бырайыагынан үөрэнээччилэри кытта көрсүһүү тэрийдилэр. Көрсүһүүгэ 36 оҕо сырытта. Манна олоҥхо, оһуокай, тойук туһунан өйдөбүллэринэн киирии тыллаах олоҥхо истиитэ буолла. Девид Васильев Сунтаардааҕы […]