События / Бэлиэ түгэннэр
Бэс ыйын 11-12 күннэригэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хара нэһилиэгэр XII төгүлүн ыытыллар «Үйэлээҕи үксэтэр, кэскиллээҕи кэҥэтэр” Олоҥхо ыһыаҕар үгэс буолбут “Ойор күннээх орто дойдуну хоһуйдахпыт буоллун” олоҥхо күрэһэ ыытылынна. Олоҥхо күрэһэр улахан дьоҥҥо биирдиилээн олоҥхону толорооччуларга Дьокуускайтан, Тааттаттан, Мэҥэ Хаҥаластан 13 олоҥхону толорооччу, Дьокуускайтан 7 бөлөх, Дьаҥхаадыттан, Аллараа Бэстээхтэн, Майаттан, оҕолорго 7 кырачаан олоҥхону толорооччу, […]
Чурапчы улууһун Хайахсыт нэһилиэгэр бэс ыйын 12 күнүгэр улуу олоҥхоһут Иннокентий Гурьевич Тимофеев-Теплоухов төрөөбүтэ 155 сылыгар анаммыт «Айыы алгыһынан, олоҥхоһут тойугунан» ыһыахха Олоҥхо тыйаатырын артыыстара кыттан кэллилэр: Александр Дьячковский-СААРЫН, Василина Баланова-КЭРЭМЭС ЛЫҤКЫР, Яна НЮРГУСОВА, Дмитрий ЗАХАРОВ. Нэһилиэк баһылыга Тарас Лукич Тарасов-Тускулга, кулууп үлэһиттэригэр, олохтоохторго сылаастык көрсүбүккүтүгэр барҕа махтал!
Алгыстаах Аммабытыгар Олоҥхо ыһыаҕа буолара чугаһаатар чугаһаан иһэр. Сардааналаах кырдалбытыгар, дьэдьэннээх халдьаайыбытыгар, самаан сайын сатыылаан турдаҕына, бу үөрүүлээх күммүтүтүгэр үөрүүбүтүн үллэстэ, ыалдьыттары көрсүөхпүт. Билигин бэлэмнэнии үгэнэ буола турар. Амма улууһугар Олоҥхо сылын чэрчитинэн, Эмис орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, учууталлара, үлэһиттэрэ туора турбакка, биир санаанан үлэлээн-үөрэнэн кэллибит: ол курдук үөрэх дьылын түмүктүүр күммүтүгэр, саха норуодунай суруйааччыта Владимир […]
Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо XVII ыһыаҕар 15 тыһыынчаттан тахса ыалдьыт уонна кыттааччы кэлэрэ күүтүллэр. Сүрүн дьаһаллары тэрийэргэ уонна ыытарга 3,5 тыһыынчаттан тахса киһи кыттыаҕа. Араас куонкуруска уонна успуорт күрэхтэһиилэригэр 32 улуустан уонна куораттар уокуруктарыттан барыта 2 тыһыынчаттан тахса киһи кэлиэҕэ. Санатан эттэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, Олоҥхо бырааһынньыга бэс ыйын 20-21 күннэригэр Амма сэлиэнньэтигэр буолар. Ыһыах бырааһынньыгын үгэстэринэн, […]
Олоҥхо ыһыаҕа буолара икки нэдиэлэни кыайбат кэм хаалла. Ону көрсө ыытыллыбыт «Олоҥхо — өбүгэ ситимэ» мас уустарын үс күннээх өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэрэ буолан ааста. Уустар 2 миэтэрэ үрдүктээх, 40-60 см кэтиттээх бэрэбинэттэн олоҥхо тиэмэтин арыйар, дьоруойдарын билиһиннэрэр мас скульптуралары кыһан-чочуйан оҥордулар. Бу үлэлэр Амма И.А. Швердин аатынан пааркатыгар туруохтара,. ол курдук Амма улууһугар ыытыллар Олоҥхо […]
Амма сиригэр-уотугар Олоҥхо ыһыаҕа ыһыллара биир ыйы кыайбат кэм хаалла. Маннык улахан тэрээһиҥҥэ улуус дьоно-сэргэтэ бэлэмнэммитэ ыраатта. Хас биирдии нэһилиэккэ ситии хатыытыгар, олбох тигиитигэр түһээн түһэриллэн турар. Ол сорудахтарын хас биирдиилэрэ олус эппиэтинэстээхтик толороллор. Бу күннэргэ Соморсун олохтоохторо 500 миэтэрэ ситиини хатан, Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэниигэ улахан көмөнү оҥордулар. Трофимова Мария Егоровна – нэһилиэк иннитигэр уктар, тарбаҕар […]
Ыам ыйын 31 күнүгэр киэһэ 18.30 чааска Олоҥхо тыйаатырын Индия былыргы драматура, поэта Калидаса “Шакунтала” поэматынан “САХААНТАЛА” испэктээк премьератыгар ыҥырар. Аан дойдуга аатырбыт Индия классическай айымньыта аан бастаан сахалыы саҥарыа, дорҕоон тойугунан туругуруо! Уус-уран салайааччы – Андрей БОРИСОВТуруорааччы режиссер – Степанида БОРИСОВАТылбаасчыт – Наталья Михалева-САЙА🎭Сүрүн оруолларга:Сахаантала — Наталья СлепцоваДуулаҕа Бэргэн Ыраахтааҕы — Владимир Михалев “Кэрэ […]
Ыам ыйын 17 күнүгэр Амма улууһугар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр кэмитиэт мунньахтаата. СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников ыһыах ыһыллар сирин, тутууну кэрийэ сылдьан көрдө-иһиттэ, бырагырааманы сиһилии билистэ. Сергей Местников: «Бүгүн биһиги Амма улууһугар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр кэмитиэтин мунньаҕын ыыттыбыт. Манна күн бастакы аҥаарыгар ыһыах түһүлгэтигэр тутулла турар үлэ хаамыытын билистибит. Маны ортотунан сыаналаатахха, 70 бырыһыан […]
В программу Ысыаха Олонхо, который пройдет 20 и 21 июня в Амгинском районе вошло более 80 мероприятий. В церемонии открытия и закрытия фестиваля примут участие более 1200 человек. Это будут коллективы государственных учреждений культуры: Театр Олонхо, Государственный цирк Якутии, Национальный театр танца Якутии имени С. А. Зверева-Кыыл Уола, Арктический государственный институт культуры и искусств (АГИКИ), […]
Амма ыһыаҕар 100 киһи тэҥинэн кырыымпалыырыгар анаан, Амма маастардара билиҥҥитэ 70 кырыымпаны оҥордулар. Бу үлэ 2020 сылтан саҕаламмыта. Билэргит курдук, Саха Сиригэр кырыымпаны тарҕатааччы, «Кыл саха» бөлөх салайааччыта Анна Томская Амматтан төрүттээх. Онон эрдэттэн бырагыраамаҕа киллэртэрэн, 100 кырыымпы кыҥкыныы тыаһыыра Олоҥхо ыһыаҕын уратыта буолар чинчилээх. Амматааҕы Оҕо ускуустубатын уһуйааччыта Василий Неустроев, Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Айсен […]
Бу күннэргэ Киргизия киин куоратыгар Бишкеккэ Арассыыйа култууратын министиэристибэтэ «Большие гастроли» диэн бырагырааматын үбүлээһининэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Опера уонна балет тыйаатырын «Ньургун Боотур» операта сөҕүмэр ситиһиилээхтик көһүннэ. Операҕа кыттар Олоҥхо тыйаатырын артыыстара күнүскү эрэпэтииссийэ уонна киэһээҥҥи испэктээк быыһыгар бириэмэ булан, Саха уонна Киргизия өрөспүүбүлүкэлэрин олохтоспут Максим Кирович Аммосов пааматынньыгар сүгүрүйэн сибэкки уурдулар. Максим Аммосов саха олоҥхото […]
Амма нэһилиэгин дьаһалтата күүстээх субуотунньугунан Маай бырааһынньыктарын көрүстэ. Кэлэктиип эр дьоно Олоҥхо ыһыаҕар туттуллар реквизиттэри бэлэмнээтилэр. “Нэһилиэк дьаһалтатыттан уонна Федот Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтин эр дьоно, уопсайа 13 буолан Олоҥхо ыһыаҕар туттуллуохтаах рекизиттэри оҥордубут. Ол курдук, 80 үҥүү, бухатыыр 80 батаһа, абааһы 40 батаһа, бухатыыр 80 куйаҕа уонна абааһы 40 куйаҕа бэлэмнэннэ. Барытын лобзигынан […]
Олоҥхо үнүстүүтүн дириэктэрин эбээһинэһин толорооччу Руслан Анисисов «Олоҥхону олоҕурбут ньыманан толоруу холобурдара» мобильнай сыһыарыы туһунан «Якутия24» ханаал биэриитигэр кэпсээтэ. 13 сылы быһа хомуйан оҥорбуттар эбит. Сиһилии интервьюга истиҥ.
Нам улууһун П.П.Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан Олоҥхо дьиэтин дириэктэрэ Вера Васильевна Колпашникова сахалыы таҥастарын кэллиэксийэтин көрүҥ. Вера Васильевна «Мин сахалыы таҥаһы сайын буоллун, кыһын буоллун, күн аайы кэтэбин», -диэн кэпсиир. Биһиги анал бырааһынньыктарга, үбүлүөйдэргэ эрэ сахалыы таҥнабыт. Онон Вера Васильевна холобурун батыһан, сахалыы күн аайы таҥнарга кыһаллыаҕыҥ!
Д.Ф. Ходулов аатынан норуодунай тыйаатыр 60-с үбүлүөйдээх театральнай сезонун түмүктүүр тэрээһиҥҥэ «Аан Дархан этээччи», «Олоҥхо-баттл» кыайыылааҕа Станислав Иванов бэйэтэ айбыт «ХОРСУН ХООДУОТ ХАТАН БООТУР» олоҥхотунан испэктээк премьерата буолар. ⚜️Туруорааччы-режиссер — Данил ОСИПОВ;⚜️Көстүүм — Мария СОЛОВЬЕВА, Татьяна СЛЕПЦОВА, Вероника БЫГАНОВА;⚜️Худуоһунньук — Валерий ЭВЕРСТОВ;⚜️Музыка — Алексей ЕФИМОВ. Киирии билиэт сыаната:Оскуола оҕолоругар — *200 солк.* _(каассаҕа эрэ атыыланар)_Оскуола […]
Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Бүлүү улууһун уонна Чочу нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, алгысчыт, Ийэ олоҥхоһут, тойуксут, үҥкүү тылын этээччи, норуот ырыаһыта, хомусчут, уһуйааччы, Чочутааҕы норуот тыйаатырын режиссера Семен Иннокентьевич Иванов – Чочу Сэмэнэ төрөөбүтэ 90 сылыгар анаан ”Сүдү киһиэхэ сүгүрүйэбит” норуот тыйаатырдарын икки ардыларыгар олоҥхону туруорууга өрөспүүбүлүкэтээҕи күөн-күрэс муус устар 13 күнүгэр буолан ааста. Күрэххэ […]
Амма култууратын эйгэтигэр кэнники уонча сылга саамай күүтүүлээх, кэтэһиилээх, долгутуулаах тэрээһининэн бэс ыйын 19-21 күннэригэр ыһыллар Олоҥхо ыһыаҕа буолар. Онно бэлэмнэнии үлэ бары хайысхаларынан олус тэтимнээхтик, күннэтэ барар. Биир сүрүн болҕомто тутууга ууруллар. И.А. Швердин аатынан Амматааҕы култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар уопсайа 19 саҥа эбийиэк үлэҕэ киириэхтээх. Уопсайа 123 мөл. солк. тахса суумалаах тутуу хаамыытын […]
С большим триумфом завершились Дни Якутии в Казахстане! Завершающим мероприятием стал показ оперы-балета «Ньургун Боотур» на сцене Казахского национального театра оперы и балета им. Абая в Алматы. Для жителей и гостей Казахстана была также представлена обширная культурная программа мероприятий, среди них выступления ансамбля «Виртуозы Якутии», показы спектакля-олонхо «Кыыс Дэбилийэ», современных балетов «Геометрия движения» и «Сияющий […]
Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин Алматы куоратыгар ыытыллыбыт Саха сирин күннэрин бырагырааматыгар Амма, Уус Алдан, Нам, Мэҥэ Хаҥалас, Үөһээ Бүлүү, Сунтаар улуустарыттан Олоҥхо дьиэлэрин үлэһиттэрэ, олоҥхону толорооччулар, оһуокайдьыттар, алгысчыттар, норуот маастардара кыттыыны ыллылар. Муус устар 21 күнүгэр Алматы куоракка Ыхлас аатынан муусука үстүрүмүөннэрин түмэлигэр «Аан дойду эпостара ‒ Казахстаҥҥа» көрсүһүүлэрэ ыытылынна. Тэрээһини биир дойдулаахпыт Спиридон Григорьев-Илгэлээх Испиридиэн сахалыы […]
Амма бибилэтиэкэрдэрэ сыллата ааҕааччыларга хатыламмат «киэһэлэри» тэрийэллэр «Библионочь» диэн бибилэтиэкэ үлэтин атын халыыбынан көрдөрөр Бүтүн Арассыыйатааҕы тэрээһин ыытыллыбыта 12-с сыла буолла. Аахсыйа сыллата кэҥээн, дьон сэҥээриитин ылан, ааҕааччылар биир кэтэһэр күннэригэр кубулуйда. Күннүк Уурастыырап аатынан Амматааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ кэлэктиибэ быйыл даҕаны дьон эрэлин түһэн биэрбэтэ — «Библионочь» киэһэ хойукка диэри бииртэн биир интэриэһинэй бырагырааманан кэлбит […]